БИҺИГИ ДИМ ДИМЫЧПЫТ

Ааптар: 
19.11.2021
Бөлөххө киир:

Ааспыт сайын өрөспүүбүлүкэбитигэр хаһааҥҥытааҕар да ойуур баһаара элбэхтик туран, нэһилиэнньэлээх пууннарга суоһаан, норуоту атаҕар туруорбутун бары билэбит. Уоту утары үлэни сүрүннээбит, этэргэ дылы, утуйар уутун умнан туран да турууласпыт салайааччынан Дмитрий Дмитриевич Садовников буолар. Кинини билбэт, кини туһунан истибэтэх киһи суоҕа буолуо дии саныыбын.

Кинини кытта атах-тэпсэн олорон күннээҕи олохпутугар-дьаһахпытыгар сыһыаннаах араас боппуруостарга кэпсэттибит.

ОЙУУР БАҺААРЫН УТАРЫ ТУРУУЛАҺЫЫ

— Дмитрий Дмитриевич, бастатан туран, өрөспүү­бүлүкэбитигэр бу ааспыт сайын ойуур баһаардара олус тураннар, этэргэ дылы, ус са­­йыны быһа эн онон эрэ олорбутуҥ диэтэххэ, арааһа, сыыспатым буолуо. Баһаары умуруорууга күүстээх үлэ ыытыллан, бары өттүнэн сөптөөх оскуоланы аастахпыт буолуо. Эһиил да кураан, итии сайыны сабаҕалыыллар. Онон бэлэмнэнии үлэтэ номнуо саҕаланнаҕа.

— Этэн аһарбытыҥ курдук, ааспыт сайын элбэх ойуур ба­­һаардарынан уратылаах буолла. Икки ый кэриҥэ үгүс улуустарга таммах да уу түспэккэ, кураан уонна сырылатан-сырбатан ку­­йаас күннэр сатыылааннар, ойуур баһаардара күүскэ туралларыгар бары өттүнэн тоҕоостоох күннэр-дьыллар турбуттара.

Биллэн турар, быйыл ойуур баһаара уйаммытын-хатаммытын тургутан көрдө. Билигин ойуур баһаарыгар сыһыаннаан бүтэһик түмүгү таһаарыы барар. Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ кэлэр сылга ойуур баһаарын умуруорууга көдьүүстээх систиэмэни олохтуурга ылсан үлэлээн эрэбит. Сүрүн болҕомтону баһаар ойууру сиир иэнин быдан аччатыыга ууруохтаахпыт, ону тэҥэ, турбут уоту бастакы күннэргэ була охсон, саба баттыыр кыаҕы, күүһү баар оҥорору ситиһиэхтээхпит. Итини ситиһэргэ, бастатан туран, бастайааннай үлэһит ахсаана элбэтиллиэхтээх, анал тэриллэринэн уонна тиэхиньикэлэринэн хааччыллыы күүскэ ыытыллыахтаах. Ити этиллибиттэри олоххо киллэрэргэ сүрүн оруолу, биллэн турар, үп-харчы ылар. Ол эмиэ быһаарылынна диир толору кыах баар. Ил Дархан Айсен Николаев сөптөөх үлэни ыытан, туруорсан, туруулаһан, федеральнай бүддьүөттэн кэлэр сыллааҕы тустаах сыалга туһанарга 1 миллиард 619,3 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ. Итинтэн 1 миллиард 170 мөлүйүөн солкуобайын ханнык хайысхаларга көдьүүстээхтик туһанары аттардыбыт. Холобур, ойуур баһаарын умуруорууга 309,4 мөлү­йүөн солкуобайы, ойуурга уот куттала үөскүүрүн быһаарыыга, сиринэн сылдьан көрүүгэ-истиигэ, ма­­нааһыҥҥа 33,6 мөлүйүөн сол­куобайы, көтөр аалларынан ойуур баһаардарын көрүүгэ-ис­­тиигэ, билиигэ 640,5 мөлүйүөн сол­куобайы уонна умуруорууга дьон ахсаанын элбэтиигэ 186,7 мөлү­йүөн солкуобайы быһа барыллаан тыырдыбыт.

— Бу сайын адьас баһаарынан эрэ олордуҥ быһыылаах. Бары даҕаны буолуо… Ньукуолун күнүттэн ойуур баһаардара турбуттара.

— Быйылгы ойуур баһаарын сезона тус бэйэбэр бастакыттан да олус «чугас, ыкса» этэ. Биир да күн сынньаммыппын, өрөөбүппүн бу диэн өйдөөбөппүн. Бэс ыйа саҕаланыаҕыттан хамаандам биир күн өрөөбөккө уустук балаһыанньаҕа үлэлээбитэ. Ама да ааспытын иһин, кырдьык, ыарахан кэмнэр этилэр ээ. Кутталлаах, ыксаллаах балаһыанньа от ыйын бүтүүтэ уонна ­атырдьах ыйын саҥата бүрүүкээбитэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыаллаах-куустаах кэмнэр турбуттара.

Тыал-куус түһэрин туһунан истээт, тута түүн Ытык Күөлгэ көппүтүм. Ил Дархан Айсен Николаев – Бэс Күөлүгэр, оттон Дмитрий Лепчиков (СӨ нэһилиэнньэҕэ куттал үөскээбэтин хааччыйар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ) – Кэбээйи улууһун Сииттэтигэр…

Быйыл ойуур баһаара 46 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа суоһаабыта. Бэс Күөлүгэр ойуур баһаара киирэн, аймалҕаны таһаарбыт кэмигэр, Ытык Күөлгэ эмиэ итинник уустук балаһыанньа буолбута. Ойуур баһаара мастар үөһээ өттүлэринэн барбыта. Чахчы уустук балаһыанньа үөскүөхтээҕин чугас уулаах сир баар буолан абыраабыта. «Полярные авиалинии» бөртөлүөттэрэ онтон ууну оборторон ылан,

уоту умуруорбуттара. Ити кэнниттэн хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууннарга ыксаллаах кэмҥэ туһанарга итинник искусственнай уулаах сирдэри баар оҥоруохха сөп эбит ­идиэйэ киирбитэ.

Түгэнинэн туһанан, Саха сирин олохтоохторугар истиҥник махтанабыт. Чахчы ис сүрэхтэриттэн туруулаһан туран, ойуур ба­­һаарын умуруорууга кытыннылар. Холобур, Ньурба уонна Сунтаар олохтоохторо түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр. Сунтаар улууһун баһылыгын солбуйааччы Николай Александрову уонна улуус борокуруорун ордук чорботон бэлиэтиибин. Ыксаллаах кэмҥэ чахчы кытаанах миэрэлэри ылынан үлэлээбиттэрэ. Сөпкө гыммыттара. Тоҕо диэтэххэ, ойуур баһаара сарсын хайдах-туох буолан турара адьас биллибэт ээ. Холобур, сааскы халаан уута оннук буолбатах, уу син биир өрүс сүнньүн батыһар, муус халыҥа төһөтө биллэр… Оттон ойуур баһаарын утары охсуһуу сэриигэ тэҥнээх, хантан кэлэн саба түһэрэ, ханан барара биллибэт… Ойуур ба­­һаарын уота мастары үрдүлэринэн барбытыгар, элбэх киһи уот иччилээх диэн биир санааҕа кэлбиттэрэ, хайдах эрэ толкуйдуур, ыйааһыннаан көрөр курдук… Холобур, дьокутаат Матвей Евсеев, Сунтаарга олохтоох уолаттар ойуур баһаарын кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ, көрдөһө-көрдөһө утары үлэлииллэр диэн кэпсээбитэ.

— Ойуур баһаарын умуруорууга уопсастыбаннай добровольческай ыстаап үлэтэ улахан көдьүүһү оҥорбута биллэр.

— Оннук. Ол эрээри, биири өйдүөх тустаахпыт. Ойуур баһаарын идэтийбит үлэһиттэр, ол эбэтэр исписэлиистэр умуруорбуттара. Онно эбии добровольческай ыстаап баһаары умуорууга улаханнык көмөлөспүтэ, нэһилиэнньэни атаҕар туруорбута.

ОТТУК СЕЗОНУГАР БЭЛЭМНЭНИИ

— Оттук сезона саҕаламмыта ыраатта эрээри, ол туһунан кылгастык кэпсээн ааһыах эрэ.

— 2021-2021 сс. кыстык сезонугар бэлэмнэнии бы­­лаан быһыытынан барбыта. Манна хомунаалынай хаһаайыстыба эбийиэктэригэр кыһын устата туһаныллыахтаах оттугу тиэрдииттэн саҕалаан өрөмүөнүгэр тиийэ барытын ыытабыт, оҥоробут. Бу үлэ этэҥҥэ үмүрүтүллэригэр СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтата эппиэттиир, кыраҕытык хонтуруоллуур. Саха сирин усулуобуйата кытаанаҕынан сибээстээн, ол эбэтэр кыһыммыт балачча уһун буолан, сы­­лааһынан хааччыйар эби­йиэктэр ити кэмҥэ тохтоло суох үлэ­лииллэрин биһиги толору хааччыйыах тустаахпыт. Итини толорор инниттэн ааспыт сайын 1165 хочуолунайы, 3 954,3 км уһуннаах ититэр, 1 430,5 км уһуннаах уу, 762,5 км уһуннаах канализация, 1430,5 км уһуннаах уот ситимнэрин уонна 144 дизельнэй электро-ыстаансы­йаны оттук сезонугар бэлэмнээн өрөмүөннүүрү ситистибит. Быйыл бы­­лаан быһыытынан тус­­таах ­улуустарга холбоон барыта 504 тыһыынча туонна оттугу тиэртибит. Онон тустаах үлэлэр этэҥҥэ толорулланнар 36 улууска оттук сезона этэҥҥэ саҕаламмыта. Алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри биллэриллибит уһун өрөбүллэргэ хомунаалынай хаһаайыстыба уонна энэргиэтикэ үлэһиттэрэ биир да күн өрөөбөккө үлэлээбиттэрэ. Онон ити кэмҥэ ханнык да сыыһа-халты тахсыбата. Билигин хомунаалынай хаһаайыстыба уонна энэргиэтикэ эбийиэктэрэ этэҥҥэ үлэлии тураллар.

КЫТААНАХ БӨҔҮ МУННЬАР ПОЛИГОН

— Аны кытаанах бөҕү мунньар полигоннар тустарынан кэпсэтиэххэ. Тустаах эбийиэк Дьокуускайга хаһан тутуллан үлэҕэ киирэрий?

— Дьокуускай куоракка кы­­таанах бөххө аналлаах саҥа полигон Бүлүүлүүр суол 27-с км тутуллара былааннаммыта. Эбийиэк сылга, ортотунан, 142118 туонна кытаанах бөҕү аһарар кыамталаах. Сүрүн тутааччынан «ОДьКХ» ГУП анаммыта. Полигон учаастага бырамыысыланнай диэн категорияҕа көһөрүллүбүтэ, ойуурун маһа-ото кэрдиллибитэ, тулалыыр эйгэҕэ дьа­­йыытын быһаарыы чэрчитинэн, Уопсастыбаннай истии быйыл кулун тутарга ыытыллыбыта.

Эбийиэк бырайыага СӨ Росприроднадзорун экологияҕа судаарыстыбаннай эспэр­тиисэтин ааһан, сөптөөх эппиэти ылбыппыт. Онон билигин быра­йыак «Главгосэкспертиза России» тэрилтэҕэ көрүүгэ сылдьар. Барыта этэҥҥэ бардаҕына, полигон 2023 сыл бастакы кыбаарталыгар үлэҕэ киириэҕэ. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы дьаһалынан эбийиэк суһаллык тутулларыгар болҕомто уурулунна.

— Бары билэрбит курдук, 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр кытаанах хомунаалынай бөҕү-сыыһы кытта үлэҕэ саҥа систиэмэ олоххо киирэн, ити кэмтэн эрэгийиэннээҕи оператордар үлэлээн барбыттара.

— Кытаанах бөҕүнэн дьарыктанар оператордар үлэлииллэригэр анаан Саха сирэ алта эргимтэҕэ араарыллыбыта. Холобур, өрөспүүбүлүкэ киин эргимтэтигэр «Якутскэкосети» ХЭУо, арҕаа өттүгэр «МПЖХ» ХЭУо, киин-илин өттүгэр «Экологические системы Якутии» ХЭУо, Нерюнгригэ «Переработчик» МУП, Алдаҥҥа «Алданские пассажирские перевозки» МУП уонна Арктикаҕа «ОДьКХ» ГУП диэн тэрилтэлэр үлэлээн эрэллэр.

Билигин СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэҕэ министиэ­ристибэтэ Арҕааҥҥы эргимтэни Үөһээ Бүлүүтээҕи, Бүлүүтээҕи, Ленскэйдээҕи, Мииринэйдээҕи, Ньурбатааҕы, Өлүөхүмэтээҕи уонна Сунтаардааҕы диэннэргэ араарыы үлэтин тэрийэр. Ол аата, сэттэ тус-туспа оператор баар буолар.

Уопсайынан, ити хайысханан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн наардыыр 29 эбийиэк, кытаанах бөҕү суох оҥорор аналлаах 13 уонна тобохтору мунньар 14 эбийиэктэр тутуллан үлэҕэ киириэхтээхтэр. Балары олоххо киллэрии 2026 сылтан саҕаламмытынан барыахтаах. Билиҥҥи туругунан, эрэги­йиэннээҕи оператордарга барыта 383 анал тиэхиньикэ, ол иһигэр 209 бөҕү таһар анал көлөлөр, 12 бульдозер, 8 погрузчик уонна 153 анал тиэхиньикэлэр наадалар.

Анал тиэхиньикэ тиийбэтиттэн, сөптөөх суол-иис суоҕуттан уонна нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах сыталларыттан сылтаан, бөх-сыыс реформата ыраах сытар нэһи­лиэктэргэ өссө да саҕалана илик. Билигин эрэгийиэннээҕи оператордар улуус кииннэригэр эрэ үлэлээн эрэллэр. Онон си­­бээстээн, федеральнай таһымҥа эрэгийиэннээҕи оператордар уонна олохтоох бэйэни салайыныы икки ардыларыгар үлэ хайдах-туох барыахтааҕын быһаарар сорук турар.

ЭНИЭРГИЙЭНИ КЭМЧИЛЭЭҺИН

— Эниэргийэни кэмчилээ­һиҥҥэ балай эмит үлэ ыытылынна. Төһө үп кэмчилэннэ?

— Кырдьык, ааспыт сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ эниэрги­йэни кэмчилээһиҥҥэ уонна ­эниэргийэни көдьүүстээх оҥорууга кырата суох үлэ үмүрүтүлүннэ. Холобур, бүддьүөт тэрилтэлэрин энергосервиснэй хантараактарын олоххо киллэриигэ балай эмит уопут баар буолла. Ол курдук, 24 муниципальнай тэрил­лиигэ уонна куораттарга 420 энергосервиснэй хантараак түһэрсилиннэ. Манна барыта 740 эбийиэк хабыллар. Холобур, итинтэн 687-тэ бүддьүөт эйгэтин тэрилтэлэрэ, 23-һэ хо­­чуолунайдар, 22-тэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр, 4-дэ уулуссалары сырдатыы буолаллар. Ити үлэ түмүгэр, барыта 4 миллиард солкуобай кэриҥэ кэмчилээһин тахсара ситиһилиннэ.

Эрэгийиэн таһымыгар олорор дьиэ пуондатыгар энергосервиснэй дуогабардары оҥорууга аналлаах нормативнай, сокуон баазата барыта оҥоһулунна. Ол түмүгэр, энергосервиснэй дуогабары олорор дьиэ пуондатыгар толорбуттарга дохуоттарын ситэри ылбатахтарга субсидия көрүллэр буолла. Эниэргийэни кэмчилээһини уонна эниэргийэни көдьүүстээхтик туһаныыны олоххо киллэрии чэрчитинэн, дааннайдары бэйэтэ биэрэр уонна учуоту оҥорор «өйдөөх» прибордары атыылаһыы ороскуотун сабарга аналлаах субсидия бэриллэр. Сэтинньи 3 күнүнэн субсидияны ылыыга сайаапканы тутуу түмүктэммитэ уонна сэтинньи 12 күнүгэр кыайыылаахтары быһаарбыта. Ити сыалга бүддьүөттэн 22,6 мөлүйүөн солкуобай тыырыллыбыта.

«ЫРААС УУ» ЭРЭГИЙИЭННЭЭҔИ БЫРАЙЫАК

— «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн, «Ыраас уу» эрэгийиэннээҕи бырайыагынан элбэх үлэ барыах­таах. Ол туһунан сиһилии соҕус билиһиннэр эрэ.

— Ити бырагыраама чэрчитинэн, элбэх үлэ үмүрүйүөхтээх диэн саамай сөпкө эттиҥ. Онно үбэ да эппиэттиир. 2021 сылга федеральнай бүддьүөттэн 719,03 мөлүйүөн солкуобай, өрөспүүбүлүкэттэн 7,59 мөлү­йүөн солкуобай уонна улуустартан 1,49 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ, онон барыта холбоон, 726,62 мөлүйүөн солкуобай кутулунна. Ити үбүнэн алта эби­йиэк тутуллан үлэҕэ кии­риэхтээх. Ол курдук, быйыл олунньуга Өлүөхүмэ куораты уунан хааччыйыы систиэмэ эбийиэгин бастакы түһүмэҕэ үлэҕэ киирбитэ. Биир-биир ааттаталыыр буоллахха, маннык хартыына үөскүүр. Быйыл Покровскай куоракка ууну ыраастыыр тутуу үлэҕэ киириэҕэ. 2022 сылга Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр сылы эргиччи уунан хааччыйар носуоснай ыстаансы­йалаах магистральнай уу ситимэ тардыллан түмүктэниэҕэ. Үөдүгэй сэлиэнньэтигэр эмиэ сылы эргиччи уунан хааччыйар носуоснай ыстаансыйалаах магистральнай уу ситимэ тардыллыаҕа, эмиэ эһиил үлэҕэ киирэр. Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтэ эһиил уунан хааччыллара ситиһиллиэҕэ. Өлүөхүмэ куораты уунан хааччыйыы систиэмэтин эбийиэгин саҥардыы иккис түһүмэҕэ эһиил түмүктэниэ.

Ити үлэлэри таһынан, РФ Тутууга министиэристибэтин кытта Сунтаар сэлиэнньэтигэр ууну ыраастыыр ыстаансыйаны тутууга 352,44 мөлү­йүөн солкуобайы көрөргө эбии Сөбүлэһии түһэрсиллибитэ. Итини тэҥэ, 2022-2023 сылларга Хаҥалас улууһун Бэстээҕэр, Амма улууһун Амма сэлиэнньэтигэр уонна Алтан нэһилиэгэр уунан хааччыйар ситимнэри тутууга 1037,04 мөлүйүөн сол­куобайы көрөргө аналлаах сайаапканы ыыппыппытын, РФ Тутууга министиэристибэтэ ылынна.

БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАРЫ ЫРААС УУНАН ХААЧЧЫЙЫЫ

— 2018 сыллаахха даамба уута тоҕо баран, Иирэлээх үрэҕинэн кирдээх уу Бүлүү өрүскэ түһэн, улахан айдаан тахсыбыта. Итинтэн сылтаан Бүлүү бөлөх улуустары ыраас уунан хааччыйыы бырагыраамата ылыныллыбыта. Ол ханна тиийдэ?

— Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр 2 №-дээх «Об экологическом благополучии Республики Саха (Якутия)» диэн Ыйааҕын чэрчитинэн, 2019-2024 сс. Бүлүү бөлөх улуустары уунан хааччыйыы бырагыраамата олоххо киириэхтээх. Тустаах бырагыраама сүрүн сыалынан-соругунан Бүлүү бөлөх улуустары ыраас иһэр уунан хааччыйыахтаах, маны олоххо киллэрэр инниттэн ууну ыраастыыр ыстаансыйалартан саҕалаан сир аннынааҕы ­уулаах сирдэри көрдүүргэ анал­лаах геологическай үлэлэр ыытылланнар, скважиналар тутул­луохтаахтар, кинилэртэн уу ситимнэрэ тардыллыахтаахтар. Ууну таһар тимир көлөлөрүнэн кытары хааччыллыахтаахтар. «АЛРОСА» АХ (ПАУо) ити соругу олоххо киллэрэргэ 300 мөлүйүөн солкуобайы биэрбитэ туһанылынна. Бырагырааманы барытын олоххо киллэриигэ 2 миллиард 194 мөлүйүөн солкуобай ороскуоттаныллыахтааҕыттан СӨ Үүнэр көлүөнэтин пуондатыттан 2019 сылтан 2023 сылга диэри сыл аайы 150 мөлүйүөн солкуобай уонна 2024 сылга 83 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөхтээх. Ити үбү «АЛРОСА» АХ быһаарар. Онон бырагыраама былаанын барытын олоххо киллэрэргэ эбии 1 миллиард 186 тыһыынча солкуобай наадата сытыытык турар.

— Икки сылга туох үлэ ыытылынна?

— 2019-2020 сс. Бүлүү улууһун Халбаакытыгар, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтигэр, Ньурба куоракка (3 устуука), Сунтаар улууһун Сардаҥатыгар, Устьетыгар уонна Илимнииригэр уу баһар анал тиэхиньикэлэр атыылаһыллан бэриллибиттэрэ. Барыта тоҕус устуука. Иккиһинэн, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтигэр, Хомустааҕар, Хоротугар, Сунтаар сэлиэнньэтигэр, Сунтаар улууһун Туойдааҕар, Элгээйитигэр, Кутанатыгар, Шеятыгар, Күндэйэтигэр уонна Күүкэйигэр сир анны­нааҕы уулары чинчийэр геологическай үлэлэр түмүктэннилэр. Үсүһүнэн, Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннааҕар, Хоротугар, Кэнтигэр, Хомустааҕар, Сунтаар улууһун Күндэйэтигэр, Устьетыгар, Элгээйитигэр, Сардаҥатыгар, Кириэстээҕэр, Туойдааҕар, Хордоҕойугар, Ыгыаттатыгар, Бүлүү улууһун Халбаакытыгар, Мииринэй Сүлдьүкээригэр уонна Ньурба улууһун Күндээдэтигэр сууккаҕа 20-тэн 100 куб.м диэри ууну ыраастыыр кыамталаах ыстаансыйалары атыыластылар. Онон сибээстээн, ыстаансыйалары тутарга уонна уу ситимин тардыыга аналлаах бырайыак докумуоннарын оҥоруу саҕаланна. Төрдүһүнэн, Сунтаар сэлиэнньэтигэр уунан хааччыйар эби­йиэги тутуу бырайыага оҥоһуллан түмүктэннэ. Бэсиһинэн, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр үлэлии турар ууну ыраастыыр ыстаансыйаны тиэхиньиичэскэй өттүнэн саҥардыы ситиһилиннэ. Ол курдук, сууккаҕа 1000 куб. м ууну ыраастыыр кыахтанна. Бу үлэ суумата 9 мөлүйүөн 517 тыһыынча солкуобай этэ. Бу тэрээһин Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин дьаһалтатын уонна «Водоканал» АУо икки ардыларыгар түһэрсиллибит Концессионнай сөбүлэһии чэрчитинэн ыытылынна.

Быйыл эмиэ элбэх үлэ үмүрүйүөхтээх. Сүрүннэрин билиһиннэрэр буоллахха, Ньурба улууһун Күндээдэтигэр, Сунтаар улууһун Кириэстээҕэр, Элгээйитигэр ууну баһар тимир көлөлөр атыылаһыллан бэриллибиттэрэ. Сунтаар улууһун Хаданыгар социальнай эбийиэктэр киин ититэр ситимҥэ холбонуллуохтара. Үөһээ Бүлүү Хоротугар, Кэнтигэр, Хомустааҕар, Сунтаар улууһун Элгээйитигэр водозабордар тутуллуохтара. Ньурба улууһун Күндээдэтигэр, Бүлүү улууһун Халбаакытыгар, Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕар сир аннынааҕы ууну чинчийэр-геологическай үлэлэр ыытылыннылар. Бүлүү куоратыгар үлэлии турар ууну ыраастыыр ыстаансыйа өрөмүөннэннэ.

КОРОНАВИРУС ДЬАҤА

— Бу боппуруоһу син биир таарыйабыт. Бу күннэргэ атын эрэгийиэннэргэ уоп­састыбаннай тырааныспардарга куйаар-куоду киллэрэр туһунан дьүүллэһии, кэпсэтии күүскэ бара турар. Саха сиригэр ити киириэ дуо?

— Куйаар-куоду бэрэбиэр­кэлиири өссө кытаатыннарыахха наада. Соторутааҕыта «Чочур Мураан» эрэстэрээҥҥэ сылдьыбытым, онно куйаар-куодпун бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Оттон куорат биир уопсастыбаннай миэстэтигэр киирэрбэр төлөпүөнүм ку­­йаар-куодун көрүүнэн эрэ муҥурдаммыттара, пааспарбын эҥин көрдөөн көрбөтөхтөрө. Маны сыыһа диибин.

Эпидемиологическай бала­һыанньа уустугурар түгэнигэр, уопсастыбаннай тырааныспардарга куйаар-куоду бэрэбиэркэлээһин киирэрин адьас утарыам суоҕа. Ол эрээри, бу бүтэһик миэрэ быһыытынан буолуоҕа. Тоҕо диэтэххэ, тымныы кыһыннаах усулуобуйабытыгар оптуо­бустарга куйаар-куоду бэрэ­биэркэлиир миэрэни ылар соччо бэрдэ суоҕа чуолкай.

ДЬИЭ КЭРГЭНИН…, БААРТЫЙА… ТУҺУНАН

— Дмитрий Дмитриевич, аны чааһынай соҕус кэпсэтиигэ киириэххэ. Бастатан туран, дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэр эрэ, хас оҕолооххутуй? Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын? Дойдугар бара сылдьаҕын дуо?

— Кэргэним Мая Степановна Аммаҕа төрөөбүтэ эрээри, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх. Үс оҕолоохпут, улахан уолбут 22-тэ, кыра уолбут 18-һа, кырачаан кыыспыт алтата. Биллэн турар, иллэҥ кэммэр булка талаһабын, кустуубун, балыктыыбын. Куорат аттынааҕы күөллэргэ сылдьан кустуубун. Тайахха эҥин улаханнык дураһыйбаппын, барахсаттары хайдах эрэ аһынабын ээ. Дойдубар, төһө кыалларынан, сылдьа сатыыбын.

— Кэлиҥҥи кэмҥэ киин куораттарга көһүү элбээтэ. Эйиэхэ ханна эрэ көспүт киһи диэн санаа киирбэт дуо?

— Оннук баар буолла. Билэр дьоммуттан элбэх киһи көспүтэ. Биир бэйэм Москваҕа да, атын ханнык да сылаас сиргэ-уокка көспөппүн. Төттөрүтүн, кэлиҥҥи сылларга күн сирин көрбүт дойдубун ахтарым күүһүрдэ.

— Эдэр сылдьан ми­­ниистир, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы буолуом диэн түүлгэр да баттатан көрбөтөх буолуохтааххын.

— Оннук. Адьас толкуйдаан да, санаан да көрбөтөхпүн ситистим. Хочуолунайга хачыгаарынан үлэлии сылдьан, өрөспүүбүлүкэ ОДьКХ-тын миниистиринэн буолуом диэн ыраламмытым ­буоллар, бииргэ үлэлиир дьонум, ­арааһа, хочуол иһигэр таас чоҕу элитэр күрдьэҕинэн сискэ мииннэриэхтэр этэ.

— Төрөөбүт улуускар баһылыгынан үлэлээ диэн этии киирбэтэҕэ дуо?

— Дьокуускай куоракка Сайсары уокуругун сала­йар кэммэр Орто Халыма улууһугар олорор биир дойдулаахтарым ­анаан-минээн кэлэн, баһылыкка киирис диэн этии киллэрбиттэрэ. Аккаастаабытым.

— Иһиттэх аайы эйигин Дим Димыч дииллэр. Өһүргэммэккин дуо?

— Инньэ диэн аармы­йаҕа сылдьыахпыттан ааттыыллар, Хабаровскайга сулууспа­лаабытым. Туох диэн өһүргэниэхпиний, холобур, Александр Александровичтары Сан Са­нычтар дииллэр. Евгений Фе­доров миигин Дым Дымыч диэн ааттаабыта олох ыраатта. Ол эрээри, быйыл сайын элбэх ба­­һаардар тураннар, Дым Дымыч диэн хайдах эрэ иһиллэр, бэрдэ суох….

— Соторутааҕыта тө­гү­рүк сааскын туолбутуҥ, үбүлүөйдээбитиҥ дуо? Хойутаан да буоллар, эрэдээксийэ кэлэктиибин аатыттан эҕэрдэбин тиэрдэбин.

— Махтал. Ити кэмҥэ уоппускаҕа этим, Железноводскайга баран сынньанан кэлбиппит.

— «Биир ньыгыл Арас­сыыйа» баартыйаҕа бааргын. Букатыннаахтык буолуо.

— Бу баартыйаҕа чилиэнинэн киирэрбэр букатыннаахтык диэн эппитим. Ийэм хомуньуустар баартыйаларыгар эдэр эрдэҕинэ киирбитэ уонна билигин да ис дууһатынан дьиҥнээх хомуньуус.

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Якутия.Инфо ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0