Бэс ыйыгар тугу олордобут?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Биир күн дьылы аһатар” диэн мээнэҕэ этиллибэт. Ыам ыйыгар, бэс ыйыгар Саха сирин олохтоохторо кылгас сайыммытын баттаһа күргүмүөнүнэн оҕуруот аһын олордууга турунабыт. Ый халандаарынан бэс ыйыгар тугу, ханнык күҥҥэ олордор табыгастаах эбитий?

edersaas.ru

Хортуоппуйу – бэс ыйын 6-8, 25, 26 күннэригэр

Моркуобу, сүбүөкүлэни – бэс ыйын 6-8, 18-20, 25, 26 күннэригэр

Эрэдьиискэни – бэс ыйын 2, 3, 6-8, 11-13, 18-20 күннэригэр

Петрушканы, сельдерейи, укуруобу  —  бэс ыйын 11-13, 18-22, 25, 26 күннэригэр

Луугу – бэс ыйын 2, 3, 6-8, 11-13, 19-22 күннэригэр

Томаты, физалиһы – бэс ыйын 11-13, 18-22 күннэригэр

Минньигэс, аһыы биэрэстэри – бэс ыйын 11-13, 18-23 күннэригэр

Оҕурсуну – бэс ыйын 11-13, 18-22 күннэригэр

Хааппыыстаны – бэс ыйын 11-13, 18-22 күннэригэр

Кабачогу, тыкваны – бэс ыйын 11-13, 18-26 күннэригэр

Салаат арааһын – бэс ыйын 2-8, 11-13, 18-26 күннэригэр

Биллэн турар, Саха сирэ атын эрэгийиэннэргэ холоотоххо уратылаах – халлааммыт сөрүүн, сайыммыт кылгас… Онон олус хойутуур табыллыбат итиэннэ халлаан сылыйыар диэри түүнүн үүнээйигитин бүрүйэргитин умнумаҥ.

Людмила ПОПОВА, “Cаха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: http://dachnaya-zhizn.ru/ogurcy-v-teplice-iz-polikarbonata-posadka-i-ukhod

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0