Улуу Кыайыыны уруйдаан бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр, Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан саха цииркэтин киэҥ уораҕайыгар сылын аайы ыытыллар «Биһиги Кыайыы оҕолоробут» диэн бэртээхэй кэнсиэр саҕаланна.
Саала иһэ толору дьонунан туолан турар. Кэнсиэр тиэмэтэ, биллэн турар, уоттаах сэрии сылларыгар аналлаах, Кыайыыны түстээбит ырыалары биллэр-көстөр ырыаһыттар ыллыыллар. Цииркэ артыыстара ураты, киһини долгутар араас трюктары көрдөрөллөр.
Туйаара Васильева, Дьокуускай олохтооҕо:
— Олус бэртээхэй кэнсиэр буола турар. Саха цииркэтин салалтата сылын аайы Кыайыы күнүгэр маннык хабааннаах тэрээһини ыытара махталлаах. Түгэнинэн туһанан, Саха сирин ытык-мааны олохтоохторун Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Василий Алексеев, биэнсийэлээх:
— Кыайыы күнүн иннинэ саха цииркэтэ анал кэнсиэригэр хаһыс да сырыым буолар. Олус үчүгэй кэнсиэр буола турар. Саала иһэ көрөөччүлэринэн толору. Бары бэркэ диэн билэбит, Украина Арассыыйа сыһыаннарыттан балаһыанньа хайдаҕын, бары түмсүөҕүҥ диэн ыҥырабын. Барыта этэҥҥэ буолуо диэн эрэнэбин. Барыгытын Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaasru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ