Бэтэрээннэргэ төлөбүрдэр тиэрдилиннилэр

04.05.2020
Бөлөххө киир:

Улуу Кыайыы 75 сылын дьиэҕэ олорон көрсөргө күһэлиннибит. Дьиҥэ, үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэтээбиппит курдук, киэҥ далааһыннаахтык ылыахпыт хааллаҕа. Бэтэрээннэр барахсаттар бу күнү төһөлөөх кэтэспиттэрэ буолуой? Ол да буоллар, кинилэргэ болҕомто, кыһамньы уҕараабат.

edersaas.ru


Саха сиригэр быйылгы үбүлүөйдээх сыл “Хорсун быһыыгыт – көлүөнэлэр сүрэхтэригэр” диэн девиһинэн ааһар. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии бэтэрээннэрэ Кыайыы күнүнэн ылар эрэгийиэннээҕи төлөбүрдэрин толору ылан олороллор.

Ол курдук, сэрии кыттыылаахтарыгар уонна сэрии толоонугар өлбүт буойуттар огдооболоругар – 100 тыһыынча солкуобай, Ленинград блокадатын кыттыылаахтарыгар, концлааҕырдарга хаайыллыбыт оҕолорго – 30 тыһыынча солкуобай, өлбүт бэтэрээннэр огдооболоругар – 20 тыһыынча солкуобай, тыыл бэтэрээннэригэр – 10 тыһыынча солкуобай, сэрии кэмин оҕолоругар – 3 тыһыынча солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн төлөннө.

Бу сыалга бүддьүөттэн 130 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Төлөбүрдэри Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин дааннайдарыгар олоҕуран, сайабылыанньа хомуйбакка эрэ, тустаах дьоҥҥо каарталарыгар түһэрдилэр.

Арассыыйаҕа 2020 сыл Албан аат уонна өйдөбүл сылынан биллэриллибитэ. Олунньуга бэрэсидьиэн Владимир Путин Кыайыы 75 сылынан бэтэрээннэргэ төлөбүр биэрэр туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Сэрии бэтэрээннэрэ уонна огдооболоро, концлааҕырдарга, геттоларга хаайыллыбыт оҕолор 75-тии тыһыынча солкуобайы, тыыл бэтэрээннэрэ, концлааҕырдарга, геттоларга хаайыллыбыт дьон 50-нуу тыһыынча солкуобайы ыллылар.

Саха сиригэр:

73 Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа,

4,8 тыһыынча тыыл бэтэрээнэ,

599 сэрии огдообото,

27 Ленинград блокадатын кыттыылааҕа,

25 тыһыынча кэриҥэ сэрии кэмин оҕолоро бааллар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ykt.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0