Бибилэтиэкэ сонун бырайыагы олоххо киллэрдэ

Ааптар: 
23.03.2019
Бөлөххө киир:

Быйыл Тыйаатыр уонна Сомоҕолоһуу сылынан сибээстээн Дьокуускай куораттааҕы В.Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар бэрт дириҥ ис хоһоонноох «Тыйаатыр. Аах уонна көр» диэн интэриэһинэй бырайыак үлэлиир.

edersaas.ru

Бырайыагы бибилэтиэкэрдэр Екатерина Попова, Елена Грайфер, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай тыйаатырын литературнай чааһын үлэһитэ, театровед Надежда Осипова уонна “Үһүс көлүөнэ» саастаах дьон кулууптарын иһинэн үлэлиир «Эрчим» доруобуйаны бөҕөргөтөр социальнай киин култуурунай сынньалаҥы тэрийээччитэ Татьяна Сергучева биир сүбэнэн кыттыһан сүрүннүүллэр.

Тэрээһиҥҥэ бэйэлэрин идэлэрин таһынан тустаах интэриэстэринэн ураты эбии айар дьарыктаах тыйаатыр артыыстара, кириитиктэрэ, режиссердара кыттыыны ылаллар. Биллэн турар, бу бырайыак үлэтин саҕалаат да, дьон болҕомтотун бэйэтигэр тарта.

«Кэпсиибин эйиэхэ эрэ анаан…»

Бу маннык киһини бэйэтигэр тардар ааттаах көрсүһүүгэ, ама, ким тугун барытын быраҕан кэлбэт буолуой? Буолаары буолан, ааттаах-суоллаах артыысканы кытта көрсүһүүгэ. Ол курдук, бырайыак «аанын» бастакынан АССР үтүөлээх артыыһа, СӨ народнай артыыската Зоя Багынанова «тэлэччи аһан киирдэ».

Кини бибилэтиэкэҕэ ааҕааччылары кытта көрсүһүүтүгэр артыыс курдук буолбакка, суруйааччы быһыытынан арылынна. Зоя Петровна хас биирдии кинигэтин хайдах суруйбутун, дьоруойдарын туһунан олох ис иһиттэн арыллан кэпсээтэ.

Мэктиэтигэр, хас биирдии киһи артыысканы кытта төрөөбүт алааһыгар тиийэн, кини биир дойдулаахтарын кытта бииргэ сылдьар курдук сананна.  Зоя Петровна кэргэнин Федот Потапов туһунан кинигэлэрин: «Ахтылҕан» (1996), «Алгыстаах айар үлэм» (2001), «Таала алаас уола Сөдүөт Батаакап»  (2015);  «Уоттаах чыычаахтар» (2006),  «Мин сырдык санньыарым»(2006), «Далыырбыт алгыһынан түстэммит дьылҕабыт» (2011) туһунан кэпсээтэ уонна «Кэпсиибин эйиэхэ эрэ анаан…» диэн кинигэтин автографтаан баран бибилэтиэкэ ааҕааччыларыгар бэлэх уунна.

Ааҕааччылар Зоя Петровналарын кытта атах тэпсэн олорон, бэрт элбэҕи сэһэргэстилэр, дууһаларын кылын таарыйтардылар. Суруйааччы-артыыс Зоя Багынанова «Кэпсиибин эйиэхэ эрэ анаан…» диэн көрсүһүүтүгэр анаан оҥостон олорон бар дьонун кытта иһирэхтик кэпсэттэ, санаатын үллэһиннэ.

«Сценаҕа, олоҕор, айар үлэтигэр…»

 Маннык  ааттаах «Тыйаатыр. Аах уонна көр» бырайыак чэрчитинэн иккис көрсүһүү СӨ үтүөлээх артыыската Софья Барановаҕа ананна.

Артыыс айар үлэтин, тикпит уонна баайбыт таҥастарын, уруһуйдааабыт хартыыналарын кэпсээтэҕин аайы ааҕааччылар: «Оо!…» — диэн соһуйан да, бэркиһээн да саҥа аллайа олордулар.

Театровед Надежда Осипова артыыс театральнай мэтириэтин иһирэх тылынан ойуулаан, көрсүһүү ордук истиҥ ис хоһооннонно.

Бибилэтиэкэрдэр Екатерина Попова уонна Елена Грайфер «Айар кут хатыламмат эйгэтэ» диэн Софья Баранова туһунан ыстатыйалары, кини таптыыр суруйааччыларын, бэйиэттэрин кинигэлэринэн ураты быыстапка оҥордулар.

Онон бибилэтиэкэрдэр саха тыйаатырын артыыһын айар мэтириэтин эбии байытан биэрдилэр.

Саха норуотун биллиилээх артыыһа бырайыак кыттааччыларын ыйытыыларыгар толору хоруйдары биэрдэ, кинилэри кытта хаартыскаҕа түстэ.

Софья Баранова кэлэн барбыт айар кутун салгына ааҕар саалабытыгар өссө хас да күнү быһа турбута. Оннук киһини абылыыр күүстээх айылгылаах актриса, – диэн санаатын үллэстэр В.Г. Белинскэй аатын бибилэтиэкэ ааҕар саалатын үлэһитэ, «Тыйаатыр. Аах уонна көр» бырайыагы сүрүннээччи бибилэтиэкэр Екатерина Попова.

Ити курдук, Тыйаатыр уонна Сомоҕолоһуу сылыгар үс тэрилтэ үлэһиттэрэ биир уопсай айар тыыннаах бырайыагы олоххо киллэрэн, ааҕааччылар интэриэстэрин, билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатарга дьулуһаллар.

Бырайыак чэрчитинэн аҕыйах хонугунан бибилэтиэкэ ааҕааччыларыгар, «Эрчим» доруобуйаны бөҕөргөтөр социальнай киин дьонугар аны Саха драматическай тыйаатырыгар экскурсия ыытыахтара. Бу тэрээһин быйыл сылы быһа ыытыллар бырайыак үһүс түһүмэҕинэн буолуоҕа.

Бу курдук сонун сүүрээннэр уонна саҥа көрүүлээх бырайыактар элбии туралларыгар баҕарабыт.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа Мария Жиркова түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0