Бэтэринэриийэ салайааччыта Петр Петров интервьюта

Ааптар: 
25.04.2022
Бөлөххө киир:

Бэтэринээрийэ департаменын үлэтин-хамнаһын, кыһалҕаларын туһунан департамент салайааччыта Петр Лукич Петрову кытта кэпсэтиибитин билиһиннэрэбит.

 – Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэтэринээрийэтин департаменын үлэтин-хамнаһын туһунан кылгастык сырдатыаҥ дуо?

– Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр чинчийэр лабораториялаах 27 бэтэринээринэй  управление, 8 филиал, биир өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэринээринэй-чинчийэр лаборатория уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэтэринээрийэҕэ департаменын ресурсанан хааччыйар хааһына тэрилтэтэ бааллар. Бэтэринээринэй  сулууспа барыта 1785 үлэһиттээх. Департамеҥҥа икки салаалаах­пыт: бэтэринээринэй тэрээһиннэри ыытар уонна үп-харчы-­юридическай хайысхатын хааччы­йар. Маны таһынан, Дьокуускай куоракка уонна улуустарга су­­даарыстыбаннай иниспиэктэрдэр үлэлииллэр. Быйыл, 2022 сылга, Саха сиригэр бэтэринээринэй сулууспа тэриллибитэ 125 сыла буолар. Сулууспа үбүлүөйүгэр анаан бэтэринээрдэр  спартакиадалара, күөх экраҥҥа биэрии, үбүлүөйүнэй хаартыскалаах альбом оҥоһуллуохтаах, бэтэрээннэр үлэлэрин сырдатыы уонна атын да тэрээһиннэр ыытыллыахтаахтар.

Сайдыы стратегиятын тосхоло

– Саха сирин Бырабыы­талыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко өрөспүүбүлүкэҕэ бэтэринээринэй сулууспа 2030 сылга диэри сайдыытын стратегиятыгар илии баттаабыта. Туохха олоҕуран стратегия оҥоһулунна, сайдыы туох сыаллааҕый?

– Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэтэринээрийэтин департамена уонна Ил Дархан салалтатынан үлэлиир Стратегическай чинчийиилэр кииннэрэ бырайыагы оҥорбуттара. Чинчийэр киин исписэлиистэрэ Мэҥэ Хаҥалас Хорообутугар баран бэтэринээринэй лечебница үлэһиттэрин кытта бииргэ сылдьан кинилэр үлэлэрин үөрэппиттэрэ, хронометражнай кэтээн көрүү лииһин оҥорбуттара, ону таһынан, Департамеҥҥа ыытыллар үлэ барыытын чинчийэн, үөрэтэн, туох тиийбэтин быһааран, стратегия бырайыагар киллэрбиттэрэ. Стратегия өрөспүүбүлүкэбит бэтэринээринэй сулууспата Саха сиригэр кыылга, сүөһүгэ сыстыганнаах ыарыылар турбаттарын туһугар ыытыллар үлэлэр сүрүн сайдар хайысхаларын быһаарар. Бэтэринээринэй сулууспаны саҥатытан, аныгылыы, аан дойду таһымнаах ыстандаарка эп­­пиэттиир гына сайыннарар, тупсарар соруктаах. Стратегия бырайыагын бу сыл тохсунньутугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Стратегическай сэбиэтигэр көмүскээбиппит. Билигин стратегияҕа киирбит хайысхаларбыт олоххо киирэллэригэр туспа судаарыстыбаннай бырагыраама бэлэмнии сылдьабыт.

Бэтэринээр хамнаһа үрдүөҕэ

– Туспа судаарыстыбаннай бырагыраама киирдэҕинэ, туох уларыйыай?

– Билигин Саха сирин бэтэринээрийэтигэр үп-харчы көрүллэригэр туспа бырагыраама суох, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бырагырааматынан үбүлэнэр. Оттон туспа судаарыстыбаннай бырагыраама киирдэҕинэ, стратегияҕа ыйыллыбыт хайысхаларга үп көрүллүөхтээх. Стратегия сыалын толорорго түөрт хайысха баар, ол курдук бэтэринээрийэ сулууспатын аныгы материальнай-тиэхиньиичэскай баазанан хааччы­йыы, сыыппара технологияларын үлэҕэ киллэрии, каадыр бэлиитикэтин сайыннарыы, бэтэринээрийэ сулууспатын үлэтин хаачыс­тыбатын уонна туһатын үрдэтии.

Ити хайысхалар олоххо кии­­рэллэригэр 20 бырайыак сурулунна, олортон биэс сүрүнүн ааттыыр буоллахха, бастатан туран, бэтэринээрдэр хамнастарын үрдэтэн тыа хаһаайыстыбатын бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрин хамнастарын таһымыгар таһаарыллыахтаах, ол курдук, 2025 сылга орто хамнас 51 тыһ. 830 солк. тэҥнэһиэхтээх.

Иккиһинэн, бэтэринээринэй управлениелары үлэлиир дьиэлэринэн хааччыйыы бу хайысхаҕа киирэр. Хаарбах тутуулар оннуларыгар 22 саҥа дьиэни туттарыы, 59 дьиэни эргэрбит дьиэ оннугар туттарыы, 135 дьиэҕэ өрөмүөн ыытыы буолуохтаах.

Үсүһүнэн, тырааныспарынан хааччыйыы. Көмө түргэнник оҥоһулларын туһугар массыыналар, снегоходтар, мотуоркалар, дезинфекционнай анал тэриллэр, суһал бэтэринээринэй көмө массыыналара уонна көһө сылдьар лабораториялар ылыллыахтаахтар.

Төрдүһүнэн, эдэр үлэһиттэр кэлэллэрин хааччыйар туһугар «Земскэй бэтэринээр» диэн бырайыак оҥоһулла сылдьар, ол чэрчитинэн үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит исписэлиистэр уһук хоту улуустарга айанныыр ороскуоттарын уйунуу уонна 1 мөлүйүөнү төлөөһүн.

Бэсиһинэн, билигин дьону-сэр­гэни долгутар боппуруоһу – бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕаларын быһаарарга приюттары өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай уорганнар буддьүөттэриттэн кыттыһан үбүлээн тутуу хайысхатын тобулуу буолар.

Чииптээһин ньымата көдьүүстээх дуо?

– Дьэ, бэйдиэ сылдьар ыттар тиэмэлэригэр киирдэххэ, маны стратегия быһаарар дуо?

–  2018 сыл ахсынньы 27 күнүттэн «Об ответственном обращении с животными и о внесении изменений в отдельные законодательные акты Российской Федерации» 498-с нүөмэрдээх федеральнай со­­куон олоххо киирбитэ. Сүрүн ирдэбилэ – кыылга-сүөлгэ харыстабыллаахтык, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыы. Урут бэйдиэ сылдьар ыттары тутан баран, ким да ирдэспэтэҕинэ, саҥа хаһаа­йын көстүбэтэҕинэ, «утуталлара». Билигин ол кытаанахтык бобуллан турар. Ыкка хабыр­дык сыһыаннастаххына, хо­­луобунай дьыала тэриллиэн сөп. Саҥа киирбит федеральнай со­­куон ирдэбилин толорорго биир сүрүн кыһалҕанан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ­приюттар суохтара буолар. Улууска приют суох буоллаҕына, субвенциянан көрүллүбүт үбү кыайан туһамматтар. Сокуон этэринэн, судаарыстыбаннай, муниципальнай эбэтэр чааһынай буолуон сөп. Тэрилтэлэр, урбаанньыттар бэйэлэрин баҕа санааларынан приют тутан бэйдиэ сылдьар кыыллары хара­йыахтарын сөп. Приюттары тутууга сокуон киириэҕиттэн ыла департамент элбэх үлэни ыытта. Билиҥҥи туругунан, ити тутуулар бэтэринээринэй сулуус­па инники сайдарыгар ылыныллыбыт стратегияҕа киирдилэр. Ону таһынан, Саха сирин бырабыыталыстыбата уонна муниципальнай бүддьүөттэр кыттыһан үбүлээһин  быһыытынан приюттары улуус кииннэригэр  уонна улахан куораттарга тутуу боппуруоһа үөрэтиллэ сылдьар, маныаха олоҕуран департамент анал докумуоннары бэлэмнии сылдьар. Ол курдук, бэйдиэ сылдьар ыттар ахсааннарын ааҕыы үлэтэ оҥоһулунна. Дьоҥҥо кутталынан суоһуур (агрессивнай) ыттары хамыыһыйанан быһаарыы методиката бирикээһинэн бигэргэннэ. Тоһоҕолоон этиэм этэ, Арассыыйа Федерациятыгар маннык анал методикалар билиҥҥи туругунан оҥоһулла иликтэр, бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр дьайар бирикээстэри таһаардыбыт. Маны сэргэ ыттары булгуччу регистрациялаан, чииптээһини киллэрэн, ыты көрүү-хара­йыы быраабылатын кэспит дьону өрөспүүбүлүкэ Кодексынан ыстарааптааһыны Ил Түмэн сиэсси­йэтин мунньаҕын бастакы ааҕыытыгар көмүскээтибит.

– Оттон дьиэ кыылын-харамайын маркировка­лааһын диэн ньыма төһө көдьүүстээҕий?  Саха сиригэр бэйдиэ ыттары, ынах-сүөһүнү чииптээһин үлэтэ хайдах быһыылаахтык ыытылларый?

– Дьиэ кыылларын сыстыганнаах ыарыы буулаабатын, киэҥник тарҕамматын туһугар сүөһү, ыт тус бэйэтэ эбэтэр бөлөҕүнэн идентификацияны ааһыахтаах, учуокка ылыллыахтаах. Ити туһунан Арассыыйа Федерациятын «О ветеринарии» сокуонун 2.5. ыстатыйатыгар сурулла сылдьар. Кыыллары идентификациялааһын маркировкалааһын көмөтүнэн оҥоһуллар, бииркэ эбэтэр электроннай чиип кэтэрдиллэр. Хас биирдии маркировка бэйэтэ идентификационнай нүөмэр­дээх буолар. Ол булгуччу су­­даарыстыбаннай кыыллары учуот­туур систиэмэҕэ кии­риэхтээх. Кыыл биирдэ маркировкаланна да олоҕун тухары кини туһунан информация барыта бу кыыллары учуоттуур систиэмэҕэ киириэхтээх. Ханнык быһыыны ылбыта, сааһа, боруодата, кыыл хаһаайынын туһунан информация барыта баар буолар. Регагро диэн биир кэлим идентификационнай ситим бырагыраамата туруоруллубута.

Бу бырагыраама көмөтүнэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, бэтэринээрийэ сулуус­пата, Россельхознадзор, олох­тоох бэйэни салайыныы уорганнара, дьиэ кыылларын хаһаайыттара бэйэ-бэйэлэрин кытары сибээс­тэһэллэригэр, биир информацияны тэҥинэн көрөллөрүгэр улахан туһалаах суол. Бэлиэтээн эттэххэ,

Дьиэ кыылын маркировкалааһына киириэҕиттэн улуустарга сүөһүнү уоруу, сүөһү сүтүүтэ биллэ аччаабытын бэлиэтииллэр.

«Земскэй бэтэринээр»

– Арктическай улуустарга баар бэтэринээринэй управлениелар сайдалларыгар ыытыллар үлэ туһунан сырдатыаҥ дуо?

– Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэтэринээринэй сулууспатын 2030 сыллаахха диэри сайдыытын стратегиятыгар олоҕурбут бэтэринээринэй сулууспаны киэҥ хабааннаахтык уларыта тутуу, сайыннарыы чэрчитинэн бүгүн Арктическай зонаҕа киирэр улуустарга кэккэ дьаһаллар чопчуланан тураллар. Ол курдук, каадыр бэлиитикэтин тупсарыы, аныгылыы билиилээх-көрүүлээх үлэһиттэри бэтэринээр идэтигэр угуйуу, сыһыарыы. Исписэлиистэр хамнастарын үрдэтии, мате­риальнай-тиэхиньиичэскэй баазаны хаҥатыы, ыраах туундараҕа хаарга-самыырга сылдьар кыахтаах вездеходтарынан, өрүскэ сылдьарга мотуор­даах оҥочолорунан хааччыйыы. Маны таһынан, «Земскэй бэтэринээр» диэн х­а­йысхалаахпыт. Хоту улуустарга олохсуйар эдэр исписэлиистэргэ көһөллөрүгэр уонна саҥа миэс­тэҕэ олохсуйалларыгар көрсөр орос­куоттарын уйунуохпут уонна 1 мөлү­йүөн харчынан көмөлөһүөхпүт. Саҥалыы тииптээх бэтэринээринэй лабораториялары өрүстэр кир­­биилэринэн (бассейновай би­­риинсибинэн) тутуохпут. Ол курдук, лабораториялар тутуулара Сааскылаахха, Депутатскайга, Хонууга, Тиксиигэ уонна Орто-Халымаҕа былааннанар.

Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0