“Өбүгэлэрим суолбун ыйан биэрбиттэрэ…”

20.09.2021
Бөлөххө киир:

Быйыл сайын «Инстаграмҥа” “Алгыс От” диэн саха дьонугар олус туһалаах паблигы буламмын, кыра да буоллар, бэйэбэр сөп буолар эмтээх оту хомуйдум ээ. “Ынах сиир ото” диэбит курдук, мээнэ тэпсэ сылдьар отторбут доруобуйаҕа олус туһалаахтарын билэммин, соһуйдум да, үөрдүм да…

Семен Григорьев 17 сыл устата судаарыстыбаннай сулууспаҕа, араас салайар үлэҕэ: ыччат отделын начаалынньыгынан, нэһилиэк баһылыгынан, улуус баһылыгын солбуйааччынан, норуот дьокутаатын көмөлөһөөччүтүнэн, о.д.а. үлэлээбитэ. Онтон быйыл саас үлэтиттэн баран, сөбүлүүр дьарыгынан — эмтээх оттору хомуйар, тарҕатар, сырдатар үлэнэн дьарыктанан эрэр.

— Пандемия элбэх дьону толкуйга түһэрдэҕэ. Мин чугас дьонум соһуччу олохтон бараннар, хайдах эрэ “олохпун сыыһа олоробун дуу” диэн толкуй киирбитэ. Аан дойдуну аймаабыт пандемия дьиҥ суолтата ол эбит: киһи бу орто дойдуга кэлбит аналын, бэйэтин суолун булунарыгар, олоҕун уларытарыгар көмөлөһөр. 21-с үйэ – Киһитийии, Айылҕаҕа төннүү, олоххо бэйэ суолун булунуу кэмэ.

Дьиҥэ, бэйэм суолбун көрдөөбүтүм ырааттаҕа. Сайыына уһуйааннарыттан саҕалаан, духуобунай үөрэхтэргэ дьарыктаммытым, Тибеккэ баран, Далай Ламаны көрсүбүтүм. 2014 сыллаахха монгуол удаҕана сиэр-туом оҥорбута. Кини эппитинэн, төрүттэрбэр отоһуттар бааллар. Ийэбинэн хос-хос эбэм отоһут эбит. Ийэм, эбэм эмтээх оту хомуйаллара, онон кыра эрдэхпиттэн оту хомуйуу миэхэ сонун буолбатах.

Хас да сыллааҕыта төрүттэрбин үөрэтэн, Үөһээ Мэйик, Наахара уустарын төрүччүлэрин оҥорбутум, хас да кинигэни таһаарбытым. Биир дойдулаахтарым бу үлэбин сыаналаан, Бүлүүчээн нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕун аатын иҥэрбиттэрин инники үлэбэр иэс баайыы курдук сыаналыыбын.

Төрүччү чараас эйгэтэ диэн баар. Тыһыынчанан киһи дьылҕата, олоҕун уопута, санаатын күүһэ түмүллэн, олус күүстээх эниэргийэлээх. Хас биирдии киһиэхэ ийэ, аҕа ууһун дьайыыта баар. Сыыһа туттубут, аньыыны оҥорбут киһи иэстэбилэ сыдьааннарыгар бэриллэр. Ол эрээри, биир киһи ууһун, аймахтарын дьылҕаларын уларытар, оннооҕор норуот дьылҕатыгар дьайар кыахтаах эбит.

Өбүгэлэрбин кытары биир ситимҥэ киирбитим. Кинилэр “отунан дьарыктан” диэн сүбэлэрин ылыммытым. “Аныгы үйэҕэ саха дьоно айылҕаттан олус тэйдилэр, ол доруобуйаларыгар охсуулаах, онон отунан эмтэннэхтэринэ эрэ, тыыннаах хаалыахтара. Эн саха умнуллубут үөрүйэҕин сөргүтэн, дьоҥҥо тарҕатан, сайыннаран, саҥа таһымҥа таһаарыахтааххын” диэн этиттэрбиттэрэ.

П.Лумумба аатынан Норуоттар доҕордоһууларын академиятыгар “Травник” кууруска күнүскү-кэтэхтэн үөрэххэ 3 ый устата үөрэнним. Фитотерапевтар Арассыыйатааҕы бастакы кэнгириэстэригэр кытынным. Сорох саха уһуйааччыларым нууччаларга үөрэнэрбин сөбүлээбэтэхтэрэ. Ол эрээри, өбүгэлэрим утарбатахтара. Нуучча норуотугар былыр “знахарство”, “ведическое учение”, отунан эмтэнии олус күүстээҕэ, ону барытын сурукка тиһэн хаалларбыттарын, кэлин сөргүтэн, күүһүрэн эрэллэр.

Төрүттэрим бэлэхтэриттэн – суолбун арыйан биэрбиттэриттэн, араҥаччылыы сылдьалларыттан дьоллоохпун.

Хас биирдии ыалга отоһут баар буолуохтаах”

— Бу сааскыттан дьону үөрэтэн саҕалаабытым. Бырайыакпар былыр олорон ааспыт өбүгэм Алгыс От аатын иҥэрбитим. Бастаан туохтан саҕалыырбын билбэт этим. Дьэ, онтон кутуллан кэлбитэ. Мээнэҕэ саха тылын салаатыгар учуутал буоларга үөрэммэтэхпин, салайар үлэҕэ үлэлээбэтэхпин билбитим. 25 киһини үөрэтэбин, бу күһүн үһүс түһүмэх буолуохтаах. Кинилэрдиин айылҕаҕа тахсан алтыһабыт. Үөрэппит дьонум эмиэ дьону үөрэтиэхтээхтэр, билиилэрин тарҕатыахтаахтар. Мин баҕа санаам – хас биирдии саха ыалыгар отунан дьарыктанар киһи баар буолуохтаах диэн.

Аныгы дьон айылҕаттан тэйбиппит сүрдээх. Сир астаары, оттоору, бултаары эрэ айылҕаҕа тахсабыт, наар ылар, туһанар эрэ санаалаахпыт. Өбүгэлэрбит айылҕаны кытары быһа ситимнээх буолан, тыйыс дойдуга тыыннаах ортохторо эбээт! Дьыл кэмигэр сөп түбэһэн олороллоро, астара-үөллэрэ эмиэ онно дьүөрэлээх буолара.

Москваҕа сылдьан, дьоппуоннар “Синрин Йоку” диэн үөрэхтэрин туһунан билбитим. Үчүгэйэ диэн, дьоппуоннар арыйыыларын барытын научнай өттүнэн чинчийэллэр, бэрэбиэркэлэммити эрэ итэҕэйэллэр. Бу – айылҕаны кытары алтыһыы ньымата. Ыйга 4 чаас устата дьарыктаннахха, боростуойдук өйдөөтөххө, “батарыайкаларгын” барытын ииттэрэҕин, иммунитеккын, доруобуйаҕын тупсараҕын.

Дьиҥэ, бу үөрэх сахаларга наһаа чугас эбит. Улуу Өксөкүлээх эппитинии, араас омуктар билиилэрин, муударастарын сүһэн ылан, сахалыы тыыннаан, бэйэбитигэр туһаныахтаахпыт. Билигин билии-көрүү, уларыйыы, саҥа таһымҥа тахсыы кэмэ кэлэн турар, онон омугуттан тутулуга суох, киһи-аймахха барытыгар маннык киэҥ билии кэлэр. Ону мүлчү тутумуохпутун наада. Үлүгэрдээх кыргыс үйэтин, сэриилэри, улуу хоргуйууну туораан кэлэн баран, бу тот, байылыат олоххо норуот быһыытынан симэлийэр суолга кэлэн турабыт, ол хас биирдии саха киһититтэн улахан тутулуктаах…

Ыарыы киһиэхэ  тоҕо бэриллэрий?

— Оту хомуйуу судургу дьыала буолбатах. Бу – наука, тыынар тыыннаахха химическэй дьайыыта үөрэтиллэн турар. Бу – искусство, хайдах хомуйартан, хатарартан саҕалаан, киһи-киһиэхэ дьайыыта араас буолар эбит. Биир от икки киһиэхэ араастык дьайар, ол олус дьикти. Эмтээх от буор кукка, эккэ-сииҥҥэ эрэ туһалаах буолбатах, үс куту барытын эмтиир, бөҕөргөтөр, киһи өйүн-санаатын, дьылҕатын кытары уларытар кыахтаах.

Дьон балыыһа эмин курдук, биирдэ истэххэ, үтүөрдэн кэбиһэрин курдук саныыллар. Эмтээх от сыыйа, кэлимник дьайар. Аныгы мэдиссиинэ ыарыы үөскээбитин кэннэ, ол содулун эрэ эмтиир буоллаҕына, от сэрэтэр, ыарыыны үөскэппэт күүстээх. Холобур, хомуйа сылдьан, арчыланаҕын, тууран сиигин, ол аата эмтэнэ сылдьаҕын. Иккиһинэн, хатараргар, харайаргар, кыһын иһэргэр от күүһүн иҥэринэҕин.

От күүһэ аҥаардас туһалаах бэссэстибэлэригэр эрэ буолбатах, тыл, алгыс күүһүн иҥэринэн, чараас эйгэҕэ дьайар, киһиэхэ эниэргийэ өттүнэн арчылыыр, ыраастыыр. Алгыс күүһүнэн эмтиир бырагыраама угуллар. Сүрүн дьайыыта ол. Сорох оттор үөрдэри тэйитэр күүстээхтэр. Онон дьиэни-уоту буруолатан, ыраастыы сылдьыллыахтаах.

Ыарыы мээнэҕэ кэлбэт, киһиэхэ туох эрэ суолталааҕы өйдөтөөрү бэриллэр. Холобур, сыыһа суолунан баран иһэри өйдөтөр. Төрүөтэ араас буолар – төрүттэртэн, эбэтэр урукку олохтон кэлбит буолуон сөп, эбэтэр, айылҕаҕа сылдьан сыыһа туттан, үөрдэргэ дьайдаран эмиэ ыалдьаллар. Үксүгэр сыыһа дьаһанан, толкуйдаан олорортон, сүрэҕэ суох буолууттан ыарыы үөскүүр.

Ыарыы бэйэтэ иччилээх. Ону абааһы көрөн, охсуһан бардахха, бэргэтиэн сөп. “Бу ыарыы миэхэ тугу өйдөтөрүй, туох уларыйыыга сирдиирий?” диэн ытыктабыллаах соҕустук сыһыаннаһыллыахтаах. Бэйэбит доруобуйабыт туһугар кэлэн, дьэ, кытаанах сыһыаннаах дьоммут. Көрдөрүнэр, эрдэттэн сэрэтэр кэлиэ дуо? Доруобуйабыт туһугар харчыбытын да, билиибитин да кэччэнэбит. Араас “сулустар” олохторун билэбит, оттон бэйэбит уорганнарбыт хайдах үлэлииллэрин билбэппит.

Оту хомуйуу кистэлэҥнэрэ

— Айылҕаны, оту-маһы барытын тыыннааҕымсытан көрөбүт, онон сиэр-туом толоробут. Хомуйа барыах иннинэ, өбүгэлэртэн “суолбун арыйыҥ” диэн көрдөһөбүт.

Сиргэ тиийэн баран, сир-дойду иччилэриттэн, Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолортон көрдөһөбүт. Уһуйааҥҥа бу сиэрин-туомун сиһилии үөрэтэбит. Оҕолору илдьэ бардахха, Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолор наһаа үөрэллэр ээ.

Бу кэнниттэн оппутуттан көрдөһөбүт, махтанары умнубаппыт. Бу курдук айылҕалыын биир ситимҥэ киирэн, көрдөһөн, көҥүллэтэбит. Аҥаардас ылар, туһанар эрэ айдааннаах буолары айылҕа сөбүлээбэт. Сорох дьон сиэри-туому билиммэккэ, ойуурга-хонууга тыраахтар курдук күрдьэн, куулунан хомуйан баран, атыылыыр буоллулар, иҥсэрии, харчыга хараҥарыы — ол сэттээх. Сатаан туһаммакка, сытытан, буорту гынан кэбиһии эмиэ сэмэлээх. Икки чаас иһинэн оннун булларыахтааххын. Онон олус элбэх оту хомуйбаппыт, бэйэҕэ сөп буолары эрэ ылабыт.

Бу сайын урут мээнэ биллибэт оттору арыйдыбыт. Холобур, “донник” хааны убатар дьайыылаах буолан, ковиды утары хомуурга солбуга суох. Эмтээх оттор дьон туһаннын диэн үүнэллэр. Дьоҥҥо туһаҕа бардаҕына, айылҕабыт үөрэр эбит.

Дьоҥҥо туһалыы сылдьарбыттан үөрэбин. Мэдиссиинэ үөрэҕим суоҕа эмиэ да үчүгэй эбит, халыыпка киирэн хаалбаккын. Салгыы отоһуттааһын култууратын үөрэтэр, отоһуттары түмэр, сокуон-быраап өттүнэн көмүскүүр, табылыннаҕына, анал сурунаалы, бэйэ бородууксуйатын да таһаарар былаан баар…

Түмүккэ

Кэпсэтэн бүтэн баран, Сэмэн: “Сымнатан, харыстыы соҕус суруйаар”, — диэбитэ. Ол чэрчитинэн уонна балаһаҕа да баппатынан, кэпсэтии үгүс өттө киирбэтэ. Онон, баҕар, аныгыс нүөмэрдэргэ Отоһут Сэмэн сүбэлэрин таһаарыахпыт.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Суруйуу дьоруойун архыыбыттан.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0