Бэс ыйыттан биэнсийэ, МРОТ, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдүөхтэрэ

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) уонна тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 10% үрдүөхтэрэ. Тустаах сорудаҕы бэрэсидьиэн Владимир Путин биэрдэ.

Дойду үрдүнэн тиийинэн олоруу уонна үлэ төлөбүрүн алын кээмэйдэрэ ортотунан 13 919 солкуобайга уонна 15 279 солкуобайга тэҥнэһиэхтэрэ. Хотугу эбилик уонна оройуоннааҕы коэффициент эбиллэр буолан, Саха сиригэр бу төлөбүрдэр кээмэйдэрэ үрдүк.

Бэрэсидьиэн үлэтэ суох дьон ахсаана элбээбэтэҕин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Билигин үлэтэ суох дьон ахсаана — 4%, ол курдук, 673 тыһыынча киһи Дьарыктаах буолуу кииннэригэр учуокка турар. Кини төһө да инфляция үрдээбитин иһин, дьон олоҕун таһыма намтыа суохтааҕын ыйда. Сыл бүтэһигэр инфляция 15%-тан үрдүө суохтаах диэн эттэ.

Кулун тутар 16 күнүгэр Владимир Путин социальнай-экэнэмиичэскэй туруктаах буолууга уонна нэһилиэнньэни көмүскүүргэ миэрэлэри киллэрэр туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Эрэгийиэннэр салайааччыларын кытары мунньахха бары социальнай төлөбүрдэр, биэнсийэ, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара, МРОТ, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдүөхтэрэ диэн иһитиннэрбитэ.

Быйыл сыл саҕаланыыта биэнсийэ 8,6% үрдээбитэ. Бэс ыйыттан өссө 10% үрдүөҕэ. Өскөтүн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэҕинэ, бары босуобуйалар, социальнай төлөбүрдэр кээмэйдэрэ эмиэ үрдүүллэр. Дьиҥинэн, бу былааннамматах үрдээһин буолар. Тоҕо диэтэр, былаан быһыытынан, сылга биирдэ эрэ үрдэтэллэр этэ. Быйыл тохсунньуга үрдэппиттэрэ, онон бу иккис үрдээһин буолар.

2022 сыл бастакы кыбаарталыгар киин, илин эҥээр, арҕаа улуустарга нэһилиэнньэҕэ олохтоммут тиийинэн олоруу атын кээмэйэ — 18 726 солкуобай. Хотугу улуустарга — 22 356 солкуобай.

Үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ — 19 446 солкуобайтан саҕаланар, үлэ миэстэтиттэн, ыстаастан тутулуктанан, бу сууматтан үрдүк буолар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: gazeta.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0