Биһигини кытта бииргэ сайдыах!

12.12.2019
Бөлөххө киир:

«Биһигини кытта бииргэ сайдыах»,-  диэн санаанан салайтаран, оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтэр-сайыннарар «Сайдыс» диэн  киин Дьокуускай куоракка  бэһис сылын ситиһиилээхтик үлэлиир. Салайааччылар – дьүөгэлиилэр Юлия Андросова уонна Анастасия Иванова.

Киини төрүттээччи, психолог идэлээх Юлия Андросова кэпсииринэн, сахалыы тыллаах оскуолаҕа киирэргэ бэлэмнэнии бөлөҕөр  баҕалаах оҕо сылтан сыл үксүү турар. Саҥа дьыл кэнниттэн бастакы кылааска бэлэмниир бөлөх үлэтэ элбиир. Манна оҕо үөрэнии үөрүйэҕин ылынарын таһынан, ааҕарга, суоттуурга үөрэнэр. Ааҕыы түһүлгэтэ, ахсааҥҥа «Тииҥ мэйии” диэн дьарык, алын кылаас сүһүөхтэригэр продленка уонна үөрэх сылын түмүгэр ыытыллар бэрэбиэркэлиир үлэҕэ (ВПР) бэлэмнэнии ыытыллар. Ордук бастакы кылаас оҕолорун продленкаларыгар сыл аайы миэстэ тиийбэккэ, эбии испииһэк оҥоһуллар эбит.

Икки тыллаах үөрэтии

—Мин 2014 сыллаахха кыыһым бастакы кылааска киирэригэр, сахалыы тыллаах бэлэмнэнии дьарыгын булбакка, билэр учууталбын Татьяна Артамоновна Скрябинаны ыҥыран,  биир бөлөх арыйбыппыт.  Ол бөлөхпүт сылтан сыл сайдан, сахалыы дьарыкка наадыйар оҕо ахсаана элбээн, күн бүгүн  «Сайдыс”  диэн икки филиаллаах оҕо киинигэр тиийэ улааттыбыт.  Бастаан туох да рекламата суох, төрөппүттэр бэйэ-бэйэлэриттэн  истиһэн,  оҕолорун аҕалар этилэр. Саҥа арыллан үлэлиирбитигэр сахалыы-нууччалыы буккуйан саҥарар оҕолор кэлэн дьарыктаналлара, билигин үксэ сахалыы олох саҥарбат оҕолор кэлэллэр. Оҕо сахалыы өйдүүр эрэ да буоллаҕына, үөрэбит. Оҕо төрөөбүт тылынан сатаан саҥарбата тулалыыр  эйгэттэн  эрэ буолбакка, төрөппүттэн эмиэ тутулуктаах. Нуучча тылын билбэт оҕо суох. Бу тылы  оҕо уһуйааҥҥа, ооонньуур  былаһааккаҕа, тэлэбиисэргэ, интэриниэккэ  истэн улаатар. Билиҥҥи  оҕо икки тыллаах: саха уонна нуучча тыла. Онон төрөппүт оҕотугар икки тылынан кэпсэтэр усулуобуйаны үөскэтиэхтээх. Оҕо кэпсэтэр тылын бэйэтэ сатаан араара үөрэниэхтээх. Мин санаабар, оҕо сахалыы кэпсэтиигэ сахалыы эрэ саҥарыахтаах, нууччалыыга  — нууччалыы эрэ. Икки тылы араара үөрэммит оҕо төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарар буолар. Үс да тыллаах дьиэ кэргэн билигин элбэх. Оҕо кыра эрдэҕиттэн, тыллары  араара үөрэннэҕинэ, хас да тылынан тэҥник саҥарар киһи буола улаатар.

Сайдыска тугу үөрэтэллэрий?

—Биһиги сахалыы саҥарарга үөрэппэппит, оскуолаҕа киирэргэ бэлэмниибит. Биир куурус икки-үс ый ыытыллар. Учууталбыт Татьяна  Артамоновна Скрябина  “дорҕоон үөрэҕэ”  диэн бэйэтэ анал методикалаах. Оҕолор дорҕоону үөрэтэн баран,  биирдэ ааҕа үөрэнэллэр. Онтон дьэ суокка киирэллэр. Биһиги биир улахан, кэһиллибэт быраабылалаахпыт: “Сайдыска” кэллиҥ да сахалыы саҥар!” Оҕолорбут бу быраабыланы тутуһаллар. Оскуолаҕа киирэргэ бэлэмнээһин таһынан, 3-4 саастаах оҕолорго анал дьарык ыытабыт. Манна оннооҕор саҥа тылланан эрэр оҕолор тылларын буккуйан кэлэллэр. Хартыына киинэ, интэриниэккэ баар оҕоҕо аналлаах араас биэрии тылын, этиитин үүт-үкчү түһэрэн нууччалыы саҥараллар. Быйылгыттан оҕо ийэтин кытта тэҥҥэ дьарыктанар «Оҕо уонна төрөппүт” диэн бөлөх үлэтин саҕалаата.  4-5 саастаах оҕолорго сахалыы логопед дьарыга баар. Бастакы кылаастарга продленка ыытабыт. Оҕолор оскуола кэнниттэн кэлэн аһыыллар, дьиэҕэ үлэлэрин оҥороллор, барбыт тиэмэлэрин чиҥэтэллэр. Быйыл  «Билингвальнай куурус” диэн саҥа дьарыгы арыйдыбыт. Манна 4-5 саастаах оҕолор биир күн сахалыы эрэ кэпсэтэн дьарыктаналлар, иккис күн – аангылыйа тылынан эрэ.

 Саха тылын үөрэтэр  «муодунай”  буолуохтаах

Бу сайыҥҥыттан Дьокуускай куоракка “Күөрэгэй” диэн  түмсүү тэриллэн үлэлиир. Алтынньы ыйга бастакы тэрээһиннэрин – “Саха оҕотун төрөөбүт тылыгар уһуйан иитии” диэн ааттаах бэстибээли бэрт ситиһиилээхтик  ыыппыттара.  Бэстибээл үгүс киһи сэҥээриитин ылбыта. Юлия Владимировна бу түмсүү төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ.

— Биһиги саха тылын үөрэтэр «муодунай” буолуохтаах диэн сыаллаах-соруктаах үлэлиибит. «Күөрэгэй» түмсүү буоламмыт, Инстаграм ситимигэр сахалыы саҥарбат оҕолордоох төрөппүттэргэ анаан марафон ыытан эрэбит. Бастаан көмө видео-дьарыктары таһаарыахпыт. Марафоҥҥа кыттар төрөппүт сорудах ылан, дьарык холобурун туһанан, оҕотун дьиэтигэр хайдах дьарыктыырын устан, бэйэтин Инстаграм сирэйигэр таһаарыахтаах. Бастаан үс блогер дьарык холобурун көрдөрүөҕэ. Марафоҥҥа кыттар төрөппүт нэдиэлэ аайы биир дьарыгы устан таһаарыахтаах. Ахсынньы бүтүүтэ түмүк таһааран, кыайыылаах ыалга бириис туттарыахпыт.

Мин кэтээн көрүүбүнэн, төрөппүт оҕотун кытта сууккаҕа 30 мүнүүтэ эрэ кэпсэтэр. Онтон хаалбыт атын кэмҥэ оҕо уһуйааҥҥа эбэтэр оскуолаҕа сылдьар, биир саастыылаахтарын кытта алтыһар, интэриниэт, төлөпүөн көрөр. Ол аата оҕо тастан киирэр информация  80%-нын  нуучча, оттон саха тылынан 20 эрэ %-нын истэр, ылынар. Онон аныгы төрөппүт оҕотун кытта төрөөбүт тылынан кэпсэтэ сатыахтаах.

Эбээ, эһээ оскуолата

Хаһан баҕарар, хайа баҕарар норуокка эбээ, эһээ оскуолата диэн баар. Саастаах киһи иитиитин иҥэриммит оҕо киэҥ билиилээх, эйэҕэс, төрдүн-ууһун билэр, ытыктыыр буола улаатар. Төрөөбүт тылгын илдьэ сылдьарга эбээ, эһээ оруола улахан. Бу туһунан Юлия Владимировна маннык кэпсиир:

— Биһиэхэ эбээлэр, эһээлэр сиэннэрин сахалыы саҥара үөрэннин диэн сиэтэн аҕалаллар. Бириэмэлээх дьон бэйэбит дьиэҕэ  дьарыктыа этибит да, үөрэтэр ньыманы билбэппит дииллэр. Онон кинилэри нэдиэлэҕэ биирдэ мунньан, сүбэлиибит, үөрэтэр ньымалар тустарынан кэпсиибит. Таатта улууһуттан төрүттээх, билигин Дьокуускайга олорор Никифорова Анна Николаевна оҕолорбутун эбээлэрин кытта сайын Тааттаҕа ыалдьыттата илдьиэх буолла. Хас да эбээ сиэнин илдьэ барарга сөбүлэстэ. Оҕолор  төрүт үгэскэ үөрэнэн, тыа эйгэтигэр  киирэн, тылларын баайын да хаҥатыахтара, айылҕаны да кытта алтыһыахтара.

Анна Николаевна  кэргэнин кытта хаһыс да сайынын  Таатта Чычымаҕар оҕо лааҕырын арыйан үлэлэтэр.  Лааҕырга оҕолор саха балаҕаныгар олороллор, сир астыыллар, эмтээх от хомуйаллар, сөтүөлүүллэр. Күөх окко көччүйэллэр. Сайын үтүөтүн эттэринэн-сииннэринэн билэллэр.

Саха омуга тылбытын умнубаппыт туһугар туруулаһан үлэлиир “Сайдыс”  оҕо киинин таһаарыылаах үлэтин-хамнаһын хайҕыахха эрэ сөп. Сыралаах үлэлэригэр ситиһиини баҕарабыт. Хас биирдии төрөппүт, ыал төрөөбүт тылбытын сыаналыыр,  харыстыыр буоллахпытына,  саха тыла сүтүө, симэлийиэ суоҕа.

Ньургуйаана Иванова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

хаартыскалар «Сайдыс» о5о киинин архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0