Бэрэсидьиэн ийэлэри өйөөбүтэ үчүгэй

31.08.2018
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатыыга этиилэрин дьон-сэргэ ырытар, кэпсэтэр.

Анна Никитина, элбэх оҕолоох ийэ:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин дьахталлары, элбэх оҕолоохтору өйөөбүтэ сөп – ийэ уопсастыбаҕа икки ноҕуруускалаах: оҕолорун иитэригэр улахан эппиэтинэһи сүгэр, ону таһынан үлэлиир. Ийэ биир да күн өрөбүлэ, уоппуската суох үлэлиир диэн этэллэрэ сөп – кини хаһан да Ийэ буолан бүппэт, түбүгэ көҕүрээбэт. Онон судаарыстыба өттүттэн өйөбүллээх, көмүскэллээх курдук сананаҕын.

Уопсайынан, бэйэм биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһаталларын утарабын. Бу билигин 50-55 сааска тахсар саамай сөп дии саныыбын. Киһи эрэ барыта 60-гар диэри үлэлиирэ ыарахан. Ордук кыра хамнаска, ыарахан үлэҕэ сылдьыбыт дьон эрдэ кырдьаллар, ыалдьаллар. Биһиги курдук тыйыс усулуобуйаҕа үлэлиир киһи дроубуйатыгар син биир охсуулаах буоллаҕа.

Онон Ил Түмэн дьокутааттара Уһук Хоту үлэлээбит ыстаастаах дьон биэнсийэҕэ тахсар саастарын уларыппакка, оннунан хаалларар туһунан туруорсалларын олус биһирии истибитим. Ити туруорсууну ылынан, биэнсийэ сааһын уларыппакка хааллараллара буоллар, наһаа үчүгэй буолуо этэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0