Бэс ыйыгар хайдах өрүүбүт?

Бөлөххө киир:

Быйыл бэс ыйыгар эбии өрөбүл күннэр бааллар. Бэс ыйын 12 күнэ – Арассыыйа күнэ, бэс ыйын 21 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ыһыах күнэ бырааһынньыктааҕы  өрөбүллэринэн биллэриллэллэр.

Ыһыах күнүгэр федеральнай суолталаах тэрилтэлэр өрүүллэрин-өрөөбөттөрүн бэйэлэрэ быһаараллар. РФ Үлэ кодексын 112-с ыстатыйатын 2-с чааһынан, өрөбүлгэ түбэспит бырааһынньык күнэ атын күҥҥэ көһөн биэрэр. Бэс ыйын 12 күнэ субуотаҕа түбэһэринэн, эбии өрөбүл бэс ыйын 14 күнүгэр көһөрүллэр.

Онон, Арассыыйа күнүгэр нэдиэлэҕэ 5 үлэ күннээх дьон бэс ыйын 12,13,14 күннэригэр өрүүллэр. Нэдиэлэҕэ 6 үлэ күннээх дьон бэс ыйын 12,13 күннэригэр өрүүллэр.

Ыһыах күнэ бэс ыйын 21 күнүгэр, бэнидиэнньиккэ түбэһэр, онон бырааһынньыктааҕы өрөбүл күнүнэн биллэриллэр. Нэдиэлэҕэ 5 үлэ күннээх дьон – бэс ыйын 19, 20, 21 күннэригэр, нэдиэлэҕэ 6 үлэ күннээх дьон бэс ыйын 20, 21 күннэригэр өрүүллэр. Ону тэҥэ, РФ Үлэ кодексын 95-с ыстатыйатынан, бырааһынньык иннинээҕи үлэ күнэ биир чааһынан кылгаан биэрэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0