Ойуур баһаардара: Горнайга Бэс Күөлтэн дьону-сэргэни көһөрөн эрэллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ойуур баһаардарын утары охсуһар өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн,  тыал күүһүрэн, Горнай улууһугар Бэс Күөл сэлиэнньэтигэр үөһээнэн күүдэпчилэнэр уот минерализованнай балаһаны нөҥүлээн, ойууртан чугас турар хаһаайыстыбаннай тутууларга барда.

Бэҕэһээҥҥиттэн саҕалаан нэһилиэнньэни көһөртөөн барбыттара. Билигин дьон олорор дьиэлэрин уоттан харыстааһыҥҥа миэрэлэр ылыллаллар.

СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Иннокентий Андросов иһитиннэрбитинэн, билигин уоту утары 150 киһи, 15 тиэхиньикэ охсуһа сылдьар. МЧС, «Якутлесресурс», «Авиалесоохрана», СӨ баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ үлэлииллэр.

Бары күүс уоту умуруора охсорго уурулунна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0