Бэс Күөлүгэр эбии биэс дьиэ үлэҕэ киирдэ

Бөлөххө киир:

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр  ойуур баһаарыттан суох буолбут дьиэлэр оннуларыгар саҥалары тутуу күүскэ бара  турар. Санатар буоллахха, балаҕан ыйын 28 күнүгэр биир дьиэ силигэ ситэн үлэҕэ киирбитэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кыттыбыта.

Бүгүҥҥү туругунан, биэс дьиэ туох баар силигэ ситэриллэн, ол эбэтэр гааһа, уота холбонуллан, үлэҕэ киирдэ. Ол курдук, түөрт дьиэни «Туймаада-строй» ХЭУо уонна биир дьиэни «Союз» ХЭУо туттулар.  «Туймаада-строй» ХЭУо барыта уон дьиэни тутуохтааҕыттан,  биэһин үлэҕэ киллэрэри ситистэ. Ил Дархан Айсен Николаев  быһаччы сорудаҕынан,  34 дьиэни тутуу алтынньы 15 күнүгэр диэри  үмүрүтүллүөхтээх.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0