Бэс Күөлүгэр баһаартан эмсэҕэлээбит дьон оҕолоро “Орленок” кииҥҥэ көттүлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ оҕолор доруобуйаны бөҕөргөтөр кииннэргэ сынньаналларын тэрийэр. Бэҕэһээ Горнай улууһун Бэс Күөл сэлиэнньэтигэр баһаартан эмсэҕэлээбит дьон 18 оҕото Бүтүн Арассыыйатааҕы “Орленок” кииҥҥэ көттүлэр.

Оҕолору кытта СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Михаил Сивцев көрүстэ. Ону тэҥэ, министиэристибэ Дьокуускайга “Бэс Чагда” лааҕырга оҕолору сынньатарга анаан 124 миэстэни бэлэмнээбит. Ити туһунан туһааннаах министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0