«Бары ааҕабыт» социальнай суолталаах бырайыак чэрчитинэн, кулун тутар 17 күнүгэр, 1 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа — медицина национальнай киинигэр саҥа төрөөбүт кыһыл оҕолорго СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ кинигэнэн бэлэх оҥоруо.
Бу туһунан иһитиннэрэригэр, бибилэтиэкэ пресс-сулууспата тэрээһиҥҥэ СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев кыттарын бэлиэтиир. Санатар буоллахха, дьиэ кэргэн ааҕар үгэһин бөҕөргөтөргө, оҕону кыратыттан кинигэҕэ сыһыарарга туһуламмыт «Бары ааҕабыт» диэн уһун болдьохтоох социальнай суолталаах бырайыак Дьокуускайга тохсунньу 13 күнүттэн саҕаламмыта. Тэрийээччилэр ийэлэргэ уонна саҥа төрөөбүт оҕолорго анаммыт «»Кыһыл оҕоҕо кинигэнэн бэлэх» акцияны бастаан Дьокуускайдааҕы перинатальнай кииҥҥэ тэрийбиттэрэ. Бэлэх онно 38 ийэҕэ уонна кинилэр кырачааннарыгар туттарыллыбыта.
Бибилэтиэкэ пресс-сулууспата бу акциянан 2020 сыллаахха өрөспүүблүкэ бары балыыһаларыгар төрөөбүт оҕолорго төрөппүттэрэ кинигэни ааҕан биэрэллэригэр анаан тэриллэрин, онно кинигэлэр, «Кинигэни ааҕааччы төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ», «Кинигэни ааҕааччы күн сирин көрдө» диэн оҕо литературатыгар испииһэктэрдээх ыйынньык туттарылларын ыйар.
Тэрээһин СӨ культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэ салалтатынан, СӨ доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин өйөбүлүнэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэ көҕүлээһининэн ыытыллар. Акция сыл устата салҕанарын сэргэ, бибилэтиэкэлэр тиһиктэринэн, волонтердар түмсүүлэринэн бүтүн өрөпүүбүлүкэҕэ тарҕанар. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ уонна бу хамсааһыны сэҥээрээччилэр өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннугар тэрээһиҥҥэ кыттыһыахтарын сөп.
«Бары ааҕабыт!» бырайыак — СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээбит «Музыка — барыбытыгар», «Бары уруһуйдуубут» диэн дириҥ толкуйдаах акцияларын курдук суолталаах.
Хаартыскалар: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ