Биһиги дириҥ силистээх-мутуктаах литературабыт…

13.05.2020
Бөлөххө киир:

Быйыл саха литературатыгар бэлиэ сыл. Өксөкүлээх Өлөксөй “Байанай алгыһа” хоһооно — саха суругунан бастакы айымньыта суруллубута 120 сыла буолла. Бу кэм устата литературабыт ханнык сүрүн хайысхаларынан  сайдан кэллэ? Литератураҕа  туох дьайарый, бүгүҥҥү туруга хайдаҕый?

Бу уонна да атын ыйытыыларга хоруйдуур Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, “Чолбон” сурунаал сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччы, бэйиэт, публицист Гаврил АНДРОСОВ.

 

—Гаврил Гаврильевич, Улуу Кыайыы 75 сылынан, саха литературата сэрии быһаарыылаах кэмнэригэр норуоту сомоҕолуур күүһүн, оруолун туһунан бүгүн санаан-ахтан ылыаҕыҥ эрэ…

—Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыытыгар саха суруйааччылара “Социалистическая Якутия” хаһыат нөҥүө өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бары биир киһи курдук өстөөҕү утары охсуһарга ыҥырар төлөннөөх Аһаҕас суруктарын бэчээттэппиттэрэ. Сурукка илии баттаабыттар ортолоругар норуот ырыаһыта Екатерина Иванова, кыргыс хонуутуттан эргиллибэтэх политрук Дьүөгэ Ааныстыырап, “Хайыһар” ырыа тылларын айбыт Чаҕылҕан бааллара. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Серафим Кулачиков-Эллэй, бырабылыанньа чилиэнэ Николай Туобулаахап, “Хотугу сулус” альманах эппиэттиир эрэдээктэрэ Архип Абаҕыыныскай, альманах редколлегиятын чилиэнэ Дьүөгэ Ааныстыырап, суруйааччы сойууһугар эрдэ тэрийэр бөрүө эппиэтиир сэкирэтээринэн үлэлии сылдьыбыт Макар Хара, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа Күн Дьирибинэ фроҥҥа ыҥырыллыбыттара. Суруйааччылар Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон, Сергей Васильев-Борогонскай кыргыһыы буола турар сиригэр командировкаҕа баран кэлбиттэрэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын кэккэтиттэн саха литературатыгар бэлиэ суолу хаалларбыт Эллэй, Софрон Данилов, Болот Боотур, Петр Тобуруокап норуот суруйааччытыгар тиийэ үүммүттэрэ. Икки бойобуой мэтээллээх дэгиттэр суруйааччы Тимофей Сметанин кылгастык эрээри, чаҕылхайдык күлүм гынан ааспыта. Икки бойобуой уордьан кавалера, снайпер, суруйааччы Алексей Бродников, Кыһыл армия старшай лейтенана, прозаик Исай Никифоров, гвардия старшай сержана, танкист, прозаик Семен Никифоров, Приволжьетааҕы байыаннай уокурук ыстаабыгар сулууспалаабыт кириитик Георгий Сыромятников, Ленинград оборонатын кыттыылааҕа, поэт Степан Тимофеев курдук ууну-уоту ортотунан ааспыт дьон сойуус чилиэнинэн киирбиттэрэ. Тимофей Сметанин “Егор Чээрин” сэһэнэ, Исай уонна Семен Никифоровтар байыаннай прозалара, Софрон Данилов “От үрэххэ” кэпсээнэ, Дьуон Дьаҥылы, Иннокентий Эртюков, Макар Хара уонна, биллэн турар, Сметанин фроннааҕы лирикалара Аҕа дойду Улуу сэриитин тиэмэтин саха литературатыгар дьоһуннук арыйбыттара.

Сэрии кэмигэр саха суруйааччылара сытыы бөрүөлэринэн өстөөҕү утары хорсуннук охсуспуттарын туоһута – оччолорго хараҕа суох буолбут Эрилик Эристиин уонна Амма Аччыгыйа бастакы арамааннарын айан, литератураны үрдүкү таһымҥа таһаарбыттара; литература историга Георгий Башарин репрессия сылларыгар тэпсиллибит саха литературатын төрүттээччилэр сырдык ааттарын тилиннэрэр туруулаһыытын саҕалаабыта. Төһө да чычырбас кэмнэр тирээтэллэр, “Хотугу сулус” альманах, уопсай хомуурунньуктар, фронтовик суруйааччылар кинигэлэрэ тиһигин быспакка тахса турбуттара.

—Быйыл саха суруйааччыларыгар бэлиэ сыл. Өксөкүлээх Өлөксөй “Байанай алгыһа” хоһооно — саха суругунан бастакы айымньыта суруллубута 120 сыла (сорох чинчийээччилэр итинник санаабаттарын туһунан боппуруоһу таарыйбаппыт). Бу кэм устата саха литературатын сайдан кэлбит хайысхаларыттан саамай сүрүннэрэ, Эн санааҕар, ханныктарый? 

—1900 сыллаахха кэлин айар тыл аҕатынан ааттаммыт Өксөкүлээх Өлөксөй “Байанай алгыһа” диэн айымньытын сурукка түһэрбитэ. Онон быйыл саха суругунан уус-уран литературатын төрүттэммитэ 120 сыла туолла. Оччолорго, өссө бүттүүн сахалыы алпаабыт да суох кэмигэр, литература үөскээбитин түмүгэр, саха омукка судаарыстыбаннас, искусство, наука, култуура олуктара охсуллубуттара. Саха саҥа үөскээбит суругунан литературата Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Ойуунускай, Николай Неустроев, Алтан Сарын чаҕылхай холобурдарыгар сомоҕолоһуу, көҥүл, сайдыы идиэйэтин уус-ураннык илбистээх тылынан дириҥник уонна киэҥник анааран дьүһүйбүтэ. Алампалыы эттэххэ “этэ ыалдьарын ынчыгынан ырыҥалыыр” бар дьонугар суолдьут сулус буолбута.

Саха суругунан уус-уран литературата үөскээбит төрдүн чинчийээччилэр норуот фольлорун уонна нуучча классиктыы литературатын ааҕаллар. Мин онно түҥ былыргы түүрдүү тыллаах литератураны, суругу-бичиги, науканы холбуом этэ. Ол үтүө холобурунан Йоллыҕ Тэгин Орхоннооҕу суруктарын, Юсуф Баласугуни поэматын, Махмуд Кашгари тылдьытын бэлиэтиэххэ сөп. Дириҥ силистээх-мутуктаах эрэ буолан Сибиир түгэҕэр бүгэн сыппыт саха омук маҥнайгы суруйааччылара кимтэн-туохтан да толлубакка аан дойдуну арҕаран, икки атах бүттүүн кыһалҕатын анааран айбытынан барбыттара диэн саныыбын.

—Литература бүгүҥҥү туругун, уопсайынан,  хайдах сыаналыыгын?

—1990-с сыллар саҥаларыгар соцреализм ньыматыттан реализмҥа эргиллии буолбутугар, айар эйгэҕэ көҥүл тыын киирбитигэр саха литературата кэнчээрилии түспүтэ, хааччахха хааттарбыт суруйааччылар кырдьыгы көрдөрөр, көҥүлгэ сирдиир айымньылары айбыттарын чаҕылхай туоһутунан Реас Кулаковскай “Олох лабаалара”, Петр Аввакумов “Өлбүт өтөхтөр”, Эдуард Соколов “Буруйдаах”, Кындыл — Иван Гоголев “Иэйиэхсити кэлэтии”, “Үһүс харах”, “Ытык дабатыы” кинигэлэрэ буолаллар. Ити кэмҥэ Саха кэнгириэһин салайааччытынан талыллыбыт норуот духуобунай лиидэрэ Софрон Данилов “Санаам туймуулара” кинигэтин олоҕу билбит, эр санаалаах, уһун-киэҥ толкуйдаах саарын киһи бар дьонугар анаабыт саҥа кэм библиятын курдук ылынабын.

Саха литературата – Арассыыйа литератураҕа эйгэтин сорҕото. Бу эйгэҕэ нууччалыы тыллаах литература инники күөҥҥэ турар. Манна даҕатан кыбыттахха, кини хас да, сороҕо бэйэ бэйэлэригэр утарыта турар сүүрээннэринэн сайдар. Ол арахсыыларын барыллаан патриоттар уонна либераллар диэн өйдүөххэ сөп. Нууччалыы тыллаах литература буоллаҕына – аан дойду литературатын сиэркилэтэ. Аны аан дойду литература диэн өйдөбүлү быһаарар буоллахха, манна бас-көс оруолу Арҕааҥҥы (Европа-Америка) эйгэ ылар. Ордук Арассыыйа либераллыы суруйааччылара бу арҕааҥҥылар тэлэр суолларын сокуон курдук ылынан батыһаллар. Ол гынан баран аан дойду, Арассыыйа өйдөөх дьоно бэлиэтииллэринэн, Европа-Америка эйгэтэ өй-санаа кириисиһигэр киирэн эрэр. Ол оннугар Азия омуктара – дьоппуоннар, кытайдар, индустар, кэриэйдэр култуураҕа, искусствоҕа, литератураҕа инники кэрдиискэ тахсаллар.

Бу аан дойду, Арассыыйа искусствотын, култууратын, литературатын долгуннара биһиги сахабыт литературатыгар дьайаллара саарбаҕа суох. Ол түмүгэр аан дойду бастыҥ классиктыы литературатын ситиһиилэрин сэргэ, маскультура, субкультура араас сүүрээннэрэ, Арҕааҥҥы дойдуларга үөскээбит өйүн-санаатын кириисиһэ араастаан дьүһүн кубулуйан биһиэхэ кэлэр. Арассыыйаҕа демократиялыы уопсастыба тутуллар кэмигэр нуучча бэйиэтэ Анатолий Парпара биир хоһоонугар бэлиэтээбитинии, көҥүл өрөгөйдүүр кэмигэр бэйиэттэр саҥалара иһиллибэт буолбута. Ол түмүгэр саха литературатыгар көҥүлтэн өрөгөйдөөбүт күүрээн уоста быһыытыйыытын саҕана аны маскультура көстүүтэ коммерческай литература харса-хабыра суох өтөн киирдэ.

Ол гынан баран Алампаттан, Ойуунускайтан ыла саха литературатын үгэһэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр. Билигин 1960-70 сылларга норуот бэйиэтэ Сэмэн Данилов кыым сахпыт көлүөнэтэ ол ситими айар үлэлэринэн уонна литература процеһыгар салгыыр. Өксөкүлээхтэн саҕаламмыт саха аан дойдуну анаарар уус-уран дьүһүлгэнин күн бүгүн Николай Лугинов прозатыгар көрөбүн.

—Дойдубутугар, covid-19-н сибээстээн бүгүҥҥү уустук балаһыанньа үөскээбэтэҕэ буоллар,  муус устарга эдэр суруйааччылар уочараттаах сүбэ мунньахтара буолуохтаах этэ… Эдэр ааптардар бүгүн төһө көхтөөхтөрүй?

—Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева 2004 сыллаахтан сөргүппүт Эдэр суруйааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтара быйыл тохсус төгүлүн ыытыллыаҕа. Бу 16 сыл иһигэр сүбэ мунньахтан кынаттанан Семен Маисов, Анатолий Слепцов, Елизавета Мигалкина, Сергей Москвитин курдук бэлиэ ааттар литератураҕа киирдилэр. Билигин сүбэ мунньах эйгэтигэр киирэн Саргылаана Сандаар, Дорҕоон-Дохсун Борогууһун, Ангелла Попова, Василий Тимофеев, Айсен Никитин, Николай Васильев, Мария Андреева курдук дьоҕурдаах ыччаттар буһуу-хатыы кыһатын бара сылдьаллар. Оҕо литературатыгар, дыраамаҕа, уус-уран тылбааска, кириитикэҕэ холонор эдэр дьон бааллара бу кэлиҥҥи кэмҥэ аһааҕырыах курдук буолбут литература көрүҥнэригэр эрэли үөскэтэр.

—Самоизоляция кэмэ суруйааччыга, суруйан испиккин ситэрэргэр, саҥа айымньыларгын саҕалыыргар, хайа эрэ өттүнэн, көмөлөөҕө дуу…

—Уот харахха бэлиэтээтиҥ. Уопсастыбаннай тэрээһиннэр сөҕүрүйэннэр, өссө кулун тутарга хас да улахан үлэни, сороҕо өр соһуллубутун, түмүктээтим. Ол иһигэр быйылгы “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэлэмнээбит хоһооннорум саҥа хомуурунньун өссө чочуйан, ситэрэн биэрдим. Итиэннэ, өр кэмтэн торумнаабыт хоһооннорум уонна тылбаастарым кинигэтин сааһылаан бүтэрдим. Ону тэҥэ, биир өр кэмҥэ суруллубут улахан хоһоонунан айымньыбын иннин ыллым эрээри, өссө да чочуйарым буолуо…

Аҕалара дьиэтигэр баарыттан саамай үөрбүт дьиэ кэргэниҥ буоллаҕа. Дьиэҕэр-уоккар бу күннэргэ тугу ситэрдиҥ-хотордуҥ, Гаврил?

—Чахчыта да, дьиэ кэргэнинэн түмсэн ситэ тахсыбатах ахтылҕаммытын таһаарсабыт (күлэр). Ситэрии-хоторуу туһун эттэххэ, инникини торумнуубут. Ону олох көннөҕүнэ ылсыахпыт. Иитии-такайыы боппуруостарынан күүскэ дьарыктанабыт.

Кэпсээниҥ иһин махтал! 

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0