Бу күннэргэ “Саха араадьыйата” саҥа концепцияны олоххо киллэрээри сылдьарын туһунан сонун өрөспүүбүлүкэни тилийэ көттө. Бүгүн “Саха” НКИХ араадьыйанан биэриилэргэ дириэктэрэ Максим Березин — “Итии чэй” ыалдьыта. edersaas.ru
— Максим Викторович, сураҕа, “Саха араадьыйата” саҥа суолу тобулар үһү дуу?
— Кырдьык, оннук. Кэм-кэрдии уларыйан иһэр, ону кытта тэҥҥэ араадьыйабытын истээччи интэриэһэ, олоҕу көрүүтэ эмиэ тэҥҥэ уларыйан иһэр. Биһиги истээччилэрбитин элбэтээри, аудиторияны кэҥэтээри итинник сыал-сорук туруорунабыт. Биллэрин курдук, аан дойду үрдүнэн араадьыйаны истии аччыы турар. Тоҕо диэтэххэ, саҥа технологиялар киирэннэр, дьон үксэ интэриниэт ситимигэр, төлөпүөҥҥэ, гаджекка көспүтэ мэлдьэх буолбатах. Саха араадьыйатын, сүрүннээн, тыа сиригэр истэллэр, биэриилэри кэтэһэллэр. Сорохторго сонуну-нуомаһы тиэрдээччинэн биһиги эрэ буолабыт. Дьокуускайга рейтинг быһыытынан, 4-с эбэтэр 5-с строкаҕа сылдьабыт. Сүрүннээн, Саха сиригэр истээччибит ахсаанынан уонна эрэллээх истээччилэрбит ахсаанынан инники күөҥҥэ иһэбит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр «СӨ Ил Дарханын иһинэн иһитиннэрэр киин» Национальнай агентство» ыыппыт социологическай чинчийиитэ көрдөрөрүнэн, араадьыйаны дьиэҕэ истии аччаабыт. Ол оннугар массыынаҕа айаннаан иһэн истэр дьон ахсаана элбээбит. Ол иһин аудиторияны кэҥэтэр, эдэримситэр сыаллаах үлэлээри-хамсаары олоробут.
— Итини саас-сааһынан кэпсиэҥ дуо?
— Билиҥҥи туругунан, эфиргэ хатылааһын элбэх. Кистэл буолбатах, ол сороҕор дьону хал оҥорор, сылатар. Лицензиябыт быһыытынан, муусукабыт 20 эрэ бырыһыан буолуохтаах. Онон хатылааһыннар оннуларыгар саататар-аралдьытар контены (контент – оҥорон таһаарар бородууксуйанан дьон интэриэһин тардыы) киллэриэхпит. Оччоҕуна эрэ араадьыйабыт дьоҥҥо туһалаах уонна барыстаахтык үлэлиир буолуоҕа. Саҥа концепция быһыытынан, «Саха араадьыйата» тус сыаллаах аудиториятыгар, 35 саастаахтартан үөһээ туһуланыа. Бөдөҥ нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна Дьокуускай куоракка бэйэбит оруолбутун өссө үрдэтиэхпит. Дьэ, онон нууччалыы эттэххэ, блоктарга арааран үлэлиэхпит. Сарсыарда, күнүс, киэһэ диэн арааран. Үс ыытааччы тэҥинэн олорон кэпсэтэр буолуоҕа, онно истээччилэрбит көхтөөхтүк кыттыһыахтара диэн эрэнэбин. Быһата, ыытааччылар истээччилиин тэҥҥэ күлэн-үөрэн, доҕор, атас курдук буолуохтара. Уонна сарсыардаттан дьон үчүгэй санаалаах-оноолоох, саҥа күнү үөрэ-көтө саҕалыылларын, элбэх информацияны ылалларын ситиһиэхтээхпит. Ол быыһыгар оонньотон, аралдьытан да ылыахтара. Уопсастыбаннай-политическай тиэмэлэри 12-тэн 14:00 чааска диэри туруордубут. Бэлиитикэҕэ сыһыаннаах ток-шоулар эҥин интэриэһи тардыахтара дии саныыбын. Ити быыһыгар улуустарбыт бэйэлэрин сонуннарынан кыттыһан сэргэхситиэхтэрэ. Киэһэ өттүгэр 17:00 чаастан “Эр хоһуун” диэнблогу арыйдыбыт. Маны эр дьон ыытыаҕа уонна эр киһиэхэ аналлаах тиэмэлэри таарыйыахтара. Холобур, булт, спорт уо.д.а. Араадьыйаны дьиэ кэргэн аҕа баһылыга иһиттэҕинэ, ийэлэрэ :”Бээрэ,бу кэргэним тугу истэрий?” – диэн эмиэ сэргиэ турдаҕа.
Уларыйыылар баар буолуохтара. Билиҥҥи араадьыйабыт үлэтин чопчулаан биэриэхпит. 35 саастаахтарга эҥин диэбит курдук. Күн-дьыл туруга суох эмиэ бары сатаммаппыт, ордук тыа сиригэр, хоту наадыйаллар. Быһата, күннээҕи эфир түргэн-тарҕан, тэтимнээх буолуохтаах. Билигин сорохтор музыкальнай араадьыйаны арыйан эрэллэр эҥин диэн сыыһа өйдүүллэр. Саҥа араадьыйабытыгар истээччилэрбитин кытта кэпсэтиилэр, саҥа биэриилэр, муусука уонна элбэх информация баар буолуоҕа.
Сэргэхситэр биэриилэри сэҥээрэллэр
— Билигин, уопсайа, араадьыйанан хас чаас биэрэ олороҕут?
— Өрөспүүбүлүкэҕэ уон эрэ чаас. Онтон сылтаан истээччибитин эмиэ сүтэрэбит. Быста-быста кэлэрэ табыгаһа суох буоллаҕа. Саатар, 17-18 чаас тахсар киһи. Күнү быһа сибээскэ тахсарбыт буоллар, бэрт да буолуо этэ. Маны таһынан, үйэ сайдан, билигин интэриниэт баар сиригэр араадьыйаны түүннэри-күнүстэри истиэххэ сөп. Ол курдук, НКИХ сайтыгар араадьыйабыт баар уонна төлөпүөҥҥэ приложение хачайдаан, төһө баҕарар истиэххэ сөп.
— Атын регионнарга үлэлиир араадьыйалары кытта хайдах сибээстэһэҕит. Уопут атастаһан эрдэххит.
— Татардар манна кэлэн уопут атастаспыттара. Башкирияҕа бара сылдьыбыппыт. Кинилэргэ нэһилиэнньэлэрэ элбэх буолан, хас да араадьыйалаахтар. Башкирдыы тылынан сэргэ, нууччалыы эмиэ баар.
— Дириэктэргэ быһаччы истээччилэр төһө эрийэллэрий?
— Эрийэн буоллаҕа. Көхтөөх истээччилэрбит Иван Турантаев, Ермолай Скрябин уо.д.а. куруук санааларын тиэрдэллэр. Биһиэхэ сурук да суруйаллар. Үгүстэр ханнык эрэ биэрии туһунан санааларын этэллэр, хайгыыллар. Араадьыйабыт үбүлүөйүнэн сибээстээн улуустарынан радиодесант оҥорон турабыт. Нэһилиэнньэ итинник көрсүһүүлэри сэргиир, күүтэр эбит. Уонна интэриэһинэйэ диэн, дьон үксэ сэргэхситэр биэриилэри сэҥээрэр. Ордук Индира, Гея диэн ыытааччыларбытын эндэппэккэ билэллэр.
— Продюсерскай модельга киирэн эрэбит диэтиҥ. Ол аата хайдаҕый?
— Биһигини Москваттан Медиаиндустрия институтуттан кэлэн манна миэстэтигэр үөрэттилэр. Онон икки сыл кэриҥэ үөрэнэн, продюсер дипломун ыллыбыт. Продюсер үлэһиттэрин бэйэтэ талар, сметаны оҥорор, тастан киириэхтээх үбү-аһы былаанныыр, хамаандатын талар буолуохтаах. Оччоҕуна эрэ үлэбитигэр күрэстэһии баар буолуоҕа.
Ырыаһыт эр дьон
— Араадьыйаҕа кэлэн “көстүбэт фронт” буойуна буолан хааллыҥ, тэлэбиидэнньэҥ эфирин ахтыбаккын дуо?
— “Олох үөһүгэр” биэриини ыытабын. Киһи үксэ да көрөрө буолуо.
— Араадьыйаҕын эрэ тутан олороҕун дуу, атын туох дьарыктааххыный дуу?
— Бултуурбун, балыктыырбын, дьиэ кэргэмминиин Уус Алдаҥҥа тахсан сир астыырбын ордоробун. “Саха “НКИХ урукку салайааччыта И.М.Андросов ыллыыр уолаттары, эр дьону түмэн, ансаамбылла тэрийиэҕиҥ диэн этии киллэрбитэ. Онон ансаамбылга ыллыыбын. Лауреат, дипломант буолбуппут. Күрэхтэһиилэргэ кыттан эрэбит. Нэдиэлэҕэ үс күн бэлэмнэнээччибит. Олус интэриэһинэй диэххэ сөп. Урут ГПТУ-га үөрэнэ сылдьан “Сардаана”, ДьГТХА-ҕа “Сандал” ансаамбылларга үҥкүүлээбитим.
— Тыый! Үҥкүүһүт эбиккин дии…
— Үҥкүүлээн сири-сибиири бараабыппыт. Онон үҥкүү мин олохпор элбэҕи биэрбитэ дии саныыбын. Ол курдук, Россия куораттарынан, Европанан, Сеулга тиийэ үҥкүүлээбиппит олохпут умнуллубат түгэнинэн буолар. Эдэр киһи атын омуктар хайдах олороллорун көрөн эмиэ сайдар буоллаҕа. Суруналыыс буоларбар да туһалаабыта чахчы. Хайа уонна үҥкүү эт-хаан өттүнэн сайдаргар эргиччи туһалаах.
— Айар куттаах ыал эбиккит.
— Оннук. Кэргэмминиин, ырыаһыт Люба Готовцевалыын өйдөһөн, өйөһөн дьоллоохтук олоробут. Уоллаах кыыспытын эмиэ үҥкүүгэ, ырыаҕа сыһыара сатыыбыт. Уолбун Эрханы хорга ыҥыраллар. Туянам ырыа ансаамбылыгар киирэн, бастакы истиэпэннээх лауреат буолан үөрдүбүтэ.
— Максим Викторович, түмүккэ тугу этиэҥ этэй?
— Хаһыат ааҕааччылаах, араадьыйа истээччилээх буоллаҕына, иннибит диэки өссө сайдан баран иһиэхпит. Куоракка уонна тыа сиригэр олорор төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн араадьыйаҕа сыһыаралларыгар баҕарабын. Биһиги көлүөнэ “Аптаах холбуйачааны” истэ улааппыппыт курдук. Сахалар бэйэ-бэйэбитин өйөһүөҕүҥ, төрөөбүт тылбытын харыстыаҕыҥ, патриот буолуоҕуҥ!
Олоҕун олуктара:
1978 с. Уус Маайа улууһугар күн сирин көрбүтэ.
Оҕо сааһа Ньурба улууһун Ньурбачааныгар ааспыта.
1995 с. Ньурба улууһун Ньурбачаан оскуолатын бүтэрбитэ.
1995 с. Култуура коллеһыгар хореография отделениетыгар үөрэммитэ.
1997 с. ГПТУ-14 буҕаалтыр-экэнэмиис үөрэҕин бүтэрбитэ.
1999 с. Бүлүү Бороҕонугар үлэлээбитэ.
2009 с. СГТХА кыһаны кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ.
2003 с. “Мастер-ТВ” үлэлээбитэ.
2004 с. “Саха” НКИХ сонуннарга кэрэспэдьиэн, телебиэриилэри ыытааччы, шеф-эрэдээктэр.
2013 с. “Саха” араадьыйа дириэктэрэ.
РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Сэмсэ тыл:
Антон Иванов,
СӨ култууратын туйгуна, ”Добун” студия салайааччыта:
— Мин Максим Березины оскуола саҕаттан билэбин. Үөрэнэр сылларыгар олус көхтөөх, спортсмен бэрдэ этэ. Кэлин куоракка үөрэнэ кэлэн баран “Сандал” ансаамбылга үҥкүүлээбитэ. Ол сылдьан мин студиябын кытта гастролларга сылдьааччы. Иккиэн быыбар хампаанньатыгар элбэхтик үлэлээбиппит. Онно сылдьан олоҕун аргыһа Любалыын билсэн, ыал буолбута. Кэнники үчүгэй, кэскиллээх салайааччы буола үүммүтүттэн астынабын.
Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru