Бибилэтиэкэрдэр бэйэлэрин малларынан улуу Пушкиҥҥа быыстапка тэрийдилэр
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ улуу бэйиэт Александр Пушкин төрөөбүтэ үбүлүөйдээх 220 сылыгар анаммыт араас тэрээһиннэр киэҥ далааһыннаахтык ыытылла тураллар.
edersaas.ru
Дьокуускай куораттааҕы В.Г. Белинскэй аатынан киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ нуучча улуу бэйиэтэ Александр Пушкиҥҥа анаммыт улахан быыстапка, оҕолорго — «Ааҕыы сайыҥҥы сезона» диэн үөрүүлээх тэрээһиннэри ыыттылар.
Быйылгы үбүлүөйдээх быыстапка ураты ис хоһоонноох буолла.
—Үбүлүөйдээх тэрээһиннэри тэрийээччилэр сүрүн сорукпут — Александр Пушкин үйэлэргэ сүппэт айымньыларыгар ыччат болҕомтотун тардыы. Ол инниттэн быыстапканы бибилэтиэкэрдэр күннээҕи олоҕу кытта ыкса сибээстээх ис хоһооннообуттара сонуннук көһүннэ. Быыстапка эспэнээттэрэ — бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бэйэлэрин дьиэлэригэр кэриэстэбил оҥосто сылдьар тээбириннэрэ, кинигэлэрэ, айар үлэлэрэ, — диэн бэлиэтиир тэрээһиннэри салайар сүрүн бибилэтиэкэр Ньургуйаана Слепцова.
Холобур, бу улуу бэйиэт автографтаах хаас куорсуна — бибилэтикэр Елена Готовцева үйэлэргэ умнуллубат бэйиэт Александр Пушкин Санкт-Петербургдааҕы «Пушкин кыбартыыратыгар» турист быһыытынан сылдьан аҕалбыт ууруна сылдьар сувенира.
Быыстапка биир сүрүн киһини соһутар эспэнээтэ — бибилэтиэкэр Ия Никитина илиитинэн оҥорбут «Бэйэ таһаарыыта» («Самоиздат») кырачаан кинигэтэ. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, Ия Васильевна Пушкин мэтириэтин хара сабынан тигэн оҥорбут! Олох дьикти көстүү буолбат дуо? Бу манан бүппэт.
Хара дыраап матырыйаалга маҥан сабынан тигэн, Ия Никитина оҥорбут «Пушкин» паннота ханнык баҕарар улахан быыстапканы киэргэтэр эспэнээт.
Бибилэтиэкэр Ия Никитина «Встретимся у Пушкина» кинигэтэ иккитэ бэчээттэммит. Бастакыта — маннык кырачаан кинигэ улуу бэйиэт 200 сыллааҕы үбүлүөйүгэр тахсыбыт.
Иккис кинигэтэ — А.С. Пушкин 220 сыллааҕы үбүлүөйүгэр эбии саҥардыллан бэчээттэммит.
Оттон бу бибилэтиэкэр Екатерина Попова мааны бэрчээккэтэ Пушкин саҕанааҕы светскэй бааллары санатар. Дьахтар мааны биэйэрэ ол саҕанааҕы баал уруһуйдаах.
Александр Пушкин кэргэнэ Наталья Гончарова мөссүөннээх ажурнай араамалаах брошка — бибилэтиэкэр Людмила Ненахова анаан мунньубут кэллиэксийэтиттэн. Эмиэ — бэртээхэй эспэнээт.
Ити курдук, бибилэтиэкэрдэр аҕалбыт тээбириннэрин, кинигэлэрин тэҥэ өссө биир быыстапка мин болҕомтобун тарта. Ол — хартыына быыстапката. Буолаары буолан, көннөрү хартыына быыстапката буолбатах.
Бу үгүспүт оҕо сааһыттан билэр хартыыната. Аатырбыт худуоһунньук Иван Билибин акварель кыраасканан уруһуйдаабыт хартыыналара улуу бэйиэт Александр Пушкин айымньыларынан сэбиэскэй кэмҥэ тахсыбыт кинигэлэр, альбомнар киэргэллэринэн буолбута. Кини 1942 сыллаахха баара-суоҕа 34 сааһыгар эрэ күн сириттэн барбыт. Ол эрээри кини үйэлэргэ сүппэт үлэлэри хаалларбыта үйэлэри уҥуордаан — күн бүгүҥҥэ диэри улуу Пушкины санатар айылгылаахтар.
Улуу худуоһунньук акварелынан уруһайдарын быыстапката киһи болҕомтотун тардар гына бибилэтиэкэ киин истиэндэтигэр ыйаммыт.
Худуоһунньук Александр Пушкин айымньыларын хайдах уруһуйдаабытын туһунан бэрт сэргэхтик суруллубут ыстатыйаны киһи астына ааҕар. Быыстапка бу эспэнээтин уруһуйдарын ааҕааччы Татьяна Алексеева бэйэтин дьиэтээҕи архыыбыттан аҕалбыт.
Бибилэтиэкэр Ия Никитина улуу Пушкины саха бэйиэттэрэ, суруйааччылара тылбаастаабыт айымньыларын кыракый дьоҕус кинигэҕэ мунньан, туспа таһаарбыта — туспа сэһэн.
Сыл аайы улуу Пушкин төрөөбүт күнүттэн оҕолорго анаан «Ааҕыы сайыҥҥы сезона» тэрээһин саҕаланар. Бу тэрээһини бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ тэрийбиттэрэ уонтан тахса сыл буолла. Сайын аайы оскуолаларга аһыллар оҕо былаһааккаларын салайааччыларын кытта биир сүбэнэн үлэлиир буолан, лааҕыр оҕолоро ааҕар саалаҕа анаан кэлэн дьарыктаналлар.
Бүгүн Александр Пушкин төрөөбүт күнүгэр «Ааҕыы сайыҥҥы сезона» диэн тэрээһин аһыллыытыгар бибилэтиэкэр Светлана Севостьянова улуу бэйиэт айымньыларынан викторина оҥордо.
Оҕолор араас уустук боппуруостарга толкуй бөҕөҕө түстүлэр. «Оҕоруот аһа» уонна «Фрукта» хамаандалар бэрт уһуннук күөн күрэстэстилэр.
Ити курдук, В.Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ улуу бэйиэт Александр Пушкин 220 сыллаах үбүлүөйүн бэрт сэргэхтик тэрийэн ыыттылар. Бибилэтиэкэрдэр малларынан оҥоһуллубут быыстапка ыйы быһа туруоҕа.
Төһө да сыл, үйэ аастын, улуу бэйиэт А.С. Пушкин аатын кини айымньыларын сүгүрүйээччилэр — кыралыын-улаханныын өрүү сүгүрүйэ ахталлар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.