«Бичик» кинигэ кыһата Ньурбаҕа литература күннэригэр кытынна

05.09.2019
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 3-4 күннэригэр Ньурба улууһугар “Ньурба көмүс күһүнэ” диэн литература күннэригэр “Бичик” кинигэ кыһата кытынна.

Бастакы күн поэтесса, суруйааччы Клара Васильева 75 сааһын көрсө “Дьолум түһэ Ньурбабын Ийэм тэҥэ таптыыбын!” диэн литература бырааһынньыгар “Бичик” кинигэ кыһатын салайааччыта Август Васильевич Егоров, сүрүн эрэдээктэр Валерий Николаевич Луковцев, биллэр суруналыыс, Олоҥхо тыйаатырын литератураҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Майя Николаевна Власьева кыттыыны ыллылар.

Бастакы күн Клара Васильева хоһооннорун ааҕыы, букроссинг, “Бичик” кинигэлэрин атыыта, кинигэ закладкатын оҥорууга маастар-кылаас ыытылынна. Итиэннэ “Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Куочайга дьолум түһэ – күөх Ньурба” хоһоону уус-уран ааҕыыга күрэхтэһии, “Күөх Ньурбам ахтыыта – Күн санаам кыната…” Клара Васильева ырыа буолбут хоһооннорунан кутаа тула истиҥ киэһэ буолан ааста.

Литература бэстибээлигэр Дьокуускай куораттан, хас да улуустан, “Айар кут” түмсүүттэн 12 киһи сырыттылар уонна Сунтаар улууһуттан “Суһум” литературнай түмсүү кыттыыны ылла.

Онтон иккис күн “Мин сырдык санньыарым…” диэн саха бастакы поэтессата Варвара Потапова сырдык кэриэһигэр бастакы аудио-кинигэтин сүрэхтэниитэ ыытылынна. Салҕыы суруналыыс, суруйааччы С.П. Федотов төрөөбүт алааһыгар – Дьөттүҥҥэ А.С. Моякунов төрөөбүтэ 70 сылын бэлиэтээн ахтыы түгэнэ, Н.Т. Степанов аатынан литература уонна фольклор түмэлигэр экскурсия, Ньурбачааҥҥа Иннокентий Авксентьевич Дмитриев олорбут дьиэтигэр мемориальнай дуоска арыллыыта буолла, “Ньурба көмүс күһүнэ” литература бэстибээлэ Ньурба биир киэн туттар, талааннаах суруйааччыта Клара Дмитриевна Васильева төрөөбүт, үөскээбит Чаппандатыгар үрдүк таһымнаахтык түмүктэннилэр.

Наталья Протопопова, “Бичик” кинигэ кыһатын PR-менеджерэ.
Хаартыскаларга:  “Ньурба көмүс күһүнэ” литература күнүн түгэннэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0