Аан дойду үрдүнэн биир киһиэхэ майгынныыр өссө сэттэ оннук киһи баар дииллэр. Дьахтарыттан-эр киһиттэн, омугуттан, сааһыттан тутулуга суох эйиэхэ майгынныыр өссө сэттэ киһи сир үрдүгэр ханна эрэ үлэлии-хамныы сырыттаҕа. Ардыгар билэр киһигэр үүт-үкчү майгынныыр киһини көрсөн соһуйаҕын. Маныаха, бэл, тутта-хапта, көрө-истэ сылдьара, таҥаһа-саба да оннук буолан киһини куттаабыт түбэлтэлэрэ бааллар. Бэриэтчиттээх дьон диэн кимнээҕий? Бу тоҕо көстөрүй?
Сайылыкка буолбут түбэлтэ
Өрдөөҕүтэ биир билэр дьахтарбыттан манныгы истэн турардаахпын. Салгыы кини аатыттан суруйуом:
— Бу түбэлтэ 90‑с сыллар саҕаланыылара илин эҥээр сытар улуус түгэх нэһилиэгэр буолбута. Мин сэттис кылааһы бүтэрбит сайыным этэ. Дьонум сайылыкка көспүттэригэр, дэриэбинэҕэ дьиэбэр соҕотох хаалымаары ынах-ньирэй көрсүөм диэммин барыстым. Бииргэ төрөөбүт эдьиийим пиэрмэҕэ дайааркалыыр, убайым үөрэҕинэн быраактыкаҕа сылдьар. Онон мин сайылык соҕотох оҕото буоламмын, күннүү-күөнэхтии сырыттым.
Оҕо эрдэхпиттэн дьиэ ис-тас үлэтиттэн хаһан даҕаны туора турбатаҕым, онон сайылыкка да кэлэн үлэ үөһүгэр буола түстүм. Биир сарсыарда уһуктубутум, арай ийэлээх аҕам суохтар. Сир астыы дуу, наадаларыгар дэриэбинэҕэ барбыттара буолуо дуу диэммин наадыйбатым. Дьиэбин-уоппун хомуйдум уонна кинигэ аахпыта буола сыттым. Ол сыттахпына, хотоммут диэки улахан үлүгэрдик ынахпыт маҥыраата. Соһуйан тура биэрдим уонна түннүгүнэн өҥөйдүм. Көрбүтүм, били хойутаабыт ынахпыт төрөөн эрэр эбит. Ыксаллаах балаһыанньа буолла. Хайыахпыный, тугу да гынарбын билбэт да буолларбын, ынахпын быыһыы сүүрдүм.
Оннук буккулла-тэккиллэ, төттөрү-таары сүүрэкэлии сылдьан көрбүтүм, ийэм дал аанын арыйан мин диэки сүүрэн ыксаан аҕай иһэр эбит. “Һуу, хата, дьонум кэлбиттэр!” — диэн үөрэ санаан, үөһээ тыынным. “Ийээ, кытаат, ынахпыт төрөөн эрэр! Уһуктубутум суох этигит дии, хантан кэллигит?” — диэтим. Арай ийэм миэхэ көхсүнэн сылдьар, мин диэки көрбөт буола сатыыр курдук, бэйэтин-бэйэтигэр тугу эрэ ботугуруур уонна хотоҥҥо киирдэ. Хайдах буоллаҕай диэммин наһаа соһуйдум уонна хотоҥҥо батыһан киирдим. “Ийээ, тугу гынаҕын? Ынах таһырдьа баар ээ!” — диэн ийэбин ыҥырдым. Харда суох, хотон иһэ уу-чуумпу, киһи баар сибикитэ көстүбэт. Мин уҥуоҕум халыр босхо барыар диэри куттанным. Төрөөн сордоно сытар ынах умнулунна, дьиэм диэки сүүрэ турдум. Дьонум кэлиэхтэригэр диэри түннүк сабыытын сэгэтэн ынахпын өҥөйөн көрбүтэ буола-буола, саһан олордум.
Киһи күүттэҕинэ бириэмэ өр да барар. Санаабар күн аҥаарын быһа оннук олорбут курдугум да, дьиҥэ биир чаас эрэ ааспыт эбит. Ийэлээх аҕам дьэ кэллилэр. Нэһилиэккэ окко киирии мунньаҕар суһаллык ыҥыраннар, сарсыардаттан онно сылдьыбыттар эбит. Мин туох буолбутун барытын кэпсээн биэрдим. Онуоха аҕам: “Ийэҥ бэриэтчитин көрдөҕүҥ буолуо, дьон хаста да көрбүт этилэр. Үтүө киһи бэриэтчиттээх буолар, куттаныма, сыллыый”, — диэн уоскутааччы буолла. Онно биирдэ дьэ уоскуйан, оннук көстүү эмиэ баар эбит диэн билбитим. Ол сайын сайылыкпытыгар этэҥҥэ сайылаан, ийэм ыарытыйар бэйэтэ үтүөрэн, оппут былаанын толорон, сир астаан, күһүн дьиэбитигэр төннүбүппүт. Арба даҕаны, били ынахпыт игирэ ньирэйдэммитэ, бэйэтэ сытан этэҥҥэ быыһаммыт этэ.
Маны кэпсээбит дьахтар бэриэтчит үтүөҕэ эрэ көстөр, үтүө киһи бэриэтчиттээх буолар диэҥҥэ итэҕэйэн миэхэ маны кэпсээтэҕэ. Кырдьык даҕаны, кини кэпсээниттэн иһиттэххэ, оннук буолуох курдук. Оттон бу көстүү атын өрүтэ эмиэ баар эбит. Киһи атын дьону буолбакка, аны бэйэтин көрөр эбит.
Бэйэлэрин көрбүттэр
Францияҕа 18‑с үйэ ортото кыргыттары үөрэтэр чааһынай пансионакка Эмилия Саже диэн учуутал баар эбит. Кини соҕотох бэйэтэ икки буолан көстөр адьынаттааҕын үөрэтэр кыргыттара куруук көрөллөрө үһү. Мадемуазель Саже дуоскаҕа суруйа турдаҕына, аттыгар үүт-үкчү кини куоппуйата тахсан кэлэн эмиэ дуоскаҕа тугу эрэ суруйбутунан барара. Ардыгар олоппоско олорон баран турдаҕына, куоппуйата олоро хааларын кыргыттар эмиэ хаста даҕаны көрбүттэр. Маннык түбэлтэ элбэхтэ хатыламмытын иһин учууталы пансионаттан ууратан кэбиспиттэр. Кэлин бу дьахтар хайдах, туох дьылҕаламмыта биллибэт.
Маныаха майгынныыр түбэлтэ Саха сиригэр 90‑с сыллар бүтүүлэригэр буолбут. Ханнык улууска буолбутун суруйбаппын. 20‑с үйэ саҕаланыыта тутуллубут эргэ оскуоланы нэһилиэк хонтуората оҥорбуттар. Ол оскуолаҕа абааһы баар үһү, эмээхсин көстөр үһү диэн сурах-садьык уруккуттан иһиллэр эбит. Орто кылаас оҕолоро киэһээҥҥи дьарыктарын кэнниттэн, ол сураҕы бэрэбиэркэлии барбыттар. Оскуолаҕа тиийэн кылаастары өҥөйбүтэ, үүтү-хайаҕаһы көрбүтэ буола сылдьан, олох даҕаны тугу гына кэлбиттэрин умнан, оонньоон-көрүлээн барбыттар. Ол сырыттахтарына түгэх кылааска туох эрэ сууллан алдьанар тыаһа иһиллибит. Оҕолор куттанан бары таһырдьаны былдьаспыттар. Арай, биир оҕо көрдөҕүнэ, көрүдүөртэн тахсар ааҥҥа сүүрбүт оҕолор суолларынан куоппуйалара, ол иһигэр уолчаан бэйэтэ эмиэ иккистээн сүүрэн кэлбиттэр уонна аан диэки кэлэн сүтэн хаалбыттар. Оҕо барахсан уолуйан, соһуйан уонна доҕотторун куттаамаары тугу көрбүтүн кимҥэ даҕаны кэпсээбэтэх.
Ол оҕо оччолорго тугу көрбүтүн доҕотторугар сүүрбэччэ сыл буолан баран биирдэ сэһэргээбит. Кэлин билбиттэрэ, эргэ оскуолаҕа дьон бэйэлэрин куоппуйаларын хаста даҕаны көрбүттэр эбит. Салгын хаартыската хаалбыт диэҕи, ол буолбут быһылаан үүт-маас курдук оннук хатыланан тута көстөрө үһү. Уолаттар билигин улаатан ыал аҕалара, уу тэстибэт доҕордуулар буолан нус-бааччы олороллор.
Эбэтэр салгын хаартыската дуу?
Үөрэхтээхтэр бэриэтчити “доппельгангер” уонна “вардогер” диэн ааттыыллар эбит. “Доппельгангер” диэн киһи бэйэтигэр атылыы киһини, кини хамсаныыларын үтүктэрин көрөрүн этэллэр. Бу кэнниттэн туох даҕаны куһаҕан сибики буолара бэлиэтэммэт.
Оттон “вардогер” куһаҕаҥҥа, ол эбэтэр киһи бэйэтин куоппуйатын көрөрө ыарыыга, өлүүгэ-сүтүүгэ көстөр диэн быһаарбыттар. Күн сириттэн күрэниэхтэрин иннинэ ньиэмэс суруйааччыта Иоганн Вольфганг Гете, нуучча императрицалара Екатерина I, Анна Иоанновна бэйэлэригэр атылыы дьону көрбүттэр. Оттон Екатерина Петровна уонна Екатерина Великая өлүөхтэрин иннинэ атын дьон кинилэри Кыһыҥҥы дыбарыаска дьаарбайа сылдьалларын көрбүттэр. Аны 1923 сыллаахха алтынньыга Кремльгэ улаханнык ыалдьа сытар Ленин “двойнигын” көрбүттэрин туһунан эмиэ кэпсээн баар.
Парапсихологтар бэриэтчит ааспыт эбэтэр инники олохтон салгын хаартыската буолан көстөр диэн этэллэр. Биир күҥҥэ-дьылга, бэл, салгын баттааһыныгар тиийэ сөп түбэсиһии таҕыстаҕына, баран иһэр олох салгыҥҥа “хаартыскаланан” хаалар үһү. Онон бу көстүүгэ ханан да абааһы сыта суох диэн парапсихологтар быһаараллар.
Түмүккэ
Омук-омук аайы бэриэтчит көстөрүн быһаарыы атын даҕаны, үгүс даҕаны эбит. Үөр, абааһы, салгын хаартыската, атын эйгэттэн кэлбит киһи, бэйэтин кэмигэр төрүө суохтаах киһи о. д.а. элбэх санаалар бааллар. Оннук бөҕө буоллаҕа, омук аайы итэҕэлбит даҕаны атын. Онон ураты көстүүнү ким хайдах ылынарынан буоллаҕа. Оттон биһиэхэ, сахаларга, үтүө киһи бэриэтчиттээх буолар диэн өйдөбүл олоҕуран хаалбыт.
Айтана Аммосова.