Биһиги Сахабыт сирэ Россияҕа биир саамай ааҕар регионунан биллэр. Ону биһиги, туох да саарбахтааһына суох, бэйэбит национальнай кинигэ кыһалаах буоламмыт ситиһэбит диэтэхпитинэ, алҕаһаабаппыт.
Саха сиригэр сэлэлээн олорор норуоттар тыллара, култууралара сайдарыгар, духуобунас үрдүүрүгэр улахан сабыдыаллаах С.А.Новгородов аатынан “Бичик” национальнай кинигэ кыһата бу күннэргэ 90 сааһын бэлиэтээтэ.
Үбүлүөйдээх үөрүүлээх түгэҥҥэ бэйэтин дакылаатыгар “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Егоров бэлиэтээбитин курдук, Саха сиринээҕи кинигэ издательствота 1975 сыллаахха Москваҕа буолбут аан дойдутааҕы кинигэ быыстапка-дьаарбаҥкатыгар аан маҥнай кыттыаҕыттан 40 сыл ааста. 2001 сылтан ыла “Бичик” кинигэ кыһата тиһигин быспакка дойду, регион араас таһымнаах быыстапкаларыгар ситиһиилээхтик кыттан, омукпут, өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут аатын ааттатан кэллэ.
Аҥардас маннык да холобуру аҕаллахха, бу көннөрү тыллар буолбатахтарыгар итэҕэйэҕиҥ: 2013 сыллаахха “Бичик” кинигэ кыһата 486 кинигэни мөлүйүөнтэн тахса ахсаанынан таһааран,Сибиир уонна Уһук Илин бэчээтин кэнники сүүрбэ сылыгар рекорд олохтоон турар. 2015 сылга “Бастыҥ ааҕар регион” Бүтүн Россиятааҕы куонкурус түмүгүнэн Саха сирэ 75 кыттаачыттан уон бастыҥ ахсааныгар киирбитэ. Дойду үрдүнэн биллэриллибит Литература сылыгар анаан “Россия кинигэлэрэ” Москватааҕы фестивальга 300 издательство бастыҥ кинигэлэринэн кыттыыны ылбыта. “Бичик” кинигэлэрэ президент Владимир Путин болҕомтотун тарданнар, дойду салайааччыта быыстапканы көрүүтүн чуолаан бу Саха сирин кинигэтин кыһатын истиэндэтиттэн саҕалаабыта, оҕолорго аналлаах кинигэлэр хаачыстыбаларын хайҕаабыта үгүһү этэр.
Соторутааҕыта “Бичик” кинигэ кыһата Россия Кинигэни таһаарааччыларын ассоциацияларын делегациятын састаабыгар киирэн, Туркмения кинигэ издательствотын ыҥырыытынан Ашхабад куоракка тиийэн, норуоттар икки ардыларынааҕы кинигэ быыстапкатыгар ситиһиилээхтик кыттан кэллэ.
- Бу кыайыы-хотуу, өрөгөй үөрүүтэ элбэх киһи түмсэн, сүбэтин холбоон биир санааҕа кэлэн дириҥ хорутуулаах, ардыгар өрөбүлэ суох күүстээх үлэтиттэн, элбэх сыратыттан-сылбатыттан кэлэрэ өйдөнөр, — диир Август Васильевич.
Үөрэх кинигэтин таһаарабыт
Кырдьыга да оннук. Бүгүҥҥү күҥҥэ “Бичик” кинигэни көрөн-истэн бэчээккэ бэлэмниир түөрт эрэдээксийэлээх. Олортон, үлэтин далааһынынан биир саамай улахан болҕомтону ылар салаанан уруккута оҕо уонна үөрэх-методическай литература эрэдээксийэтэ – билиҥҥинэн Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинэ буолар.
“Бичик” национальнай кинигэ кыһатын иһинэн тэриллибит Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинэ быйыл, 2016 сыл бастакы чыыһылаларыгар, бэйэтэ туспа дьиэлэнэн-уоттанан, түөрт үлэһиттэнэн, аанын тэлэччи аста. Салайааччы – СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Марина Гаврильевна Макеева.
- Үлэбит хайысхата кэҥээн, Киин буоламмыт, урут учуобунньуктары, үөрэх босуобуйаларын үөрэх министиэристибэтин сакааһынан оҥорор эбит буоллахпытына, аны билигин ону таһынан, учууталларга аналлаах үөрэх-методическай сахалыы литератураны таһаарабыт.
2011 сыллаахха “Бичик” кинигэ кыһата Российскай Федерация Үөрэҕин министиэристибэтин бирикээһинэн үөрэх кинигэлэрин уонна үөрэх босуобуйаларын бэчээттээн таһаарар быраабы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр соҕотоҕун ылбыта. РФ үөрэҕин кинигэтин испииһэгэ баар, холобура, “Литература ааҕыыта”, манна 2013 сылга 1-4 кылаастарга үөрэх кинигэтин кэмпилиэгин киллэрдибит. Ааптардар – Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова. Онно эбии 2015 сылтан үөрэх кинигэтин электроннай форматын оҥорон киллэрдибит. Уопсайынан, электроннай учуобунньуктар үс операционнай систиэмэҕэ эппиэттиир буолуохтаахтар, ол курдук, андроид, айос уонна макос диэн. Ол аата, телефон хайа баҕарар көрүҥэр, планшетка, компьютер араас көрүҥэр барытыгар туттуллар. Билигин биһиги дискэнэн тарҕата олоробут, атынын барытын – интернеккэ “Бичик” сайтыгар страничка аһыахпыт, күлүүс биэриэхпит, онон хас биирдии оскуола компьютерыгар ити учуобунньуктары хачайдаан ылан, туһанар буолуоҕа, — диэн Марина Гаврильевна үлэҕэ саҥа сүүрээннэри билиһиннэрэр.
Мин бу Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинигэр сылдьан киһи болҕомтотун тардар үгүс саҥаны, сонуну иһиттим. Ол курдук, оҕоҕо аналлаах кинигэ бэрт үгүс ирдэбиллэргэ эппиэттиир буолуохтаах. Хас да экспертизаны ааһар эбит – уопсастыбаннай, техническэй (кумааҕытын, кырааскатын хаачыстыбата, ыйааһына), педагогическай уонна учуонай экспертиза. Манна этно-региональнай экспертиза эбиллэр. Начаалынай кылаастар учуобунньуктарын ыйааһына 350-400 граммтан аһары барыа суохтааҕын көннөрү киһи билбэт. Издателлэр ардыгар кыһалҕаттан, иккилии чааска үллэрэн бэчээттииллэр, оччотугар аны кинигэ сыаната үрдээн тахсар эбит. Ити бэйэтэ туспа проблема. Аны биир интэриэһинэйэ, үөһээ этиллибитин курдук, 2011 сыллаахха “Бичик” кинигэ кыһата РФ Үөрэҕин министиэристибэтин бирикээһинэн үөрэх кинигэлэрин уонна үөрэх босуобуйаларын бэчээттээн таһаарар быраабы ылбытынан сибээстээн, маннык бырааптара суох регионнар, холобур, Тыва, Алтай бэйэлэрин омуктарын учуобунньуктарын электроннай форматын биһиэннэригэр — “Бичиккэ” сакаастаан оҥоттороллор эбит. Бу эмиэ үчүгэй, үп киирэр буоллаҕа.
Үөрэх уонна оҕо кинигэтин салаатын ситиһиилэрэ үгүс, ону барытын кэпсиир кыах суох. Биир эрэ холобуру аҕалыым: Владивосток куоракка ыытыллар “Печатный двор-2015” ХХVIII Уһук Илиҥҥи быыстапка-дьаарбаҥкаҕа “Үөрэх мэтэдиичэскэй босуобуйалара” номинацияҕа кыһыл көмүс мэтээлинэн 2 кэмпилиэк наҕараадаламмыта: “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурата” 2-4 кылаастар уонна “Тыам тыла бараксан” долган тылынан итиэннэ “Я —настоящий человек” чукотскай тылынан ааҕар кинигэлэр.
Кириисиһинэн сибээстээн, дьон кинигэни ылыыта аччаата диэн, издателлэр үлэҕэ араас саҥа хайысхалары киллэрэргэ дьулуһаллар. Ол курдук, Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинэ тэрилтэлэри уонна биирдиилээн ааптардары кытта үлэтин кэҥэтиэҕэ, араас хайысхалаах куонурустары ыытыаҕа, үөрэх-методическай уонна сонун хайысхалаах оҕону сайыннарар бырайыактары оҥорон таһаарыаҕа. Үөрэх литературатын ис хоһоонугар олоҕуран, учууталарга, иитээччилэргэ аналлаах сүбэ тэрээһиннэри ыытыаҕа. Биир сонун хайысха – киин бэйэтэ сурунаал таһааран эрэр. Мин остуолга сытар “Олоҥхо ыллыктарынан айан” диэн Амма улууһун Өнньүөс оскуолатын учууталларын идиэйэлэринэн оҥоһуллубут остуол мүччүргэннээх онньууларын сэҥээрэ көрбүппэр…
- Аныгы кэм ирдэбилэ күүстээх, онон, бу курдук, араас креативнай быһаарыныылар наадалар. Аны ол саҥа бородууксуйабыт атыыга барыытыгар бэйэбит эппиэттиибит,- диир Киин салайааччыта Марина Макеева.
Ити курдук, бу Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинин холобуругар көрдөххө, “Бичик” кинигэ кыһатын бары да эрэдээксийэлэрэ, үбүлүөйдэрин үлэ үөһүгэр көрүстүлэр.
Татьяна МАРКОВА
Хаартыска: СИА