Биһиги — “ураллар”: “Күннэтэ дьиктини, хатыламматы айар дьоллоох дьоммут!”
Сахалыы бэчээт 100 сыла. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыла
V. “Ураты тыыннаах сюжеттар” – мин күндү наҕараадам!
Саха тылыгар үөрэнэ сылдьан, Оля Захаровалыын, Уралга сурунаалыыстыка факультетыгар тиийэн хаалбыппыт… Оччолорго, 80-с сылларга, устудьуоннары холкуостарга-сопхуостарга күһүн хомуур үлэтигэр көмөлөһүннэрэр этилэр.
Биир күн шефтээх холкуоска хортуоппуй хостуу бараҕыт диэтилэр. Олям буоллаҕына барыахпыт иннинэ дьаҥнаан хаалла.
Миигин оҕолор, тимир суол вокзалыгар бачча чааска кэл диэтилэр. Трамвайынан бардым. Вокзалым бу турар. Арай көрдөхпүнэ, нөҥүө туоруур суол суох. Мучумаан саҕаланна. КАМазтар субуһуу… Баҕайылар, эчи элбэхтэрин, суол биэрбэттэр. Чаас ыкта. Дьэ мин ыксаатым да — икки харахпын быһа симэн баран, түһүнэн кэбистим. Суоппардар адьас өлө сыстылар. “Пиип-паап” бөҕөтө. Мин тохтоон да бэрт. Кэдэйэ-кэдэйэ сүүрүү… Ким эрэ сутуругун көрдөрөр, ким эрэ тарбаҕын чөчөҥнөтөр… Ол аайы кыһаллыбаппын. Дьиҥэр, фара уотугар киирбит куобах курдук буоллум.Тириттим аҕай. Уонна син этэҥҥэ туораатым.
Кэнники истибитим — сир аннынан туорууллар эбит. Ону хантан билиэмий?!
Биир күн холкуоска Олям тиийэн кэллэ.Үөрдүм аҕай.
Билиҥҥитэ Екатеринбург, биһиги сүрэхпитигэр Свердловскай кэрэ дьонноох, үчүгэй, күөх куорат этэ. Преподавателлэрбит да бэртээхэй дьон. Саамай кытаанах биридимиэппит техгаз — “техника производства газеты” этэ. Устудьуон барыта саллара.
Үһүс куурус кэнниттэн “Эдэр коммунист” хаһыакка быраактыкабын бара сылдьан, суруналыыс Таня Фомина (Маркова) сыбаайбатыгар сылдьыбыппытын Олялыын өйдөөн хаалбыппыт. Устудьуон оҕолор диэн ыҥырымыахтарын да сөп этэ ээ… Эдьиийбит оччолортон өрө тардар.
Бары этэҥҥэ үөрэхпитин бүтэрэн, прессаҕа үлэлээн кэллибит. Мин—35 сыл. Саамай күндүтүк саныыр наҕараадам — Нина Харитонова туттарбыт “Ураты тыыннаах сюжеттар” номинациям.
Лена ДЬЯЧКОВСКАЯ-Сэниэ Илгэ,
СӨ араадьыйатын-тэлэбиидэнньэтин туйгуна,
“Саха” НКИХ “Ураты тыыннаах сюжеттар” номинациятын кыайыылааҕа,
РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
VI. “Үөрэммит кыһабар махтал!”
1982 сыллаахха, Галя Нельбисовалыын суруналыыстыка факультативыгар сылдьар буоламмыт, Ураллааҕы госуниверситекка суруналыыстыкаҕа көһөр буолбуппут. Барыахпыт иннинэ ИФФ декана А. Ф. Алексеев ыҥыран ылан: “Эһиги национальнай каадырдар буолаҕыт, онон, идэҕитигэр үчүгэйдик үөрэнэн кэлэн, төрөөбүт дойдугутугар сахалыы тыллаах хаһыаттарга үлэлиэххит”, — диэбитин, сүбэ-ама биэрбитин биһирии истибитим.
Дьэ, атырдьах ыйын бүтүүтэ Свердловскайга көтөн тиийдибит… Биһиги кууруспут оҕолоро олус эйэлээхтэр, биһиэхэ үчүгэйдик сыһыаннаһаллара. Учууталларбыт да бэрт сайаҕас этилэрэ. Преподавательбит Леонид Кропотов, Свердловскайдааҕы горком бастакы сэкирэтээрэ Борис Ельцин трамвайынан сылдьар, оробуочайдарга чугас, эйэҕэс киһи диэн, лекциятын быыһыгар үөрэ-көтө кэпсиирэ. Биһиги үөрэнэр кэммитигэр Борис Ельцин үрдээн, Москваҕа үлэлии барбыта. Свердловскай куорат аһынан — үөлүнэн олус дэлэй этэ. Остолобуойбут аһа минньигэс, тотоойу. Үөрэхпититтэн кэлэн иһэн универсамҥа сылдьан, иккис этээһигэр тахсан итии чэй, ветчиналаах, халбаһылаах бутерброду астына сиирбит. Өссө биир кафеҕа көрөн турдахпытына наһаа минньигэс пышка буһараллара. Үтүө дьүөгэлээх буолан, бииргэ сылдьан, бэйэ-бэйэни өйөнсөн, бэртик сылдьыбыппытыгар Галябар махтанабын.
Ып ыраас, күп күөх, үчүгэй хааччылыылаах Урал киин куоратыгар үс сыл олус дьоллоохтук үөрэммиппит. Онон, Свердловскайбар уонна бу куоракка үөрэммит кыһабар олус махтанабын! Дойдубар кэлэн, 1988-2010 с.с. улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи араадьыйа кэрэспэдьиэнинэн, 2010-2012 с.с. “Саха” НКИХ эрэдээктэринэн үлэлээбитим, 2012-2016 сс. “Виктория” араадьыйаҕа “Оһуохай” ааптарыскай биэриини ыыппытым.
Марта НИКОЛАЕВА,
СӨ араадьыйатын-тэлэбиидэнньэтин туйгуна,
СӨ “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайката,
РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.