Биһиги —«УРАЛЛАР»: «Күннэтэ дьиктини, хатыламматы айар дьоллоох дьоммут!»

17.01.2022
Бөлөххө киир:

Сахалыы бэчээт 100 сыла. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыла

II. Талан, таптаан ылбыт идэбинэн…

Мин 1984 сыллаахха А.М.Горькай аатынан Ураллааҕы государственнай университет суруналыыстыкаҕа факультетын үөрэнэн бүтэриэхпиттэн, харыс да халбарыйбакка, талан, таптаан ылбыт идэбинэн үлэлии сылдьабын.

Үлэм киниискэтигэр 4 сиргэ үлэлээбитим туһунан бэлиэтэммит:1984-1987 сс. Аллайыаха оройуонун “Сайдыы суола” хаһыат эрэдээксийэтигэр тылбаасчыт-кэрэспэдьиэн;1987-1997 сс. Сунтаар оройуонун “Ильич уоттара”, салгыы “Сунтаар сонуннара” хаһыат эппиэттиир сэкирэтээрэ; 1997-1999 сс. “Сунтаар сулуһа” хаһыат эппиэттиир сэкирэтээрэ; 1999 с. бастаан Сунтаар тэлэбиидэнньэтин эрэдээктэрэ,  2000 с. “Саха” НКИХ Сунтаардааҕы филиалын салайааччыта, шеф-эрэдээктэрэ.

Биллэрин курдук, урут биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр  суруналыыстары бэлэмниир үөрэх кыһата суоҕа. Онон, анал үөрэхтээх олохтоох каадырдары бэлэмниир туһуттан Саха государственнай университетыгар саха, нуучча тылын уонна литературатын отделениеларыгар үөрэнэр, суруйар үлэҕэ тыыппалаах уонна баҕалаах устудьуоннары А.М.Горькай аатынан Ураллааҕы государственнай университеты кытта дуогабардаһан сүүмэрдээн үөрэттэрэр быраактыка олохтоммута. Мин ол кэскиллээх уонна дириҥ суолталаах бэлиитикэнэн, Урал суруналыыстыкатын улахан оскуолатыгар үөрэммит дьоллоохпун.

Биһигини “национальнай каадырдар” диэн ааттыыллара, ССРС араас муннуктарыттан — Грузияттан, Туркменияттан, Башкирияттан, Алтайтан, Удмуртияттан, о.д.а. өрөспүүбүлүкэлэртэн биһиги курдук сүүмэрдэнэн кэлбит эдэр дьоннуун эҥэрдэһэн, 3 сыл устата үөрэммиппит. Биһиги иннибитигэр Валентина Герасимова, Татьяна Маркова, Ольга Корякина үөрэммиттэрэ. Саха салаатыттан Лена Леонтьевалыын ол сыл иккиэ этибит. Үһүс киһибит мин биир дойдулааҕым, эмиэ саха салаатыттан Илья Зверев талыллан баран, күһүн Свердловскайга тиийбэтэҕэ. «Сахам тылын салгыы туругурдуом, анаан үөрэммэккэ даҕаны суруналыыс буолар инибин, диэммин барбатаҕым», — диирэ кэлин. Оннук даҕаны буолбута, айылҕаттан дьоҕурдаах киһи олоҕун тиһэх күннэригэр диэри хаһыакка ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Уралга преподавателлэрбит бары даҕаны киинэҕэ көстөр учуонай дьон курдук ис-истэриттэн интеллигентнэй, киэҥ билиилээх, үтүөкэн барахсаттар этэ. Устудьуон чуо кинилэр биридимиэттэригэр, суруйбут научнай ыстатыйаларыгар, кинигэлэригэр баар цитаталарыгар, холобурдарыгар, терминнэригэр сыһыаннаах билиитин олус сыаналыыллара, үөрэллэрэ. Тоҕо эбитэ буолла, күһүн аайы үөрэхпитигэр дойдубутуттан хойутаан  тиийэн баран, “бөһүөлэкпититтэн бастаан ытынан, онтон атынан, сороҕор сатыы айаннаан куоракка тиийэбит. Онтон аны буурҕа түһэн, сөмөлүөттэр көппөтөхтөрө…” эҥин диэн сымыйалыыр буоларбыт. Дьиҥэ ону кинилэр билбэт буолуохтара дуо, биһигини өйдүүллэрэ бэрт буолан, итэҕэйбит курдук тутталлара. Оччоттон баччаҕа диэри “Урал университета практикаҕа, оттон МГУ теорияҕа күүстээхтэр” диир буолаллара. Кырдьык, суруйуу кистэлэҥнэригэр преподавателлэрбит бэйэлэрэ тугу билэллэрин, сатыылларын толору үөрэппиттэрэ, билиини биэрбиттэрэ. “Уральский рабочий”, “Вечерний Свердловск” хаһыаттарга нууччалыы суруйан бооччойорбут. Ыстатыйаларбыт бэчээттэммиттэрин көрөн үөрэр да буоларбыт.

УрГУ устудьуонкалара Ольга Захарова, Лена Дьячковская, Ольга Корякина

Сайын быраактыкабын “Эдэр коммунист», «Кыым», «Саха сирэ» хаһыаттарга барарым. Үтүөкэннээх эрэдээктэрдэр Николай  Герасимов, Наталья Харлампьева эдэр суруналыыстарга олус болҕомтолоох, харыстабыллаах сыһыаннаахтара. Саамай уустуга, быраактыка кэмигэр ис сүрэхтэн иэйэн, астынан туран төрөөбүт тылгынан суруйбут ыстатыйаларгын күһүн үөрэххэр бараргар тылбаастаан, баһын-атаҕын тулламайдаан илдьэн көмүскээһин этэ. Оччолорго тоҕо даҕаны Дьокуускайга суруналыыстыка салаата суоҕуй диэн кыһыйар-абарар буоларым. Дойдубутугар үөрэммиппит буоллар дьиҥэр өссө таһаарыылаах үлэлээх, ураты көрүүлээх, баай-талым, сытыы тыллаах, хатыламмат тэҥнэбиллэрдээх суруйуулардаах суруналыыстар буолан тахсыахтаахпыт дии саныырым. Онон син биир дойдуларыгар үөрэммит аныгы кэм устудьуоннарыгар үтүөнэн ордугургуубун.

Ураллааҕы университекка үөрэммит сылларым олоҕум, эдэр сааһым хатыламмат кэрэ кэмнэрэ, идэҕэ уһуйуллуум сүрүн кыһата. Саамай үчүгэйэ — Уралга үөрэммиттэр бары, биир да киһи атын эйгэҕэ баран хаалбакка, талан ылбыт идэбитинэн үлэлии сылдьабыт, туспа, ураты буочардаах, дириҥник хорутан, киэҥник эҥсэн, анааран айабыт-тутабыт диэн мэлдьи киэн туттабын.

Чех суруйааччыта, суруналыыһа Карел Чапек эппитинии, “күннэтэ дьиктини, хатыламматы айар, суруйар” дьоллоох тускулаах, үрдүк, сырдык аналлаах дьон буолабыт эбээт, доҕоттоор!

Ольга ЗАХАРОВА,

 “Саха» НКИХ Сунтаардааҕы филиалын шеф-эрэдээктэрэ,

 Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,

СӨ араадьыйатын-тэлэбиидэнньэтин туйгуна,

Н.Кондаков аатынан бириэмийэ лауреата,

“Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайката,

50-ча кинигэни көрөн-истэн таһаарбыт эрэдээктэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0