Билигин бэтэринээрдэр сааскы үлэлэрин үгэнэ: былаан быһыытынан, сүөһүгэ-сылгыга, ыкка уонна куоскаҕа кутталлаах ыарыылары утары сэрэтэр быһыылары оҥороллор.
edersaas.ru
Мииринэй улууһун бэтэринээрдэрэ бу күннэргэ Садын эбэҥки национальнай нэһилиэгин Сүльдүкээр сэлиэнньэтигэр тахсан үлэлии сылдьаллар. Сэрэтэр быһыылары биэриэхтэрин иннинэ, кинилэр бастаан термометриянан дьиэ кыылын уопсай туругун көрөллөр-истэллэр. Нэһилиэк сүөһүтэ-сылгыта этэҥҥэ кыстаан эрэр эбит, ырыганнаабыт уонна ыалдьыбыт суох. Төрүөх кэминэн баран иһэр. Бөрө кыыл этэҥҥэ биллибэтэх.
Сүлдьүкээр улуус кииниттэн ыраах буолан, массыына суола кыһынын эрэ баар. Ону да Светлайдааҕы ГЭС суолунан сылдьаллар, оттон сайыҥҥы өттүгэр өрүһүнэн кэлэллэр-бараллар. Бэтэринээрийэ управлениетын пууна өрдөөҕүтэ сабыллан, нэһилиэккэ бэтэринээр суох. Инньэ гынан, түөрт атахтаах дьиэ кыыллара ыарыйдахтарына, улуустааҕы управление исписэлиистэрэ ыҥырыынан кэлэн эмтииллэр, сэрэтэр дьаһаллары кыраапык быһыытынан оҥороллор диэн Бэтэринээрийэ департамена иһитиннэрэр.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru