Соторутааҕыта бастакы харалдьык тахсан сир харааран эрэрэ баара, да номнуо айылҕа ото-маһа көҕөрөн, көтөр-сүүрэр саҥатынан туолан, илгэлээх сайын тиийэн кэллэҕэ.
Ыһыахтар саҕаланаллара чугаһаата. Дьон ыһыахха эрдэттэн бэлэмнэнэн түбүгүрэллэр. Биһиги ийэбит алта уолугар ыһыахха кэтэр мааны таҥастарын тикпитэ балайда буолла. Күннээҕи түбүгүттэн быыс булла да хоһугар киирэн остуолга турар ‘’Зингер’’ иистэнэр массыынатын тутааҕын эрийбитинэн барар. Иистэнэр массыына тыаһын киһини билэр буолуохпуттан истэбин.Төһөлөөх элбэх араас таҥаһы ийэбит биһиэхэ тикпитин ситэн аахпаккын. Мин дөрүн-дөрүн ийэм хоһугар киирэн ханнык суол таҥас тигиллэ турарын чуолкайдыыбын. Миэхэ анаан, урут кэппэтэх, киэргэтиилээх ырбаахы тигэр. Ол сонун таҥаһы кэтэ охсор баҕа баһаам. Таҥастар тигиллэн бүтэн остуол үрдүгэр сааһыланан тураллар. ‘’Ыһыах буолар күнүгэр биирдэ кэтиэххит’’ диэн ийэбит эппитэ биһиэхэ сокуон.
Икки ыанар ынахтаахпыт. Ийэбит ыабыт үүтүн тымныы оҥкучахха түһэрэн биэдэрэлэргэ сойутар. Үс биэдэрэ туоллаҕына, таһааран сэппэрээтэргэ эрийэр. Бүгүн үүт эриллэр күнэ. Оттулла турар оһох билиитэтигэр үс биэдэрэ үүтү сылыта ууран муос ытыгынан булкуйар. Сөп буола сылыйбыттарын кэннэ остуолга таҥыллан турар сэппэрээтэр култайбыт бааҕар кутар, олоппоско олорон аа-дьуо эрийбитинэн барар. Сотору анал кырааны арыйарын кытта улахан халдьанан убаабыт үүт күүгэннирэ биэдэрэҕэ кутуллар, кыра халдьанан сүөгэй тыккыраан дьоҕус көстүрүүлэҕэ түһэр. Таарыйа эттэххэ, ынахтарбыт икки ньирэйдээхтэр. Олорго күөх оту үргээн аҕалар — биһиги күннээҕи эбээһинэспит. Үүт эриллэн бүтэрин биһиги, кыра бэдиктэр, сэмээр күүтэбит. Бүттэ да, куруук буоларын курдук, ийэбит биһигини остуолга ыҥыртыыр. Кыра мөөчүккэ сүөгэй уонна бэйэтэ буһарбыт килиэбин иннибитигэр уурар. Кэтэһэ сылдьыбыт дьон сүөгэйдээх килиэби астына мотуйабыт. Оо, ийэм эрийбит сүөгэйин амтана хайа да сүөгэйдээҕэр минньигэс буолан, хаһан да умнуллубат.
Ийэбит түбүгэ элбэх. Иһит-хомуос сууллубутун кэннэ сүөгэй сороҕунан арыы арыылыыр. Обургу миискэҕэ тапталлыбыт арыы үрдүгэр сөмүйэтинэн кириэс ойуутун түһэрэр. Бука, нуучча итэҕэлин сабыдыала буолуо. Аны эриллибит үүтү аһыы олоххо олордон, биһиги сөбүлээн сиир суораппытын оҥорор.
Ыһыах буолар күнэ бу тиийэн кэлэр. Бары саҥа тигиллибит таҥаспытын кэтэн, хамсаабат буола ыга киэргэнэн, ийэлээх аҕабытын батыһан үөскэ баар ыһыахтыыр сиргэ барардыы дьиэбит тиэргэнигэр мустабыт. Бу түгэҥҥэ тастыҥ убайым Уйбаан үрүҥ сорочката тэлээрэн, курупааскы көтөн эрэринии түргэнник сүүрэн, тэйиччи баар кулууп дьиэҕэ тиийбитэ барыбытын сөхтөрбүтэ. Аҕабыт Уйбааны ‘’быһый киһи тахсыыһы’’ диэн сыаналаабыта.
Бастаан сылдьыбыт ыһыахпыттан өйбөр тутан хаалбыт түгэннэрим бааллар. Эр дьон мас тардыһан күрэхтэһиитигэр Күүстээх Өлөксөй кими да тулуппатаҕа, күүскэ хамсанан тардыстаҕына, лачыгырас тыас иһиллэрэ. Ону көрөөччү дьон илиитин иҥиирдэрэ тыаһыыр диэн быһаараллара. Атын түөлбэҕэ төгүрүйэ хаама сылдьан оһуохай диэн саха былыргы үҥкүүтүн толороллоро. Оһуохайдааччылар чөллөркөй куоластара ыраахха диэри дуорайара. Биһиги оҕолору кытта булсан оонньуу сырыттахпытына, ийэбит ыҥыртаан, уопсай түһүлгэттэн үтэһэлээх эт, быырпах аҕалбытын уоскуйан ыскамыайкаҕа олорон сиэбиппит. Киэһэтигэр ат сүүрдүүтэ буолбутун бүтэй сүрдьүгэстэригэр хатанан олорон көрбүппүт. Бугуһуйбут дохсун аттар мөхсөллөрө кутталлаах. Өрө мөҥө сылдьар аттары сүүрдүү хорсун быһыы курдук өйдөөбүтүм. Биир ат сүүрбут уоҕар биэтэккэ тохтообокко, утары күрүөҕэ сааллыбытыгар, сүүрдээччи ыраах эһиллибитэ, хата тугун да эчэппэтэҕэ. Муксугур, Халыйар Хара диэн аттар ааттара өйбөр хаалбыт.
Ыһыах ааһан, күннээҕи олохпут тэтимигэр киирэн, күннэр ааһан иһэллэр. Күннээҕи булгуруйбат эбээһинэспитин толордубут да тойон оҕото буола түһэбит. Табаарыс уолаттарбытын булсан араас оонньууну толкуйдаан, күммүтүн барыырбыт. Кыл түгэнигэр дьиэбитигэр кэлэн ийэбит бэлэмнээбит аһын хабыалаат да салгыы оонньуу барарбыт.
Ити курдук, кыра оҕо сааспыт элэгэлдьийэн ааһа охсон, оскуолаҕа үөрэнэ киирэр күһүнүм тиийэн кэлбитэ. Бастаан утаа оскуолаттан бэркэ толлорум. Сотору биир саастаах оҕолорбун кытта бодоруһан, үөрэх саҕаламмыта. Миигин элбэх оҕолоох ыалтан диэн интэринээккэ ылбыттара. Бэлэм аһы аһаан, ыраас таҥаска утуйан, билбэт үөрэхпитигэр үөрэнэн, күн-дьыл биллибэккэ ааһара. Сааһыары учууталым Татьяна Николаевна ыҥыран ылан этэр: ‘’Степа, ийэҥ ыарытыйан Якутскайга эмтэнэ барда. Быраастар үтүөрдүөхтэрэ. Эн үчүгэйдик үөрэн уонна ийэҥ үтүөрэн кэлэрин кэтэс’’, — диэн. Мин ити сонуну долоҕойбор соччо туппатым. Ыалдьыбыт киһини быраастар үтүөрдэллэр диэнтэн атыны толкуйдаабат этим. Пиэрибэй кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрэбин. Уруучука, харандаас, тэтэрээт наҕараада туттардылар. Буукубалары үөрэтэн а-ат, ы-ыт диэни холбоон ааҕар буоллум. Сыыппаралары үөрэтэн, биири бииргэ эптэххэ икки буоларын бигэтик өйдөөтүм. Өссө үөрэх таһынан, саахыматтыырга, дуобаттыырга, хабылык, хаамыска оонньуурга үөрэнним. Эбэн эттэххэ, сорох оҕолор ситиспэккэ, иккис сылларын хаалбыттара.
Дьиэбэр көһөн кэлбитим, ийэм суох. Балыыһаттан хаһан кэлэрэ биллибэт. Хампа орто оскуолатыгар үөрэммит убайдарым кэлэн биһиэхэ ас астаан аһаталлар, дьиэни өрө-сара тардаллар. Саҥа хаама сатыыр бырааппыт көрүүтэ, түбүгэ элбэх. Хас мөҕүлүннэҕим аайы ийэбин ахтарым күүһүрэн иһэр. Суоҕа наһаа куһаҕан. Кини баарыгар барыта орун-оннугар буолара. Ас астыы, сууйа-сото сылдьара харахпар көстөр.
Сайын ортолоон эрэр. Отчуттар бастакы кэбиһиилээх отторо Эбэ киэҥ ходуһатыгар логлоруһан көстөллөр. Онтон-мантан отуу буруота халлаан диэки унаарыйар. Сир аһа буһан ойуур саҕатынан кытыан быыһыгар үүммүт дыргыл сыттаах дьэдьэни хомуйабыт. Ардыгар тэйиччи баран хаптаҕастыыбыт.
Биир сарсыарда аҕабыт этэр: «Оҕолоор, бүгүн ийэҕит бэртэлиэтинэн кэлэр’’. Биһиги үөрүүбүт муҥура суох. Ийэбитин наһаа да уһуннук кэтэстибит. Хайдах көрсүөхпүн ойуулаан көрөбүн уонна кэһии толкуйдаан, дьэдьэн хомуйарга сананабын. Бырааттарбын хамаандалаан дьэдьэннии барабыт, үүммүт сайына буолан, балайда элбэҕи хомуйдубут. Куруускаларбытын муннубутугар чугаһатан, дьэдьэн ураты минньигэс сытыттан астынабыт. Эмискэ арҕаа диэкиттэн билэр тыаспыт куугунаан иһиллэр. Ити бэртэлиэт биһиги ийэбитин илдьэ Бүлүүттэн көтөн иһэр. Тыаһы истээт үөс диэки бокуойа суох сүүрэбит. Кэннибэр кыра быраат дьэдьэннээх куруускатын тоҕо түһэн ытыырын истэн төннөн кэлэн бырааппын мөҕөн, өссө күүскэ ытатабын. Өй ылан куруускаларбытын кытыан быыһыгар кистээн баран үөс диэки тэбинэбин. ‘’Бэйэҕит тиийээриҥ’’ диэн бырааттарбар эргиллэн хаһыытыыбын. Күүскэ аҕылаан үөскэ тиийэрим саҕана бэртэлиэт хайы-сах түспүт этэ. Үмүөрүспүт дьон быыһынан бэртэлиэт ааныгар чугаһыы сатыыбын. Сорох дьон түһэр, сорохтор төттөрү киирэллэр.
Ийэм көстүбэт. ‘’Кэлбэтэх дуу?’’ диэн санаан ылабын. Ол турдахпына раскладушкаҕа сытар киһини бэркэ сэрэнэн түһэрэллэр. Дьон саҥата кулгаахпар чуолкайдык иһиллэр, ‘’Балбаара өрүттүбэтэх, өссө мөлтөөбүт. Айыы таҥара көмөлөһүө да эбит. Оҕолоро элбэхтэрэ, кыралара. Эрэйи көрөр ыал буолбуттар’’ диэн. Раскладушкаҕа сытааччы мин ийэм буоларын чуолкайдык биллим. ‘’Тоҕо сытарый, тоҕо бэйэтэ хаампатый?’’ диэн санаалар тэһэ үүттүүллэр. Үтүөрэн кэлиэхтээх киһибит ороҥҥо сытара соһуччута бэрт буолан, турар сирбэр тоһоҕолонон хааллым. Ытаан барыах курдукпун да улахан дьонтон кыбыстарым сүрдээх. Хараҕым уута ыгыллан кэлбитин кистии-саба ырбаахым сиэҕинэн соттобун. Ол турдахпына бырааттарым кэлэн таҥаспыттан тардыалыыллар. Кыыһыран, илиилэрин туора садьыйабын. Кинилэр кыралар, өйдөөбөттөр.
Аҕам эрдэттэн билэр буолан, сыарҕалаах оҕуһу илдьэ киирбит. Ийэбин сэрэнэн ол сыарҕаҕа сытыаран дьиэбитигэр барабыт. Биһиги саҥата суох кэннилэриттэн батыһабыт. Дьиэбитигэр кэлэн ийэбитин хоһугар ороҥҥо сытыараллар. Сүпсүлгэн арыый да уҕараабытын кэннэ аҕабыт биһиэхэ туһаайан ‘’ийэҕитигэр киирэ сылдьыҥ’’ диир. Хоско киирбиппит, ийэбит оронугар үрдүк сыттыкка төбөтүн өндөччү туттан сытар. Дьүдьэйбитэ, ырбыта харахха тута быраҕыллар. Чугаһаабыппытыгар, хас биирдиибитин төбөбүтүн төҥкөтөн сыллыыр, илиибитин имэрийэр. Сэниэтэ суох куолаһынан мэниктээбэккэ, дьоммут тылын истэрбитин санатар. Киэһэлик аҕабыт оһох оттон, хобордооҕу ититэн үрдүгэр ынах арыытын сырдьыгынатар, сылгы маҥан сиэлин уурбута араастаан түрдэстэн буруолуур. Бэйэтэ оһох аанын арыйан төҥкөйөн олорон уһуннук ботугуруур. Аал уотун иччититтэн ийэбит үтүөрэригэр көмөлөс диэн көрдөһөн эрдэҕэ.
Ийэбитигэр кэһии диэн хомуйбут дьэдьэммитин умна сылдьан баран аҕабар эппиппэр ‘’Тоойдоруом, ийэҕит эрэйдээх айаҕар тугу да ылбат. Дьэдьэҥҥитин бэйэҕит сиэҥ’’ диир. Кэһиибитин кистээбит сирбититтэн булан аҕалан хоспут иһигэр ороҥҥо олорон биир тылы саҥарбакка, амтана уларыйбыт дьэдьэммитин суолтатыгар эрэ сиэн син бүтэрбиппит. Хас да күн ааһар. Ийэбит дьүөгэлэрэ үүт, сүөгэй, суорат, алаадьы аҕалаллар да барыта кураанах түбүк курдук. Улахан дьон түүннэри олорор буоллулар. Биир түүҥҥэ олорсобун диэн тыллаһан баран уубун кыаммакка, түлэкэдийэн хаама сылдьарбын утуппут этилэр.
Биир сарсыарда саҥа уһуктан эрдэхпинэ, убайым ‘’ийэҥ барда’’ диэбитигэр өйдүөмүнэ, ‘’ол ханна барда?’’ диэччи буоллум. Онуоха убайым саас сааһынан биһиги ийэбит бу күн сириттэн букатыннаахтык барбытын өйдөттө. Суорҕаммын саба бүрүнэн уйа-хайа суох уһуннук ытаатым. ‘’Ытаатын, кэҥэтиэҕэ’’ диэн саҥаны истэбин.
Кыайан эмтэммэт ыарахан ыарыыга ыалдьан ийэбит барахсан эдэр сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ биһиэхэ, саҥа борбуйбутун көтөҕөн эрэр кыракый уолаттарыгар, дириҥ кутурҕан буолан сүппэттик иҥмитэ. Тулаайах хаалан хайдахтаах ыарахан аас-туор олох иннибитигэр күүтэрин ситэн толкуйдаабат этибит.
Аҕабыт алта уолун кытта соҕотох хаалан эрэйи, кыһалҕаны кытта охсуһан олоро сатаабыта. Үс эдьиийдэрэ көмөлөһөн, үс кыра уолаттары иитиһэ сатаабыттара сатамматаҕа. Тоҕо эрэ бары биир киһи курдук дьиэбитигэр төннөн кэлэ турарбыт. Хас да сыл ааспытын кэннэ аҕабыт эдьиийдэрин сүбэтин ылынан, Маарыйа диэн оҕото суох, сааһырбыт дьахтары ойох ылбыта. Биһиги дьолбутугар, кини бүгүрү үлэһит, сымнаҕас майгылаах буолан аҕабын кытта биир тылы булан биһигини иитиһэн, атахпытыгар туруорсубута. Дьон тэҥинэн ыал буолан, олох салҕаммыта.
Ийэбит эдэр сааһыгар биһигиттэн букатыннаахтык барбыта наһаа да хомолтолоох. Биэбэйдээн улаатыннаран испит уолаттара ситэн-хотон ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн дьоһун дьон буолбуттарын көрбөтөҕө, ийэ дьолун ситэ билбэтэҕэ мин өйбүттэн сүппэт.
Бу күн сиригэр ийэттэн ордук ким да суох. Ийэ оҕолорун туһугар олорор. Ийэни тула түмсэн кини көмүскэлин, кини илиитин сылааһын билэн улаатар дьолтон атыннык ааттаммата буолуо. Ийэбэр төлөммөт иэстээхпин санаан, кинини таҥара курдук көрөрүм үйэлэргэ сүтүө суоҕа.
Кучан, Бүлүү.