Бэрэсидьиэнтэн Саҥа дьыллааҕы бэлэх

Бөлөххө киир:

Саҥа 2021 сылга социальнай эйгэҕэ элбэх уларыйыылар киирэллэр. Ааһан эрэр сылбыт онуоха улахан оруоллаах буолла. Сүрүннээн нэһилиэнньэ кыаммат, кыра дохуоттаах араҥата социальнай өттүнэн көмүскэллээх буоларыгар туһуламмыт миэрэлэр киирдилэр. Босуобуйалар, төлөбүрдэр кээмэйдэрэ кыралаан үрдүүр.

8-гар диэри саастаах оҕолоох ыаллар бэрэсидьиэнтэн Саҥа дьыллааҕы бэлэх туттулар. Ол курдук, барыта 110 тыһыынча оҕо 5 тыһыынча солкуобайы ылан, дьиэ кэргэттэргэ соһуччу үөрүү тосхойдо. Быйыл 3-15 саастаах оҕолоругар пандемиянан сибээстээн судаарыстыбаттан биирдэ бэриллэр көмөнү ылбыт төрөппүттэр, бу саҥа төлөбүргэ сайабылыанньа суруйаллара ирдэммэт.

Өскөтүн оҕо 2020 сыл от ыйын 1 күнүн кэннэ төрөөбүт, эбэтэр, 8-гар диэри саастаах оҕолоох, быйылгы 10 тыһыынча солкуобайдаах көмөнү ылбатах дьиэ кэргэттэр “Госуслуги” портал нөҥүө сайабылыанньа биэриэхтээхтэр. Оҕону иитэ ылбыт дьон, эппэкииннэр, попечитэллэр Биэнсийэ пуондатын сулууспаларыгар 2021 сыл муус устар 1 күнүгэр диэри сайабылыанньа суруйуохтаахтар. Ол эбэтэр, 2021 сыл кулун тутар 31 күнүгэр төрөөбүт оҕо төрөппүттэрэ портал нөҥүө сайабылыанньа биэрэ оҕустахтарына, эмиэ ылыахтарын сөп.

Бу төлөбүр дьиэ кэргэн атын социальнай көмөнү ыларыгар ааҕыллар дохуотугар киирсибэт. Ахсынньы 21 күнүттэн саҕалаан, үгүс дьиэ кэргэттэр 5 тыһыынча солкуобайдаах көмөнү номнуо ыллылар. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу төлөбүргэ 550 мөлүйүөн солкуобайтан тахса үп көрүлүннэ.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0