Саҥа дьыл барааһынньыга чугаһаатар-чугаһаан, тарбахха баттанар эрэ күн хаалла. Дьокуускай куорат атыы-эргиэн кииннэригэр, «Столичнай» ырыынакка дьуолка арааһа атыыланар буолла. Искусственнай дьуолка сыаната араастаһар. Ким төһө харчылааҕыттан көрөн, төһө баҕарар сыаналааҕы атыылаһар кыахтаах. Ырыынакка сыана быдан чэпчэки. Өссө сатабыллаах дьон «торгуйдаһан», олох удамыр сыанаҕа атыылаһыахтарын сөп.
Бу күннэргэ Бассаабынан «тыыннаах» дьуолка атыылыылларын туһунан биллэрии тарҕанна. Дьэ, ойуурга үүнэн турар мас сыаната төһө турарын билээри, биллэриинэн эрийэ сырыттым. Онтум бэһи атыылыыллар эбит. 180 – 260 см уһуннаахтар. Сыаната 2000 солкуобай.
Онтон сокуон хараҕынан көрдөххө, уоран маһы кэрдээччилэр РФ Кодексын 8.28 ыстатыйатыгар олоҕуран, биирдиилээн дьон 5000 солкуобайга, онтон салайааччылар 50 тыһ. солкуобайга, тэрилтэлэр 500 тыһ. солкуобайга диэри ыстарааптаныахтарын сөп.
Анивера АКИМОВА, edersaas.ru