Биһиги – “ураллар”: “Күннэтэ дьиктини, хатыламматы айар дьоллоох дьоммут!”
Сахалыы бэчээт 100 сыла. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыла
III. Сүрэххэ күндү кэмнэр
Оскуоланы бүтэрэрбэр ким буолабын диэн өй-санаа улаханнык үүйэ-хаайа туппатаҕа быһылааҕа. Сааһын тухары полиграфиһынан үлэлээбит ийэбинээн кыра сааспыттан типографияҕа хонуктаан сылдьыспыт буоламмын, итиэннэ үйэ аҥарыттан ордук кэмҥэ эрэдээксийэҕэ эппиэттиир сэкирэтээрдээбит аҕам холобурунан, санаам эрдэттэн хаһыатчыт идэтигэр оҕуннаҕа, урутунан быһаарылыннаҕа буолуо.
Ол ырам СГУ историко-филологическай факультетын үһүс кууруһун кэнниттэн күөҕүнэн суугунуур Свердловскайга (билиҥҥинэн Екатеринбург) сиэтэн илдьибитэ — 1982 сыл күһүнүгэр эмиэ СГУ-тан Галя Нельбисова, Марта Николаева буоламмыт Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах М.А. Горькай аатынан Ураллааҕы университет таас уораҕайын ыарахан дууп аанын долгуйа аспыппыт.
Баартыйа обкома биэрэн ыыппыт мэктиэ суругар биһигини төһө да «суруналыыстыкаҕа бастакы хараҥаччыларбыт» диэн бэлиэтээн ыйдаллар, Саха сириттэн факультекка бэһис кууруска Ольга Корякина, төрдүскэ — Лена Леонтьева, Ольга Захарова үөрэнэр этилэрэ. Онон Большаков уулуссатыгар турар уопсай дьиэбит иккис мэндиэмэнигэр тута-бааччы сахалыы сылаас, нус бараан эйгэлэммиппит. Онно мин, соҕотох уол, аламаҕай дьүөгэлэрбэр мааны оҕолоро этим. Бу өйдөөтөхпүнэ, сүрэххэ күндү да кэмнэр эбит…
Атын факультеттарга холоотоххо, суруналыыс-устудьуоннар ахсааммытынан биллэ аҕыйахпыт — кууруска түөрт уончалыы киһи үөрэнэрэ. Ол эрээри университет төрдүс этээһин арҕааҥҥы кынатын көрүдүөрэ сиэссийэ эрэ кэмигэр иһийэн ылара. Оччолорго дойду үрдүнэн уларыта тутуу сибикитэ номнуо биллэн эрэрэ. Бобуу-хаайыы, күрүөлэһии аҕырымнаабыта. Таһырдьа, бэйиэт Дмитрий Быков бэргэнник эппитинии, «тымныы күн сылаас киэһэлэрэ» нууралдьыһаллара. Сойуус араас муннуктарыттан мустубут айар дьоҕурдаах ыччат дьоҥҥо, сааскы күн сылааһын өтө билэн саҥа үнүгэстэр сырдыкка талаһалларыныы, арыллар саҥа саҕахтар билиэх-көрүөх баҕа санааны күөртүүллэрэ, айар, оҥорор уохтара-күүстэрэ таһымныыра…
Куорсун аспыт дьонум
Дьиҥ-чахчы нуучча интэллигиэнэ, наҕыл бэйэлээх, эмиэ сол курдук аргыый сыыйан саҥарар Валерий Георгиевич Сесюнин деканнаах факультеппытыгар устудьуоннар уонна преподавателлэр икки ардыларыгар хардарыта итэҕэйсиилээх истиҥ сыһыан баара. Ити айар үлэһиттэри иитэр кыһа биир уратыта, 30-с сыллартан силистэнэр кэһиллибэт үтүө үгэстэриттэн биирдэстэрэ эбит этэ.
УрГУ-га дойдуга билиниллэр учуонай-преподавателлэргэ уһуйуллубуппуттан, кинилэр кэрэ кэпсээннэрин истибиппиттэн испэр киэн тутта саныыбын. Александр Иванович Курасов, Владимир Валентинович Кельник, Виталий Алексеевич Павлов, Владимир Александрович Чичиланов, Валентин Андреевич Шандра, Борис Самуилович Коган, Вадим Николаевич Фоминых уо.д.а. — сэрии уотун ортотунан ааспыт, «ириэрии» тыынын дууһаларыгар иитиэхтээн илдьэ сылдьар, бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх Ураллааҕы суруналыыстыка оскуолатын төрүттэспит, үгэстэрин олохтоспут үтүөлээх-өҥөлөөх ытык-мааны саарыннар этилэрэ. Кинилэртэн элбэҕи сомсустахпыт, үгүһү иҥэриннэхпит.
Учууталларбыт, төһө да таһырдьа биир баартыйа диктатурата бүрүүкээн турдар, ригоризмҥа хаһан да охтубатахтара, олох араас көстүүлэригэр тус көрүүлээх буоларга, ону сатаан туруулаһарга такайбыттара, суруналыыс хайа да түгэҥҥэ кырдьыгы өрө тутуохтааҕар, дьон кыһалҕатыгар чугас, сиэрдээх буолуохтааҕар уһуйбуттара. Кинилэр сүбэлэрэ-амалара билигин даҕаны санааны уһатар, саҥаҕа сирдиир ураты күүстээхтэр. Өйү-санааны дьэҥкэрдэр этиилэриттэн, тута тугу өйдөөбүппүнэн, биир-икки холобур:
— Холдьоҕуллан, ааны кэтэҕинэн аһан тахсыбыт суруналыыс төттөрү түннүгүнэн киирэ сатыахтаах дуо? — Суох, син биир аанынан киирэргэ дьулуһуохтаах — суруналыыс дьүккүөрдээх буолуохтаах, ол эрээри хайа да түгэҥҥэ сиэрин-майгытын сүтэриэ суохтаах;
— Кириитикэ итэҕэтиилээх уонна хайаан да үтүө санааҕа туһаайыылаах буолуохтаах;
— Өскөтө суруналыыс матырыйаалын төбөтүн сатаан тобулан толкуйдаабат буоллаҕына, ол аата туох туһунан суруйбутун бастатан бэйэтэ да иҥэн-тоҥон билбэт эбит. Учууталларбытыттан хаһыаты таҥыыга, оҥорууга мускуйбут Владимир Александрович Чичиланов ойдом миэстэни ылара. Туһугар дьэ колоритнай киһи этэ. Омос көрүүгэ төһө да дьиппиэнин иһин, тыла-өһө бэтэлээҕэ. Саараама, кыра да алҕаскын бырастыы гыммата, хайаан да туох эрэ диэн суустаах тылы кыбытара. Устудьуоннар кини биридимиэтиттэн толлоллорун сэрэйэрэ уонна бэйэтэ ону араастаан күөртүүрэ. Техническэй кыһалар устудьуоннара «сопроматтаахтарын» курдук, гуманитарийдарга эмиэ ону толуйар биир дьулайар биридимиэттээх буолуохтаахтар дии-дии мүчүҥнүүр буолара. Шрифтэри нойусуус билэри ирдиирэ, кини эксээмэнигэр ол-бу араас бабашкалары, марзаннары, шпациялары, шпоннары о.д.а. хайа да метранпажтан итэҕэһэ суох илиибит иминэн арааран быһаарар этибит. Оройуон хаһыатыгар эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлээбит отуттан тахса сылым устата Владимир Александровиһы махтал тылынан элбэхтэ санаабытым…
Биһиги кэммитигэр декан солбуйааччытынан үлэлээбит Фролова Лена Ивановнаны бииргэ үөрэммит оҕолорум бары экчи үтүө эрэ тылынан ахталлар. Биир бэйэм кинини факультеппыт дууһата диэн билинэбин. Киһи кэрэмэһэ Лена Ивановна устудьуоннарын ааҕа билэрэ, ийэлии амарах сүрэҕин сылааһынан барыбытын араҥаччылаһар, сүбэ-ама, көмө-өйөбүл буолар эрэ дьүккүөннээҕэ. Хас биирдиибитин хараҕын далыгар тутара, ким тугунан тыынарын, туох кыһалҕалааҕын билэ-көрө сылдьара. Бэл хайдах таҥна-симэнэ сылдьарбытыгар кытары болҕомтотун уурара. Сэмэй да ситиһиибититтэн олуһун диэн үөрэрэ. Ачыкытын тааһа күн уотугар килэбэчийэн мичээрдээбит сирэйэ харахпар бу баар…
«Эдэрдэр» эрчимнэринэн
Билиҥҥини билбэтим, оттон оччолорго үөрэх бырагырааматынан суруналыыс-устудьуоннары сайынын эрэдээксийэлэринэн тарҕатан хаһыакка үлэ үөрүйэҕин иҥэртэрэллэрэ. Онон ону хайдах да тумнар туһум суох. Мин икки сайын быраактыкабын ааттаах-суоллаах, баай устуоруйалаах «Эдэр коммунист» диэн ыччат хаһыатыгар барбытым, хаһыат куукуната диэн тугун иһиттэн билбитим. Онно биллэр-көстөр суруналыыстары, суруйааччылары, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх дьонун сэргэ тыа сирин сэмэй бүгүрү үлэһиттэрин кытта алтыһан ааспыппын сылаастык саныыбын.
Эрэдээктэр Валерий Васильев бастаан утаа: «Быраатым, миигин үтэн-анньан көрөҕүн дуу, хайдах дуу», — диэн мүчүҥнүү-мүчүҥнүү суруйууларбын көннөрөр буолара. Эппиэттиир сэкирэтээр Гаврил Егоров-Дьурантай, уоһуттан хаһан да араарбат бөппүрүөскэтин төттөрү-таары хатайдаан, симириктээн ыла-ыла, утары этиппэттии быһыта-орута: «Дьэ, бүгүн балары баар оҥоруохтааххын…» — диэн саҥа сорудахтары сүктэртээн кэбиһэрэ. Ол быыһыгар хайаан да туох эрэ хаадьыны кыбытан күллэрэрэ.
Быраактыкам салайааччыта Василий Платонов үлэм түмүгүнэн характарыыстыка суруйан үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтарынан туралыс-эрилис көрүтэлиир: «Бээ, быһыыта, аҥардас хайҕааһын эрэ буолаары гынна дуу… Бээ..бээ…». Уонна дьиэ өһүөтүн көрөн ылаат, тугу эрэ эбии суруйан эриллиҥнэтэр. Уонна астыммыттыы олоппоһугар тиэрэ түһэн олорон, алы гынардыы: «Дьэ, бу маннык арыый сөп буолуо. Билигин бары инник диэн ыйаллар», — диир… Деканакка ол характарыыстыкабын ааҕан баран, «сорох суруйууларыгар олоҕу дириҥник ырытан көрдөрүү кыаллыбатах» диэн тугу этээри гыммыттара буолла диэн улаханнык мунаарбыттара…
Биһиги — «ураллар»…
Идэбинэн Өймөкөөн «Северная заря», онтон Хаҥалас улууһунааҕы «Лена маяктара» («Өлүөнэ очуостара», «Хаҥалас») уонна бу кэлин «Саха сирэ» хаһыаттарга дьоҕурум, кыаҕым тиийэринэн үлэлээн кэллим. Ол отуттан тахса сыл усталаах-туоратыгар иитиллэн тахсыбыт кыһам аатын түһэн биэрбэт туһугар кыһалла, сыралаһа сатаатым. Билигин даҕаны УрГУ суруналыыстыкаҕа факультетыгар араас кэмҥэ үөрэммиттэри барыларын хаан уруум курдук чугастык саныыбын, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар, тэлэбиидэнньэҕэ тахсыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьалларын истэ-көрө сылдьан сэмээр үөрэбин эрэ. Оттон Большаков, 79 уопсайбытыгар эн-мин дэһэн иллээхтик олорбут оҕолорбунаан хаа-дьаа көрүстэхпитинэ «Биһиги — «ураллар!», — дэһэн уруйдаһабыт…
Роман ПОПОВ, СӨ бэчээтин туйгуна,
СӨ Суруналыыстарын сойууһун А.Шувалов аатынан бириэмийэтин лауреата,
М. Горькай аатынан Ураллааҕы госуниверситет суруналыыстыка факультетын 1985 сыллааҕы выпускнига.