Бэрэсидьиэн гранын ылбыт бырайыак

15.06.2021
Бөлөххө киир:

Былырыын Бибилэтиэкэлэр кииннэммит ситимнэрин иһинэн үлэлиир «Молодо-зелено” эдэр бибилэтиэкэрдэр түмсүүлэрин “Цифра: этюды для взрослых” бырайыактара РФ бэрэсидьиэнин граннарын иккис күрэһин “Наука, үөрэҕирии, сырдатыы бырайыактарын өйөөһүн” хайысхатыгар кыайбыта. Ол эрээри, пандемия саҕаламмытыгар, үлэлэрин тохтоторго күһэллибиттэрэ.

Бырайыагы “Кинигэ-03” диэн анал бибилэтиэкэлиин кыттыһан оҥорбуттар. Бу бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ инбэлиит, кыаммат, аҕам саастаах дьоҥҥо дьиэлэригэр сылдьан, кинигэ түҥэтэллэр, араас тэрээһиннэри тэрийэн сэргэхситэллэр. Онон кырдьаҕаска-кыаммакка көмөлөһөр, олохторун чэпчэтэр социальнай хайысхалаах үлэлээхтэр. Социальнай үлэһит күнүгэр кинилэр үлэлэрин-хамнастарын, бырайыактарын сырдатар соруктаахпыт.

Оттон бу бырайыак аҕам саастаах, инбэлиит дьону көмпүүтэри баһылыырга, интэриниэти туһанарга, үөрэтэр сыаллаах. Нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар цифровой билии таһымын үрдэтэргэ туһуламмыт. Холобур, “бассаап”, “Инстаграм”, “ЛитРес”, “Умный транспорт”, “2ГИС”, “Госуслуги” курдук туһалаах сыһыарыылары, араас бырагыраамалары сатаан туһанарга үөрэтэллэр. Манна диэн эттэххэ, үгүстэр “бассаапка” статус таһаарары, видеонан кэпсэтэри, бөлөхтөрү тэрийэри, WhatsApp Web бырагыраамаҕа холбонору билбэттэр эбит.

Аҕам саастаах, инбэлиит дьону үөрэтэллэр

Ирина Николаева, бырайыак тэрийээччитэ, “Кинигэ-03” бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ:

— Биһиги бу хаһыс да бырайыакпытын үлэлэтэбит. Бу иннинэ хас да өрөспүүбүлүкэтээҕи граны сүүйбүппүт, ол эрээри федеральнай граҥҥа аан бастакыбытын холоннубут. Таһымнара, ирдэбиллэрэ олус үрдүк эбит. Уопсайа 268 тыһыынча солкуобайы ылан, көмпүүтэр, ноутбук атыылаһан, бырайыакпытын үлэлэтэн эрэрбититтэн үөрэбит.

Үлэбит чэрчитинэн, кырдьаҕастар интэринээт-дьиэлэригэр, социальнай дьиэҕэ, психоневрологическай диспансерга үгүстүк сылдьабыт, олохтоохторун кытары алтыһабыт. Онно “төлөпүөммэр киллэрэн кулу”, “тугу эрэ холбоон, хачайдаан биэр” диэн куруук көрдөһөллөрө. Кинилэртэн үгүстэрэ дьиэттэн да кыайан тахсыбат дьон буоллахтара эбээт.

Онон кырдьаҕастарга, кыамматтарга көмөлөһөр, олохторун чэпчэтэр, сэргэхситэр сыалтан, маннык бырайыагы толкуйдаабыппыт. Биллэн турар, пандемия улаханнык мэһэйдээтэ. Бастаан бу социальнай көмүскэл дьиэлэригэр баран, бөлөх хомуйан, хас да сиринэн үөрэтэр былааннаах этибит. Интэринээт-дьиэлэр, психоневрологическай диспансер сабыллан хааланнар, атын суолу толкуйдуурга күһэллибиппит.

Бэйэбит бибилэтиэкэбит иһинэн үлэлиир кулууппутугар онлайн көрүҥүнэн ыытан, боруобалаан көрбүппүт эрээри, сатамматаҕа. Интэриниэт диэни үчүгэйдик билбэт, өйдөөбөт дьону хайдах интэриниэт нөҥүө үөрэтиэххиний?

Үлэбит үчүгэй түмүктээх буоларыгар кыһаллабыт”

— Билигин хайдах үлэлии сылдьаҕыт? Төһө киһи үөрэннэ?

— Муус устар ыйтан “Аврора” килииникэ иһинэн Чэбдигирии киинигэр бөлөх арыйан, үөрэтэ сылдьабыт. Манна кинилэр күнүскү стационарга сылдьаллар, доруобуйаларын чэбдигирдэллэр. Нэдиэлэҕэ үстэ тиийэн, үөрэтэбит. Икки нэдиэлэ устата 6 уруок буолар. Барыта 5 бөлөх үөрэннэ. Биһиэхэ 4 волонтер баҕа өттүнэн көмөлөһөр.

Хас биирдии киһи баҕатын учуоттаан, тус бэйэтин төлөпүөнүгэр, ноутбугар бырагыраамалары, сыһыарыылары туруоран, өйдөөбөтөҕүнэ, судургутук быһааран, барытын көрдөрөн биэрэбит. Саастаах дьоҥҥо быһаарар ыарахан, тутан-хабан көрдөхтөрүнэ эрэ, өйдүүллэр. Сорохтор олус боростуой төлөпүөннээх буолаллар.

Биһиги бу үлэбит сүрүн бириинсибэ – ылсан баран, түмүктээх буоларын ситиһиэхтээхпит. Буоллун-хааллын эрэ диэн, үрдүнэн-аннынан үөрэппэккэ, дьон өйдүүрүн, олоҕор чахчы туһанарын туһугар кыһаллабыт. Ол иһин хас биирдиилэрин кытары ыкса үлэлэһэбит.

Үөрэх кэнниттэн олус үөрэллэр, саҥа сатабылларыттан астыналлар, махтаналлар. Холобур, хаартыскаларынан коллаж, видеонан ролик оҥорорго үөрэнэн, муусукалаан, суруйан баран, аймахтарыгар, “бассаап” бөлөхтөрүгэр тарҕаталлар. Бастакы бөлөххө 88 саастаах Елена Николаевна үөрэммитэ, төлөпүөнү, интэриниэти баһылаан, олус астыммыта. Кинилэр үөрбүт харахтарын көрөн, биһиги үлэбит халтайга буолбатаҕар итэҕэйэбит.

Кыттааччылар санаалара

Элбэх саҥаны биллибит”

Светлана Захарова, биэнсийэлээх:

— Ольга Тебенькова көмпүүтэргэ, суотабай төлөпүөҥҥэ олус тулуурдаахтык, кыһамньылаахтык үөрэттэ. Бастаан тугу да сатаабат этим. Волонтердар олус амарах санаалаахтар, үтүө сыһыаннаахтар. Элбэх саҥаҕа, туһалаахха үөрэнним, урут сатаабатахпын сатыыр буоллум. Бу олус үөрүүлээх! Бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр, волонтердарга махтал!

Августа Скрыбыкина:

— Наһаа үчүгэйдик үөрэппиттэригэр волонтердарга, бибилэтиэкэрдэргэ махтанабын. Бу курдук куруук күүс-көмө буола туруҥ, үүнүҥ-сайдыҥ диэн алгыспын аныыбын, доруобуйаны, дьолу, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!

Манна даҕатан эттэххэ

Кинигэ-03” анал бибилэтиэкэ инбэлиит уонна саастаах дьону култуурунай-аралдьытар тэрээһиннэргэ кытыннаран, социокултуурунай реабилитацияны баралларыгар көмөлөһөр. Дьокуускай куоракка социальнай дьиэлэргэ тиийэн патронажнай хааччыйыыны тэрийэр соҕотох бибилэтиэкэ буолар. «Лучший город СНГ и ЕврАзЭС» IV норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус кыайыылааҕа.

Бибилэтиэкэ өҥөтүнэн социальнай көмүскэл тэрилтэлэрэ көхтөөхтүк туһаналлар. Онуоха психологияҕа, коррекционнай педагогикаҕа, социальнай үлэҕэ туһуламмыт уонна олох ыарахаттарын туоруурга, бэйэ сыаннаһын үрдэтэргэ көмөлөөх мотивационнай кинигэлэри анаан атыылаһан, туспа пуонда тэрийбиттэрэ. Ону тэҥэ, ааҕааччылар бэйэ-бэйэлэрин кытары билсиһэллэригэр, дьиэҕэ бүгэн олорон хаалбаттарыгар, күннэтэ сайдарга, билиини хаҥатарга кыһаллалларыгар туһаайан үгүс үлэни ыыталлар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

Хаартыска: «Кинигэ-03» бибилэтиэкэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0