Бэстээх биэрэгэр көрсүһүү

Ааптар: 
13.03.2019
Бөлөххө киир:

Сэмэн Тумат «Саллаат дьылҕата» кинигэтиттэн. Салгыыта. Иннин кулун тутар 5 күнүнээҕи таһаарыыга аах.


Чурапчы оройуонун киинэ өрө үллэн олороро. Хайыы-үйэ 533 киһи бэбиэскэ тутан, доруобуйаларын туруга эппиэттэһэр буолан, байыаннай комиссия көрдөбүлүн барытын ааһан, Дьокуускайдыыр дьаһалы күүтэллэрэ. Таһаҕас тиэйэр массыыналар болдьоммут кэмнэригэр тиийэн кэлбиттэрэ.

Бэс ыйын 21 күнүн көһүтүүлээх сарсыардата үүммүтэ. Билиҥҥинэн эттэххэ, «Маарыкчаан» Культура дьиэтин аннынааҕы ырааһыйаҕа массыыналар кэккэлээн турбуттара. Байыаннай комиссардар сөрүүн салгыны быһа биэрэр дьаһайар хамаандалара сатараатаҕын аайытын ыҥырыллыбыттар уопсай биир кэлим стройдаан турбуттара уурайан, рота, взвод диэннэргэ тыырыллан араарыллыбыттара. Массыына аайы взвод дьоно тус-туһунан олорбуттара. Байыаннай комиссар кылгас эрээри, судургу, өйдөнүмтүө этиитин кэнниттэн массыыналар субуруспуттара, Аллараа Бэстээхтиир айан суолугар тахсыбыттара. Буор бурҕайан олороро.

Айаннаан иһээччилэри Аллараа Чаачыгыйга тохтотон тыын ылларбыттара, чэйдэппиттэрэ. Быыс-арыт булан сорох сытыы эрэттэр билсэ-көрсө охсубуттара, кылгастык да буоллар тыл-өс бырахсан кэпсэппиттэрэ. Кинилэр суол буорун бүрүммүтүнэн Аллараа Бэстээх дэриэбинэтигэр ыкса киэһэ тиийбиттэрэ. Сарсыарда борохуотунан өрүһү туоруоххут диэн буолбута. Взводтар хамандыырдарын көҥүлэ суох ким да уһаты-туора хаампат, мантан инньэ байыаннай балаһыанньаҕа киирэҕит диэн кытаанахтык сэрэппиттэрэ.

Бэс ыйын 22 күнэ. Фашистскай Германия сэриинэн саба түспүтэ лоп курдук биир сыла туолбута. Сэрии уота сэллиэхтээҕэр дьэ эбии сэтэрэн иһэргэ дылы. Чуумпу алаас сиргэ үөскээбит-төрөөбүт дьон киэҥ Сибиири туораан, тус Арҕаа тиийиэхтэрэ уонна өлөр-тиллэр харсыһыыларга киирэн кыргыһыахтара дии санаатахха, ханнык баҕарар киһи уйарҕыах курдук. Уйбаан Баабылап Өлүөнэ өрүс илин эҥээригэр — Бэстээх дэриэбинэтигэр хонон тураат, сөрүүҥҥэ кытылга киирэрин ордорбута, тапталлаах Амма өрүһүн түгэҕэ дьэҥкирэ дьэрэлийбитинэн субу көстөн кэлэргэ дылы буолбута, сүр күүстээх тардыһыы сүрэҕэр биллибитэ, Улуу Эбэ кэтит иэнэ сардаҥанан күлүмүрдүүрэ, сөрүүн салгынынан эҥсиллэ эппэҥниирэ. Билиҥҥиттэн дойдубун бу курдук ахтар буоллахпына, хайдах сатаан сылдьыах бэйэбиний диэн санаа киирэн кэлбитэ, ону «туох барыта быыстаах-арыттаах буолар, көстөн иһиэ буоллаҕа дии, эрдэттэн өрүкүйбэт баҕайы» диэн аҕатын Мэхээлэ эппит дьиппиэн тылларын өйдөөн кэлбитэ, устунан уоскуйбута.

Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыттар ботуоҥкаларын сүкпүтүнэн туран, взводунан бөлөхтөһөн, борохуот Дьокуускай Даркылааҕыттан кэлэрин кэтэһэллэрэ, буордарын-сыыстарын тэбэнэн, Өлүөнэ Эбэ уутунан сирэйдэрин-харахтарын сырдатынан, сүрдээҕин чэпчээбиттэрэ, мантан салгыы көй салгынынан тыына-тыына, сири-дойдуну көрө-көрө чэбдиктик айанныахтара турдаҕа. Эдэр сүрэх онтон хайдах эрэ эгди буоларга дылыта, санаарҕыыры үтүрүйэн-тэйитэн, саха биир уола уйана-хатана биллэр сырыытын мин да сылдьаа инибин диэн бүччүм, бигэ санааламмыта.

Уолаттар өрүс кытылынааҕы чай тааһы биир дэхситик мэндээрэ суһумнуур урсуҥҥа эрчимнээхтик быраҕан кыыратан «кылыйсыыга» куоталаспыттара көҕү күөдьүппүтэ. Ыҥырыллыбыттар да ортолоругар көрдөөх-нардаах, турбут-олорбут, билэ-көрө сатаабыт, кэпсээннээх, бэл ырыа таһаарар да уолаттар аҕыйаҕа суохтара.

Уйбаан Баабылап Өлүөнэ кэтит-киэҥ киэлитин, күндээрэр-сандаарар улуу урсунун сис туттан туран, күөҕүнэн лөглөспүт өрүс арыыларын кэрэхсии көрбүтэ. Борохуот кэлэрин күүтэллэр, ол алаас сирин оҕолоругар сонун, дьиҥ чахчы долгутуулаах түгэн этэ. Дьон биир кэм аалыҥнас. Саҥа-иҥэ биир күйгүөр буолан өрүс кытылыгар ыйанан турарга дылы.

Бу кэмҥэ эмискэ кэннигэр билэр куолаһа иһиллэ түстэ: «Уйбаан! Дорообо, доҕоор!»

Уйбаан саҥа хоту эргиллэ түспүтэ, таайа Петр Григорьевич Старостин бэйэтинэн кэлэн турар эбит. Эмиэ комиссияны ааһан Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыт.

«Хата, аргыстаһар буолбуппут. Тутуспутунан сылдьыахпыт, үчүгэй эбит», — Петр Григорьевич үөрбүтүн биллэрбитэ.

Уйбаан билэн-көрөн истэҕин аайы аргыс дьоно кыра кыралаан эбиллэн испитэ. Кинилэр ортолоругар таайа Федор Федорович Старостин, Амма нэһилиэгиттэн убайа Василий Лазаревич Христофоров, Старостиннарынан аймаҕа Дириҥтэн Егор Павлович Харитонов бааллара. Аймах-билэ дьон ити курдук Бэстээх биэрэгэр Ийэ дойду көмүскэлигэр ыҥырыллан түмсэ түспүттэрэ. Күн-дьыл, быһыы-майгы төһө көҥүллүүрүнэн, ханнык байыаннай чаастарга тыырыллан ананыахтарыгар диэри бары бииргэ тутуһан сылдьыах буолан сөбүлэспиттэрэ. «Туох барыта быыстаах-арыттаах буолар баҕайыта» диэн аҕата Мэхээлэ ырааҕы өтө көрөн эппитэ бу да сырыыга уот харахха сөп түбэспитэ. Уйбаан үөрэн күлүгэр имнэммитэ.

Кэмниэ-кэнэҕэс Өлүөнэ өрүһү туораан «Красный» диэн борохуот Алын Бэстээх биэрэгэр айгыстан тиксибитэ. Уйбаан Баабылапка сүрдээх улахан курдук көһүннэр даҕаны, дьиҥэр, бу кыракый борохуот этэ, өрүһү таҥнары икки чаас устата айаннаан күпсүтэн Даркылаах биэрэгин булбута. Аармыйаҕа ыҥырыллыбыттары эт атахтарынан хаамтаран Ворошилов аатынан уулуссаҕа аҕалбыттара. Онно, уруккута Былатыан Өлөксүөйэбис Ойуунускай олоро сылдьыбыт киэҥ олбуордаах дьиэтигэр, олохтообуттара. Ол күн куорат баанньыгар сылдьан суунан-тараанан абыраммыттара ахан. Киэһээҥҥи взводтарынан стройдааһыҥҥа аны аҕыйах хонугунан ыраах айаҥҥа туралларын иһитиннэрбиттэрэ.

Саха сирин алта оройуонуттан, ол иһигэр Чурапчы, Таатта, Горнай, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү уолаттара бааллара, барыта үс тыһыынча киһи тутуспутунан айаҥҥа туруохтаахтара.

Айан аартыгыттан бастакы сурук

Уйбаан Баабылаптаах түөрт улахан баарсаны холбоммут «Советская революция» борохуотунан айаҥҥа турбуттара. Сир-дойду кэтит киэлитэ кэрэтийэн-тупсан иһэрэ Чурапчыттан ырааппатах, алаастарыттан тэлэһийбэтэх дьону сөрү диэн сөхтөрбүтэ.

Айылҕа араас киэргэлэ

Аара арыллан истэ, —

диэн оҕо сылдьан ыллаабыт ырыатын тыллара бу сөҕүмэр кэрэ көстүүнү кытары тэҥҥэ арыаллаһан иһэр курдук буолбута. Айан ис хоһоонун өссө ситэрэн-хоторон биэрэрдии дириҥэппитэ, өйгө-сүрэххэ сылаас тыыннаан чугаһаппыта.

Өлүөнэ Остуолбалара остуоруйа алыптаах көстүүтүгэр майгылыыллар-маарыҥныыллар. Былыргы былдьаһыктаах, урукку охсуһуулаах дьыллар быһылааннара бу суорба таас хайаларга иҥэн турдахтара. Ол курдук бу таас чочумаастар биирдэрэ биирдэстэриттэн уратылаһар сүдү көстүүлээхтэр, кэпсэммэтэх үһүйээннэр ситимнэрин туоһулуурга дылылар. Уйбаан Баабылап Дьокуускай мас дьиэлэрэ бачыгыраан, кэккэлэччи кэчигирээн хаалыахтарыгар диэри ахта-саныы сылдьарын оҥостон, өйүгэр тутардыы көрөн хаалбыта. Ордук Өлүөнэҕэ тумустаан киирбит туруору «Пьяный бык» суорба таас хайаны сөҕө-махтайа көрбүтэ. Сөхпүтэ ол сүдү хайа үрдүгэр турар киһи оҕо оонньуурун эрэ саҕа буолан хаалбытын. Онно холоотоххо, Амма мырааннара биир дэхси үрдүктэрэ, киһи кыаҕын былдьаабаттара дабайарга чэпчэки да эбит дии санаабыта. Кинилэр сындалҕаннаах уһун айаҥҥа бэс ыйын 25 күнүгэр туруммуттара.

Сэриигэ ыҥырыллыбыттар аралдьыйа таарыйа, санааттан-онооттон да босхолоно түһээри уонна эдэр эт-хаан хамсаныан-имсэниэн баҕарарыттан даҕаны тэптэн, атах- илии оонньуутун тэрийэн көҕү таһаараллара. Өрүһүнэн устан иһэр дьоҥҥо уонча хонукка дьоҕус баарсаҕа ыга симиллэн айаннааһын уонна эргиччи уу тулалыыра салгыппыта. Сылаас күннэр турбуттара. Түүнүн даҕаны тоҥмот этилэрэ. Тохтобул буоллар эрэ палуба үрдүгэр сытар Бүлүү өрүс сүнньүнээҕи уолаттар атах-илии оонньуутугар күрэхтэһиилэри тэрийбитинэн бараллара. Баҕалаахтары булаттыы охсоллоро, хамаандаларга араартыыллара. Тохтобулларга күөх ньаассын оттоох кытылы булан туона тэрийэллэрэ, ол кэннэ хайа улуус киһитэ буоларын этэн туран, тустууга бөҕөстөрү сүүмэрдээн киллэрэллэрэ.

Бугуһуйбут уолаттар тустан бачыгыраталларын көрөр үчүгэйэ сүрдээх. Чурапчы уолаттарыттан сүбэлэһэн баран, тустуу буоллар эрэ, Мэхээлэ Догдоонобу (Бөҕө Догдооноп диэн аатынан дойдутугар Болтоҥоҕо биллэрэ) уонна Уйбаан Боппуобу киллэрэллэрэ. Уолаттар күүстэрин-уохтарын үрдүгэр сылдьар кэмнэрэ этэ буолан утарсааччыларын түү курдук тутаттаан мэлдьи кыайаллара-хотоллоро.

Уһун айаҥҥа араас кэпсэтиилэр, көрүдьүөстэр тахсаллара. Чурапчыттан кэлсибит 39 саастаах Илья Спиридонович Петров диэн күлүүлээх-оонньуулаах киһи баара. Чахчы-бааччы дьиктитийэн-ичээннэнэн ылар үгэстээх эбит этэ. Биир үтүө күн ол киһи уолаттарга «мин кими кытта төбөлөһө сытабын даҕаны, ол киһи сэрииттэн эргиллэн кэлэрин-кэлбэтин билэбин» диэн кэпсээбит. Ону истибит доҕотторо Уйбаан Баабылапка чып кистэлэҥинэн тиэрдибиттэрэ.

Уйбаан Баабылап сылык муҥутаан бу түгэни мүччү туппаттыы быһаарыммыта уонна доҕор уолаттарыгар биир суолу билиэн баҕарарын, онуоха көмөлөһөллөрө наадатын сибис гынан эппитэ. Оччону истибит дьон киэһэ өттүктээһин буолбутугар биричиинэ булан сыҕайсан биэрэн Чурапчытааҕы педагогическай училищены соторутааҕыта аҕай үөрэнэн бүтэрбит Иннокентий Афанасьевич Петров II уолу Илья Петрову кытары төбөлөһүннэрэ сытыарары ситиспиттэрэ. Онуоха төрүөт да баара. Иннокентий Петров бу училищеҕа бииргэ үөрэммит Полина диэн кыыһы кытары билсиспитэ, сэрии бүттэҕинэ холбоһорго тылларын биэрсибиттэрэ. Полина буоллаҕына Уйбаан Баабылап ийэтин Маарыйаны кытта бииргэ төрөөбүт Григорий Старостин кыыһа этэ. Онон күтүөт буолуохтаах киһи инники дьылҕатын тыктаран көрүөн баҕарбыта.

Сарсыарда буолбута. Суунуу-тарааныы сүпсүлгэнэ уҕарыйарын саҕана Илья Петров Уйбаан Баабылабы булбута уонна: «Суох, киһигит аны дойдутун көрүө суох», — диэн олус хобдох сонуну сибигинэйэн иһитиннэрбитэ. Былыр-былыргыттан бит-билгэ, анал-чаас оҥоһуута диэн баар буоллаҕа… Уйбаан аймаҕа кыыһы Полинаны аһына санаабыта. Бу үөрэ- көтө сылдьар эдэркээн киһи ханна тиийэн сэймэктэниэх бэйэтэй дии санаабытыттан этин сааһа аһыллан дьигиһийэн ылбыта уонна бу түүллээх-биттээх Илья Петровтан тэйэ хаампыта.

Уйбаан Баабылап Илья Петровтан бэйэҥ тускунан туох эмэ биллэр дуо диэн ыйытыаҕын баҕаран баран туттуммута, баҕардар сөбүлүө суоҕа диэн дьаархаммыта. Дьон этэринэн буоллаҕына, ойуун бэйэтин кыайан эмтэммэт диэн истэрэ. Баҕардар, бу Илья Петров дьоҥҥо куһаҕаны баҕарбатар даҕаны, сэриигэ баран эрэр киһи санаата-оноото бөҕөргөөтүн диэн ити курдук тустаах киһи туһунан билбитин этэрэ буолуо. Ордон кэлэр аналларын биллэхтэринэ, санаалара күүһүрдүн диэн. Ким иннин тымтыктанан көрбүтэ баарай?

Бу тустан бүгүллэҥниир Мэхээлэ Догдооноп уҥа илиитин быһа ыттаран, инбэлиит буолан, фронтан дойдутугар төннүөхтээҕин, уоһугар мичээр оонньуу сылдьар Иннокентий Петров II аны биир сылы эрэ кыайбат кэм иһигэр Калининскай уобалас Невельскай оройуонун Побережье диэн дэриэбинэтин босхолоһо сылдьан өстөөх буулдьатыттан охтуохтааҕын, кини иннинэ бу күлэн-үөрэн күйгүөрэр Илья Петров бэйэтэ 19-с хайыһар биригээдэтигэр киирэн, Кыһыл Аармыйа тэриллибитин бэлиэтиир күннэригэр, Ытык Ильмень мууһун анныгар баран күн сирин сырдыгыттан матыахтааҕын оччолорго ким тымтыктанан көрүөҕэй, суох буоллаҕа дии.. Оо, сэрии диэн ол курдук түгэҕэ көстүбэт, ханна тиэрдэн ситэрэ биллибэт иэдээнинэн бу эдэркээн дьону күөйэн эрдэҕэ эбээт, биллибэтинэн-көстүбэтинэн!

Сэриигэ ыҥырыллыбыттар хас да күн айаннаан Усть-Кут (оччолорго Осетрово) бириистэнигэр тиийэн сүөкэммиттэрэ. Усть-Кут сахаларга Өлүөнэттэн арахсар тиһэх тохтобуллара буолан суолтата улахан этэ. Саастаах сахалар Өлүөнэ кытылыгар киирэн туран сирэйдэрин-харахтарын сырдатыммыттара. Санааларын бөҕөргөтүнэн сорохтор тыл-өс этинэн, этэҥҥэ сылдьыахтарын араҥаччылыырыгар көрдөһөн уостарын иһигэр ботугураабыттара. Кырдьык, сорох-сорохторо үөскээбит Өлүөнэ эбэлэрин уутугар киирэн тахсаллара тиһэх төгүлүн да буолан хаалыан сөп курдуга, дойду быыһыгар үктэнэр ол курдук долгутуулаах эбит этэ.

Ыраах да сири уунан айаннаан бу Усть-Кут бириистэнигэр тигистилэр ээ. Ол былаһын тухары кэрэ да көстүүлээх сирдэринэн, оҕо төрөөн баран харахтаан көрбөтөх кытылларынан аастылар. Уйбаан Баабылап бэс ыйын 26 күнүгэр Покровскай дэриэбинэтигэр борохуоттара тиксэн эрэллэрин туһунан дьонугар бастакы суругун ыыппытыттан иһигэр үөрэ санаата. Кини ол суругун ис хоһооно маннык этэ: «Советскай революция» пароход 4 баржатын биир кабинатыгар баарбын. Бүгүн бэс ыйын 26 күнүн 10 чаас холобурдаах Покровскай дэриэбинэтин анныгар кэлэн эрэбит. Дьокуускайтан бэс ыйын 25 күнүгэр 3 чаас саҕана турбуппут. Бэҕэһээ остолобуойга иккитэ аһаппыттара. Дъокуускайга оҕолору комиссияҕа көрбүттэрэ. Мин көрдөспүтүм да, көрбөтөхтөрө. Хас киһи сыыйыллыбытын истэ иликпит. Өрүс уута киэҥ уонна түннүгүнэн долгун өрүтэ түллэрэ көстөр. Биир өттүбэр Покровскай бачыгыраан олорор. Быраһаайдарыҥ. Доҕотторуом, эһиги да миигин ситэргит буолуо. Хааллым Иван. 26.06. Уон чаас».

Уйбаан Баабылап ити дьоҕус эрээри, сүдү суолталаах суругун айанын аартыга арыллыбыт күнүгэр суруйбута. Ону дьоно хайыы-үйэ туппут буолуохтаахтарыттан хайдах эрэ эрдийэ санаабыта. Ол бастакы суругун тилэх баттаһа, алта хонук айаннаан Өлүөхүмэ куоратыгар өрүһү өрө өксөйөн тиийбиттэрин, Чурапчыга эрдэхтэринэ «Команда — 90» диэн бэлиэтээбиттэрин «Команда 120» диэн уларыппыттарын. Бу команда уруккута Свердлов куоракка баар үһү диэн уолаттар билэн-көрөн кэпсээбиттэрин дьонугар иккис суругар иһитиннэрдэ.

Билигин Усть-Кут бириистэнигэр тохтоон олороллор. Заярскайга тиэрдэр массыыналары күүтэллэр. Солун сири-уоту көрөн сэргэхсийии буолла. Уунан айаннаан салгыбыт уолаттар массыынанан баралларын истэн үөрдүлэр. «Хата, сири-уоту, оту-маһы көрө-көрө айанныахпыт» диэн күлүктэригэр имнэннилэр.

Заярскайга диэри массыынанан күнүнэн айаннаан тиийдилэр. Иннилэригэр сырдыы-көҕөрө көстөр уулаах, түгэҕэ бу баардыы дьэрэлийэ олорор ып-ыраас уулаах Ангара өрүс күн уотунан көөчүктэнэн сандааран-тупсан ахан көрүстэ. Уйбаан Баабылап бу түгэхтиин дьэрэлийэ көстөр Ангара өрүс уутуттан ытыһынан сомсон ыймахтаата, утаҕын ханнараат, сирэйин-моонньун сөрүүкэтинэ туран төрөөбүт-үөскээбит Амма өрүһүн, эмиэ бу курдук чай таастаах кытылын сүр сытыытык ахтан-санаан ылла. Ырыаҕа ылланыан, тойукка хоһуйуллуон хоһуллар эбит бу Ангара өрүстэрэ…Эчи ырааһа- чэбдигэ, урсуна изумруд курдук көҕөрөн үчүгэйэ да бэрт эбит… Маннык дуолга, айылҕа барахсан айбыт далбарайыгар көҥүллүк, күн кыһалҕата суохтук сөтүөлээн, сөрүүкээн ааспыт киһи баар ини дии санаата. Ону аһарынан: «Ол да баҕа санаа туолуо этэ, сэрии буолбатаҕа буоллар…» диэн уоһун иһигэр ботугураата уонна мустарга бэриллибит хамаанданы истэн уолаттарын диэки дьулуста, Амма кытылыныы чай тааһы саллаат саппыкытынан хаачырҕаччы үктээн Ангара үрдүк биэрэгэр таҕыста.

Аармыйаҕа барааччылар Заярскайга тиийдэхтэрин нөҥүө күнүгэр «Карл Маркс» диэн сүүнэ улахан борохуокка олорбуттара уонна Иркутскай диэки күлтэрэ турбуттара. Кинилэр Дьокуускайтан туруохтарыттан 38 күн айаннаан от ыйын 27 күнүгэр Иркутскай куораты булбуттара. Кэлээччилэри түптэ-түрүлүөн үрдүгэр түһэрэн бэрт суһал дьаһалынан бөлөх-бөлөх араартаан дьоҕус табаарынай вагоннарга симмиттэрэ. Уйбаан Баабылаптаах ортотунан ааннаах, хаптаһыннары кэккэлэтэн үстүү дьаарыс гына оҥортообут наара ороннорго ким ханна түбэһиэх соннорун тэлгии быраҕан, ботуоҥкалыы бааллыбыт куулларын бастыҥалыы уурунан оннуларын оҥостуммуттара. Ити курдук кинилэр уунан, массыынанан сүүһүнэн көс сири айаннаабыттара, аны тимир суол ыллыгар олорор дьон буоллулар.

Суһал айан биллибэтинэн, тыына ыараан-дьиппиэрэн испитэ. Биир киэҥник сундулуйа устар борохуокка тэҥнээтэххэ тимир көлө тилигирээн-талыгыраан уһуура- уһуура түһэрэ, түүннэри-күннэри тохтоло суох дьигиһийэ айаннаан ыллык устун сыыйыллар-лоһугуруйар тыастыын- уустуун чыҥха атын буолар эбит. Сибиир кэтит иэнин поезд обургу икки-үс хонугунан уҥуордаан, Уралга Молотовскай уобалас, билиҥҥинэн эттэххэ, Пермь куорат сиригэр-уотугар тиэрдэ оҕустаҕа дөбөҥүн! Сэрии кыһалҕата ити курдук дьаһанары эрэйэн эрдэҕэ.

Уйбааннаах айаннаабыттарын икки күнүн усталаах-туоратыгар биирдэ эрэ аһаатылар. Байыаннай олох быһыыта- майгыта суостаах сэрии дүрбүөнүн көрсө айаннаан астаран иһэллэрин өссө төгүл өйдөппүтэ.

Сиһилии Сэмэн Тумат «Саллаат дьылҕата» кинигэтигэр ааҕыҥ.

Уруһуйдар интэриниэттэн, кинигэттэн ылылыннылар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0