Олохпут биир саҥа көстүүтүнэн буолбут, сыл аайы муус устар 19 күнүгэр ыытыллар «Бибилэтиэкэҕэ биир түүн» Бүтүн Арассыыйатааҕы тэрээһин чэрчитинэн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин историяҕа саалатыгар элбэх истээччини түмэн сэргэх көрсүһүү, кэпсэтии буолла.
edersaas.ru
Бу сырыыга «Бибилэтиэкэҕэ биир түүн» тэрээһин кыттааччыларынан айар куттаах эмчиттэр буоллулар. Былыр-былыргыттан эмчит идэлээх дьон үлэлэрин таһынан олох атын хайысхаҕа дьарыктанан улахан ситиһиилэммиттэрэ, сайдыыны түстээбиттэрэ биллэр. Кинилэр литератураҕа, тиэхиньикэҕэ, астрономияҕа, химияҕа, о.д.а. хайысхаларга аан дойдуга тиийэ аатырбыттара элбэх.
XXI үйэҕэ ону утумнаан, Саха сирин эмчиттэрэ суруйар, айар-тутар үлэнэн таһаарыылаахтык дьарыктаналларын бу киэһээҥҥи тэрээһин толору көрдөрдө, итэҕэттэ.
Чугастыы ылан көрдөххө, сүүстэн тахса хоһооно ырыа буолан көппүт талааннаах бэйиэт, араадьыйа, телевидение биллиилээх суруналыыһа Степан Дадаскинов үлэтин биэлсэринэн саҕалаабыт.
Тэрээһиҥҥэ прозаик-суруйааччылар Николай Александров, Василий Иванов, Иннокентий Винокуров-Тагус, хоһоонньуттар Виктор Чернявскай, Валентин Егоров, Мария Алексеева-Арылы Дуйдаах, Семен Дедюкин-Кылыс Сэмэн, Егор Борисов, Савва Попов, Валериан Николаев, Марина Платонова-Хомпорууна, Валентина Комиссарова-Күлүмүрэ уонна Петр Захаров кытыннылар. Кинилэр бары — эмчит идэлээхтэр, СӨ доруобуйатын харыстабылын эйгэтигэр, медицинэ наукатыгар таһаарыылаахтык үлэлээбит, үлэлии да сылдьар, быраас быһыытынан дьон-сэргэ сүгүрүйэр дьонноро.
Көрсүһүүгэ СӨ суруйааччыларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров маннык тэрээһиннэр наадалаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, тэрилтэтин аатыттан эҕэрдэлээтэ, махтал суруктары туттартаата. «Ситим-Медиа» ХЭУо дириэктэрэ, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата Мария Христофорова айар куттаах эмчиттэргэ тустаах уонна суруйар үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарда.
Суруйар идэлээх эмчиттэр айымньыларын ф.н.д. Варвара Окорокова, ф.н.к. Саргылана Ноева уонна ф.н.к. Жанна Бурцева ырыттылар. Тыл үөрэхтээхтэрэ, литературоведтар эмчит-суруйааччылар айымньыларын сүнньүнэн сиппит-хоппут суруйуулар диэн сыана быстылар, сэргииллэрин эттилэр, хайҕаатылар, кэккэ итэҕэстэргэ тохтоотулар, сүбэ-ама биэрдилэр.
“Бибилэтиэкэҕэ биир түүнү” ыытааччы Наталья Михалева-Сайа киирии тылыгар сыал-сорук туруорбутунан, айар куттаах эмчиттэр сүнньүнэн суруйар абылаҥҥа хайдах ылларбыттарын, ханнык айымньыны уонна ону хайдах суруйбуттарын уустаан-ураннаан, сэргэхтик кэпсээтилэр. Быыһыгар хоһоон да ааҕылынна, ырыа да ылланна.
Киэһэ алтаттан саҕаламмыт кэпсэтиигэ кэлбит дьон тарҕаһан хаалбакка, олох хойукка диэри айар куттаах эмчиттэри сэргээн иһиттилэр.
Быйылгы «Бибилэтиэкэҕэ биир түүн» тэрээһини айар куттаах эмчиттэри түмэн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ (кыраайы үөрэтэр салаа үлэһитэ Лариса Кычкина), «Күрүлгэн» уус-уран сурунаал эрэдээксийэтэ (сүрүн эрэдээктэр Афанасий Гуринов-Арчылан) иилээн-саҕалаан, үрдүк таһымнаахтык ыыттылар. Көрсүһүүгэ кыттыбыт эмчиттэр дириҥник махтаннылар.
Айар куттаах эмчиттэр Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн, СӨ суруйааччыларын ассоциациятыттан, «Ситим-Медиа» бөлөхтөн иһирэх тыллаах Махтал суруктары туттулар. Аны туран, суруйар киһиэхэ олус наадалаах «Офсет» типографияттан кинигэ бэчээттэтэргэ биэс тыһыынчалаах чэпчэтиилээх сэртипикээти тутан, үөрүүлэрэ өссө үрдээтэ, айар-суруйар санаалара күүһүрдэ.
Валериан НИКОЛАЕВ, “Саха сирэ”, edersaas.ru сайтка анаан