Булчут сэһэнэ
Күһүн бултуу сылдьан, киэһээ балааккаҕа кэлэн тимир оһохпун оттон, чэй өрүнэн иһэн, тииҥ этин буһаран сиэн, онтон сээкэйбин бэрийэн баран, таһырдьа тымныыта бэрт буолан, тимир оһоҕум маһа бүтэн сойботун диэн, биир-икки суон хардаҕаһы уган баран утуйан хааллым. Күнү быһа тыаҕа хаампыт киһи, дьиэҕэ-уокка курдук, мэнээк эргичийбэккэ-урбачыйбакка, төбөбүн сыттыкпар уурдум да биирдэ суох буолан хааллым.
Арай, утуйа сытан уум быыһынан иһиттэхпинэ… «Сэмэн, тур, умайан эрэҕин!» диэн киһи саҥатын чуолкай өйдүүбүн. Соһуйан уһукта биэрбитим, арай, кырдьык, суорҕаным кытыыта умайан эрэр эбит! Утуйа сытан атахпынан суорҕаммын уоттаах оһоххо тэппиппин, онтукам умайан эрдэҕинэ тута уһуктубуппун. Түргэнник ойон туран таһырдьа быраҕан баран, хаатыҥкабын анньынан тахсан, буруолуу сылдьар суорҕаммын дэлби хаарга тэпсэн умулларан кэбистим…
Салгыытын Х.Луковцев «Булчут мүччүргэннээх сырыыларыттан» кинигэтигэр ааҕыҥ.
«Бичик», 2012 с.