Бэс ыйыгар хайдах сынньанабыт?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйыгар Саха сирин олохтоохторо Арассыыйа күнүгэр уонна Ыһыах күнүгэр сынньаныахтара.

Бэс ыйын 12 күнүгэр бэлиэтэнэр Арассыыйа күнэ быйыл сэрэдэҕэ түбэһэр. Бу күн судаарыстыбаннай бырааһынньык буолан, өрөбүл буолуоҕа. Оттон оптуорунньукка, бэс ыйын 11 күнүгэр, үлэ күнэ биир чааһынан кылгаан биэрэр.

Бэс ыйын 21 күнэ — Ыһыах күнэ. Быйыл бээтинсэҕэ түбэһэр. Бу күн судаарыстыбаннай былаас өрөспүүбүлүкэтээҕи уорганнарын уонна судаарыстыбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ сынньаныахтара. Оттон ситэриилээх былаас федеральнай уорганнарыгар, бэйэни салайыныы уорганнарыгар уонна федеральнай, олохтоох бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр сынньаналларын бэйэлэрэ быһаарыахтара.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1