Бу күннэргэ сыстыганнаах дьаҥтан харыстанан, саастаах дьон дьиэлэриттэн ханна да тахсыбакка олорор кэмнэрэ.
edersaas.ru
Бу балаһыанньаны учуоттаан, сорох тэрилтэлэр бэйэлэрин волонтердарынан бэтэрээннэригэр сэмэй да буоллар (кинилэр санааларыгар, оттон кырдьаҕас киһиэхэ көмүскэ тэҥнээх!) бакыаттаах көмө ыыталлар эбит. Ол курдук, биир бэтэрээн дьүөгэтигэр үлэлээбит тэрилтэтиттэн өйөбүл бакыат туппутун туһунан үөрүүтүн үллэһиннэ. Волонтердар төлөпүөннээн «бакыаккын тахсан ыл, ааныҥ аттыгар уурдубут» диэбиттэр. Буор босхо. Идэлээх сойуустара бэтэрээннэргэ көмөлөһөн, харчы көрбүт.
Бакыат иһигэр мааска, бородуукта угуллубут. Өссө «бэйэҕин харыстан, ыалдьыма. Туохха эмэ наадыйдаххына бу төлөпүөҥҥэ эрийээр» диэн сапыыскалаах эбит!
Көр, маладьыас дьон диэтэҕиҥ! Маннык уустук кэмҥэ саастаах киһиэхэ кыра да болҕомто наадатын өйдөөн, бэйэтин үлэлээбит тэрилтэтэ сырдык тыыннаах «сапыыска-бирибиэт» ыытара тустаахха төһөлөөх күндүнүй?
Билигин өр кэпсэппэтэх дьүөгэлэр бэйэ-бэйэлэригэр төлөпүөннээн, күө-дьаа сэлэһэн ылаллара — эмиэ бүгүҥҥү күн үтүө көстүүтэ.
Онон бэйэ-бэйэҕэ болҕомтолоох буолуохха, бу маннык уустук кэмҥэ сылаастык санаһан, өйөһө туруохха!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — батсааптан.