Сотору кэминэн Улуу Кыайыы 77 сылын бэлиэтиэхпит. Аан дойдуга эйэлээх олоҕу олохтообут, Кыайыыны уһансыбыт сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии кэмин оҕолоругар судаарыстыбаттан туох көмө баарый?
Аҕа дойдуну көмсүкүүр Улуу сэрии кыттыылаахтарыгар*:
— Кыайыы күнүн көрсө бэриллэр харчы (10 тыһыынча солкуобай — Биэнсийэ пуондатыттан). Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн эмиэ бэриллэр;
— ыйдааҕы харчынан төлөбүр (ЕДВ) – 4647-6328 солкуобай (НСУ аккаастаннахха);
— социальнай өҥө нобуора (НСУ) – 1313 солкуобай;
— хомунаалынай өҥөнү төлүүргэ – 1566 солкуобай (федеральнай бүддьүөттэн), 2674 солкуобай (өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн);
— тиис быратыаһын оҥорторуу төлөнөр;
— олорор дьиэнэн хааччыйыы (1995 сылтан);
— 70-80 саастаах биэнсийэлээхтэргэ, сэрии бэтэрээннэригэр эбии төлөбүр — 1447-1 486 солкуобай;
— дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүгэр материальнай көмө – 180-325 тыһыынча солкуобай;
— дьиэ өрөмүөнүгэр көмө – 30-50 тыһыынча солкуобай;
— кыбаартал ахсын бородуукта нобуора, эбэтэр харчынан көмө — 1275-1812 солкуобай;
— сонотуоруйга-куруорка босхо эмтэнии;
— социальнай айан билиэтэ – 511 солкуобай;
— бородуукта сыаната ыарыырын харчынан толуйуу (кыбаарталга биирдэ) – 1520-2160 солкуобай;
— бохоруонаҕа бэриллэр харчы — 4600 солкуобай.
*СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин дааннайынан.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СИА.