Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылынан Тымныы полюһун Өймөкөөн нэһилиэгин дьаһалтата уонна «Туруу Турс» туристическай фирма кыттыһан, тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии оҕолоругар босхо бородуукталары түҥэттилэр.
edersaas.ru
Өймөкөөн нэһилиэгэр 11 үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, 16 сэрии кэмин оҕото олорор. Олохтоох дьаһалта уонна былырыын хомолтолоохтук олохтон барбыт урбаанньыт Александр Крылов төрүттээбит «Туруу Турс» туристическай фирма көҕүлээһиннэринэн иккис сылын үлэ, тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии сылын оҕолоругар анаан көмө аахсыйаны ыыттыллар.
Бэтэрээннэр баһылык Павел Васильевка уонна аһы-үөлү түҥэтэргэ көмөлөспүт Өймөкөөн нэһилиэгин ыччатыгар, «Тымныы Оройо» култуура дьиэтин үлэһиттэригэр барҕа махталларын тиэртилэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1