БИҺИГИ — “УРАЛЛАР”: “КҮННЭТЭ ДЬИКТИНИ, ХАТЫЛАММАТЫ АЙАР ДЬОЛЛООХ ДЬОММУТ!”
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыла
Урут, сэбиэскэй кэмнэргэ, Саха сиригэр суруналыыстары бэлэмниир үөрэх кыһата суоҕа. Дойду, өрөспүүбүлүкэ салалтата бу боппуруоска сөптөөх болҕомтотун, биллэн турар, уурара. Холобур, хаһыаттары, араадьыйа-тэлэбиидэнньэ эрэдээксийэлэрин анал үөрэхтээх олохтоох каадырдарынан хааччыйар туһуттан, 1975 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр буолбут ССКП Саха уобаластааҕы кэмитиэтин бюротун мунньаҕа “ССКП Киин Кэмитиэтин 1975 сыл тохсунньу 20 күнүнээҕи “О мерах по улучшению подготовки и переподготовки журналистских кадров” Уурааҕын олоххо киллэрии соруктарын туһунан” диэн ССКП Саха уобаластааҕы кэмитиэтин уонна САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин Уурааҕын ылыммыта. Бу Уураах 9 пуунуттан биирэ Саха государственнай университетын ректоратын уонна парткомун, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын эрэдээксийэлэрин кытта бииргэ, дойду киин куораттарын вузтарыгар көһөрөн, үрдүк үөрэҕи “суруналыыс” диэн идэлээх бүтэрэн кэлэр устудьуоннары талыыга бэлэмнэнии үлэни ыыталларыгар эбээһинэстээбитэ.
Инньэ гынан СГУ, историко-филологическай факультет саха, нуучча тылларын уонна литератураларын отделениеларыгар үөрэнэр, суруйар дьоҕурдаах, тыыппалаах уонна баҕалаах устудьуоннары сүүмэрдээн, сүрүннээн А.М.Горькай аатынан Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах Ураллааҕы судаарыстыбаннай университеты кытта дуогабардаһан, 3-с куурус кэнниттэн (эмиэ 3-с кууруска ылыллан) салгыы суруналыыстыка факультетыгар үөрэххэ ыыппыта. Бу кэскиллээх уонна дириҥ суолталаах бэлиитикэнэн, дойду биир кырдьаҕас, үтүө үгэстэрдээх, суруналыыстыкаҕа бастыҥ каадырдары бэлэмнииринэн аатырар Ураллааҕы университеты Саха сириттэн араас сылларга уонтан лаппа тахса ыччат (хомойуох иһин, кэлин бүтэрбиттэртэн сорохторун кытта сибээспит суох) бүтэрэн кэлбитэ. Ол курдук, бу ыччаттартан Ураллааҕы госуниверситет суруналыыстыкаҕа факультетын аан бастакынан 1978 сыллаахха Илья Ушницкай бүтэрэн, “суруналыыс” диэн идэҕэ дипломнаах төрөөбүт Сахатын сиригэр кэлбитэ. Кини өр кэмнэргэ “Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттарга айымньылаахтык үлэлээбитэ. Онтон 1980 сыллаахха УРГУ-ну ситиһиилээхтик бүтэрэн, эдэр суруналыыстар Валентина Герасимова уонна Татьяна Маркова кэлбиттэрэ, өрөспүүбүлүкэ бэчээтин, тэлэбиидэнньэтин эйгэтигэр үлэ үөһүгэр киирбиттэрэ. УрГУ-ну бүтэрбит суруналыыс Владимир Никифоров “Бэлэм буол!”, “Якутский университет” хаһыаттарга, кэлиҥҥи сылларга наукаҕа көһөн, ГЧИ-гэ үлэлээбитэ. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр суруналыыстар Галина Нельбисова, Ольга Корякина-Умсуура, Полина Перуашева, Роман Попов, Алена Докторова, Лариса Дорофеева, Лена Дьячковская — Сэниэ Илгэ, Ольга Захарова, Марта Николаева – араас сылларга бары эмиэ Уралга үөрэммит, сахалыы тыллаах айар үлэһиттэр буолаллар. Бары идэлэрин толору баһылаабыт дьон, Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруналыыстарын сойууһун чилиэннэрэ. Умсуура уонна Галина Нельбисова – киэҥ ааҕааччы билиниитин ылбыт суруйааччылар.
“Саамай үчүгэйэ, кэрэхсэбиллээҕэ баар – Урал киин куоратыгар үөрэммиттэр бары, ким да атын эйгэҕэ аралдьыйбакка, талан ылбыт идэбитинэн үлэлиибит, туспа, ураты буочардаах, дириҥник хорутан, киэҥник эҥсэн, анааран айабыт-тутабыт диэн киэн туттабыт!” , — дииллэр “ураллар”.
Бүгүн, сахалыы судаарыстыбаннай бэчээт 100 сылынан уонна Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө, тылы кинилэргэ – “уралларга” биэриэҕиҥ.
I. Полина Перуашева: “Аламай күҥҥэ айхал!”
Мин Урааллааҕы Госуниверситет суруналыыстыкаҕа факультетын 1986 сыллаахха бүтэрбитим. Бастаан СГУ нуучча тылын, литературатын факультетыгар 1980 сыллаахха киирэн, 3 сыл үөрэммитим. Онно 2-с куурус кэнниттэн үөрэхпит былаанынан Миирнэй куоракка сайыны быһа орто кылаас оҕолоругар пионерскай лааҕырга баһаатайынан үлэлээн баран, санаам уларыйбыта, оскуола үлэтигэр тардыспат эбиппин өйдөөбүтүм. Дьолум быатыгар, ол сыл үөрэх дьыла саҕаланаатын кытта факультеппытыгар «Спецкурс по журналистике» аһылынна, онно киирдим. Биллиилээх суруналыыс Олег Дмитриевич Якимов хаһыаттан кэлэн үөрэтэрин олус дуоһуйан, умсугуйан истэрбит, суруйарга холонорбут. Мин онно, аан маҥнай хаһыакка бэчээттэппит ыстатыйам, дьоруойум олоҕор оруоллаах буолбут эбитин, ону дьоруойум кэпсээн махтаммытын күн бүгүнүгэр диэри умнубаппын.
Аны үөрэх дьыла бүтүүтүгэр Олег Дмитриевич барыбытын араас оройуоннар хаһыаттарыгар сайыҥҥы быраактыкаҕа ыытта. Мин Бүлүү куоратыгар хаһыакка ананным. Дьэ, бэчээт эйгэтигэр сурэхтэниим онно буолбута! Факультеппытыгар ол саас Ураллааҕы университекка көһөн, журналистика факультетыгар үөрэниэхтэрин баҕалаахтары ыҥырыы буолла, онно тэбинним. Эмиэ мин дьолбор, онно ылылынным, онон, оройуон хаһыатыгар быраактыка кэнниттэн Свердловскай куоракка көттүбүт. Ол 1984 сыллаахха этэ. Үһүөбүт — мин, оччотооҕуга Полина Слепцова, Изабелла Степанова уонна Ирина Лихау. УрГУ-га үөрэнии уратыларын, умсугутууларын, саҥа эйгэ ыарахаттарын суруйар уһуна бэрт буолуо, онон биири тоһоҕолоон этиэм этэ — быраактыка диэҥҥэ, уопсайынан сэбиэскэй кэм үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар барыларыгар – олус улахан болҕомто ууруллар эбитин! Ол адьас сөбүн, эдэр киһи идэҕэ тургутууну ааһан талылларын — биһиги да холобурбут туоһулуур. Уралга, журфакка көһөн үөрэммиттэр бука бары идэбитин ис-сүрэхпититтэн таптаан, СМИ эйгэтигэр уһун сылларга бэриниилээхтик, ситиһилээхтик үлэлээн кэллибит. Сайын аайы хастыы да ый, онтон дипломнай быраактыкаҕа эмиэ — араас эрэдээксийэлэргэ уопуттаах суруналыыстары кытта тэҥҥэ үлэлээн, диплом көмүскүүргэ бэлэм исписэлиистэр тахсыбыппыт. Мин дипломум практический диэн этэ — өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттарга (мин ордук «Молодежь Якутии» үлэлээбитим) бэчээттэнэн тахсыбыт ыстатыйаларбытынан эмиэ тиэмэбитин арыйан көрдөрүү. Манна даҕатан эттэххэ, ол саҕана өрөспүүбүлүкэтээҕи бэчээт, араадьыйа, тэлэбиидэнньэ эйгэтигэр үлэҕэ ылыллыы күүстээх профессиональнай тургутуу нөҥүө ааһар эбит этэ. Мин “Молодежь Якутии” хаһыакка сайыҥҥы быраактыкаларбар салайааччым суруналыыс Геннадий Ермаков этэ. Онтон Дьокуускайга кэлэн Гостелерадиоҕа үлэҕэ ылылларбар кини, оччотооҕуга Саха араадьыйатын уопуттаах суруналыыһа, «поручитель» буолбута…
Ол киириэхпиттэн Гостелерадио, кэлин «Cаха» НКИХ араадьыйа кэмитиэтигэр уопсайа 30 сыл үлэлээтим. Бастаан “Сонуннар” (оччолорго «Тиһэх сонуннар -Последние известия») нууччалыы салаатыгар кэрэспэдьиэнинэн үлэлээн саҕалаабытым. Оччолорго Гостелерадиоҕа эдэр исписэлиис элбэҕэ суоҕа, манна улахан уопуттаах, араас хаһыаттарга, араадьыйаҕа-тэлэбиидэнньэҕэ өр үлэлээн кэлбит маастардар тоҕуоруһан, айа-тута сылдьар этилэрэ. Бастакы салайааччыларбын үтүө сыһыаннарыгар, көмөлөрүгэр махтана, үөрэ ахтабын — Гостелерадио салайааччыта Курчатова Секлетея Алексеевна, араадьыйа дириэктэрэ Сибиряков Егор Егорович этилэр. Нууччалыы сонуннар салааларын өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар айымньылаахтык үлэлээн кэлбит Вячеслав Степанов салайара, кини икки тылынан хомоҕойдук саҥаран дьылыгыратар, суруйар спортивнай комментатор быһыытынан эмиэ киэҥник биллэрэ…
Үлэ күөстүү оргуйан, сонуннар хото тахсан, бырамыысыланнас, тыа хаһаайыстыбата, социальнай боппуруостар, култуура, үөрэхтээһин тэҥҥэ сырдатыллаллара. Биллиилээх суруналыыстар, үрдүк таһымнаах режиссердар, диктордар үлэлииллэрэ…
Дьэ онтон уларыта тутуу дьалхаана буолбута. Кэлэктииппититтэн аҕа саастаах, улахан уопуттаах үгүс чаҕылхай суруналыыс үлэттэн барыыта, ууратыллыыта… уопсай үлэҕэ охсуулаах этэ, хомолтолоох этэ! Төһө да уустугун иһин, олох, үлэ салҕанан бардаҕа… 90-нус сыллар саҥаларыгар мин Лариса Утяшева салайааччылаах сурук отделыгар көһөн үлэлээбитим, ааптарыскай биэриилэрбин ол саҕана саҕалаабытым. Икки тылынан тэҥинэн үлэлиир буоламмын, өссө «за ведение передач на 2 языках» диэн хамнаспар анал эбии төлөбүрдээх этим. Биир кэмҥэ НВК үрдүнэн Лена Керемясовалыын иккиэн эрэ оннук эбиини ыларбыт. Мин сахалыы-нууччалыы тылларынан эфиргэ хардарыта таһаарар «Салгын кут» уонна «Мы не одни» диэн биэриилэрбин 20-тэн тахса сыл тохтоло суох ыытан кэлбитим. Онно сценарий, тиэмэ толкуйдаан, дьоруойдарбын талан, диктофоҥҥа интервью ылан, пленкаҕа суруйан, монтажтыырым. Төрөөбүт норуоппут утумун салҕыыр, төрүт өйдөбүллэрин сөргүтэр иһин туруулаһан үлэлиир дьону, араас итэҕэллэри сырдатар биэриилэри эмиэ оҥорорум, ытык кырдьаҕастары, бөлүһүөктэри суруйарым, айылҕа көстүбэт кистэлэҥнэрин таарыйар кэпсээннэри эмиэ ыытарбыт. Оннук биэриилэри оҥороору уоппускаларбар диктофоммун илдьэ көтөрүм, онон араас оройуоннарбытыттан эрэ буолбакка, Москваттан, Алтайтан, Камчаткаттан, СНГ дойдуларыттан дьон кэпсээнин суруйарым, биэриилэрбэр иһитиннэрэрим… Биэриилэрим таһымын үрдэтээри Саха университетыгар төрүт култуура салаатыгар киирэн кэтэхтэн үөрэнэн, иккис үрдүк үөрэхпин 1996 сыллаахха бүтэрбитим. Дипломнай үлэбин алгыс, саха алгыһын тиэмэтигэр суруйан, көмүскээбитим. Биллэн турар, бу тустаах үлэбэр олус көмөлөөх буолбута.
Ол иннинэ, өссө 1993 сыллаахха мин сарсыарда аайы өбүгэбит төрүт тыла, дириҥ этиилэрэ, өйдөбүллэрэ, итэҕэли кытта ыкса ситимнээх алгыстара дуорайдыннар, араадьыйабытын истээччилэр күннэрэ онтон саҕаланнын, диэн баҕаттан өр бэлэмнэнэн, салалтаҕа киирэн этэн-тыынан, оҥоро сылдьар биэриилэрим таһынан кылгас, 5 мүнүүтэлээх сарсыардааҥҥы биэриини саҕалыырбар көрдөспүтүм. Ол саҕана 5 эрэ мүнүүтэлээх биэрии диэн суоҕа, дьикти курдуга. Ол кэмҥэ араадьыйаҕа саҥа дириэктэринэн ананан кэлбит Агафья Птицына үлэлиирэ. Хата, кини сөбүлэҥ биэрэн, биэриибин дьэ таһааран бардым. Бастаан нэдиэлэҕэ иккитэ тахсара, бастакы аата «Айыы илдьитэ» диэн этэ, онно холобур Тэрис архыыптан хомуйан таһаарбыт матырыйаалларын угуһү туттубутум.
Ити ааптарыскай биэриибин эмиэ 20-тэн тахса сыл оҥорон кэлбитим, онно «күн аайы эфииргэ ааттаннахпыный, биэриим бэйэтин да бириэмэтэ кылгас» диэн ааппын, араспаанньабын чоргуйбат этим, онон үгүс сылларга мин биэриим буоларын, ким бэлэмнээн аахтарарын истээччи билбэт да этэ… Алгыстары, өбүгэ өйдөбүллэрин, этиилэрин архыыптан, араас источниктартан көрдөөн булбут суруйууларбын артыыстарга, атын да элбэх дьоҥҥо бу биэриибэр эфииргэ аахтарбытым, ордук чорботон үгүс сылларга аахпыт норуодунай артыыс Александра Дмитриевна Иванованы, кини иннинэ артыыс Симон Федотовы, онтон Афанасий Федоровы иэйэн-махтанан ааттыыбын. Онтон, Айыы диэн тылы туттумаҥ, диэн айдаан тахсан, биэриибин бэйэтин суох гына сыспыттара, оччотооҕу НВК Бэрэсидьиэнэ Афанасий Ноев өйөбүлүнэн эрэ эфиргэ хаалбыта. Кини: «Аатын уларыттаххына тохтуохтара. Эн ити биэрииҥ бүттүүн норуокка олус наадалаах, көмүскүөм…», — диэн үтүө сүбэтинэн мин үгүһү толкуйдаан, сыымайдаан баран, биэриибин «Аламай күҥҥэ айхал» диэн уларытан ааттаабытым. Билигин кэпсээтэххэ дөбөҥ, оттон кэмигэр харах уута да баара. Бу биэриим бастакы режиссера Лидия Черноградская этэ, онтон элбэх сылларга саха араадьыйатын бары режиссердарын кытта муусукатыгар, байытар тыаһыгар-ууһугар, устуудьуйаҕа устуутугар үлэлээбиппит. Ол — режиссердар Александра Попова, Юрий Чекуров, Анна Пудова, уонна элбэх сылларга олус тапсан,өйдөһөн улэлээбит режиссерум Ольга Степанова.
Кэлин бу биэриилэрбиттэн түмэн, научнай архыыпка хараллан сытар былыргы алгыстары источниктарын ыйан киллэрэн, “Бичик” кинигэ кыһатыгар «Аламай күҥҥэ айхал!» диэн дьоҕус кинигэ таһааттарбытым. Үгус сылларга араадьыйаҕа үлэбиттэн бу ааптарыскай биэриилэрбин аҕынным, кинилэртэн атын араас элбэх биэриилэри, быһа тахсар эфиирдэри, тэлэбиидэнньэҕэ тахсыылары кэпсээтэххэ — уһун. Билигин мин атын матырыйаалларбын, сылдьыбыт айаннарбын, элбэх сирдэргэ суруйбут кэпсэтиилэрбин түмэн эмиэ бэчээттиир наада дуу диэн санааҕа кэлэн эрэбин… Түмүкпэр этиэм этэ — идэни таба талыы, сүрэҕиҥ сөбүлүүр үлэтинэн дьарыктаныы, өрүү үүнүү-сайдыы – дьол! Оттон биһиги — бэчээт, көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэҕэ үлэлээбит, үлэлиир суруналыыстар — дьону, үүнүүнү-сайдыыны, тулабытын сэргиирбитинэн, кэрэхсиирбитинэн, сүрэхпитин-харахпытын арыйан олох олорорбутунан — дьоллоохпут!
Полина ПЕРУАШЕВА,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,
СӨ Тэлэбиидэнньэтин, араадьыйатын туйгуна, “Саха” НКИХ үрүҥ уонна кыһыл көмүс бэлиэлэрин хаһаайката, ССРС Дьоруойа Н.А.Кондаков аатынан бириэмийэ лаурета, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Көмүс микрофон» бириэмийэтин лауреата, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.