Бэс ыйын 3 күнэ – Бэлисипиэт аан дойдутааҕы күнэ

Ааптар: 
03.06.2022
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 3 күнэ – Бэлисипиэт аан дойдутааҕы күнэ. Бу бэлиэ күнү 2018 сыллаахха Лешек Сибилски диэн социология профессора “бэлисипиэт күнэ баар буолуохтаах” диэн туруорсан 56 дойдуттан өйөбүлү ылан, Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин (ХНТ) иһинэн бигэргэммитэ. #June3WorldBicycleDay хэштег аннынан бу күн араас тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Саха сирин киин куоратыгар бэрт элбэх киһи бэлисипиэти көлө оҥостор. Хаһан эрэ манна велоспорт бэрт көхтөөх федерацията баар этэ. Билигин даҕаны үлэлиирэ буолуо да, улахан биллэр тэрээһиннэри оҥорбуттара иһиллибэт буолла.

Куорат уулуссаларынан сүүрбэччэ сыл бэлисипиэти тэппит Михаил Чекуровтан Дьокуускай бу тырааныспарга төһө табыгастаах буоларын туһунан сурастыбыт:

— Кыра уларыйыылар бааллар эрээри, дьиҥэр, билигин даҕаны Дьокуускайга бэлисипиэтинэн айанныыр олус табыгастаах диэн эппэппин. Маныаха анаммыт бэрт кылгас суол 203-с микро-түөлбэҕэ баар, онно саҥа тэбэ үөрэнэр дьон сылдьарыгар үчүгэй буолуон сөп. Объезднойга туспа суол баар буолбут үһү, соло булан тиийэ иликпин.

Мин хара маҥнайгыттан сүрүн суолунан айанныыбын, оттон дьон үксэ тротуарынан айанныыры ордорор. Манан сырыы хааман иһэр дьоҥҥо кутталы үөскэтэр. Итинник быһыы-майгы олохтоммутун өйдүүбүн. Массыына ыытар дьон бэлисипиэти тэбээччилэргэ суол тэҥ кыттыылааҕар курдук сыһыаннаспаттар, ол саахал кутталын олус үрдэтэр.

Суол быраабылатыгар бэлисипиэт суолга тахсар тырааныспар быһыытынан билинэр, ону суоппар быраабын ылбыт дьон бары билиэхтээхтэр. Кыра-кыралаан бу балаһыанньа тупсан иһэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Егор Карпов.

Сүрүн хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0