Бэрэсидьиэн граннарын пуондатын күөн күрэһин түмүгэ тохсунньу 4 күнүгэр биллибитэ.
Арассыыйа үрдүнэн күөн күрэскэ 10 тыһыынчаттан тахса сайаапка киирбититтэн, түмүккэ икки тыһыынча талыллыбыт. Өйөбүл уопсай суумата 4,2 млрд солкуобай.
СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ Бэрэсидьиэн граннарын пуондатын куонкуруһугар кыайыылаахтары эҕэрдэлиир. 32 бырайыак кыайыылаах буолла, уопсай суума 40 049 822 солк., бу Саха сирин социальнай хайысхалаах кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэрин (СО НКО) саҥа рекордунан буолар. Маны таһынан, Уһук Илин федеральнай уокурукка өрөспүүбүлүкэ өйөбүлү ылбыт бырайыактарынан бастакы миэстэҕэ таҕыста.
«Укрепление межнационального и межрелигиозного согласия» хайысхаҕа 4 бырайыак өйөбүлү ылла.
СӨ норуоттарын оҕолорго ассамблеята бырайыак «Этнокультурный видеомост «ВКонтакте с народами — Диалог культур» бырайыагынан Пуонда гранын ылла.
Бырайыак чэрчитинэн, Мииринэй к. Светлай уонна Чернышевскай бөһүөлэктэригэр эбии үөрэхтээһин киинин баазатыгар медиабылаһаакка тэриллэр. Видеонан сибээскэ (видеомост) музыкальнай народнай үстүрүмүөннэргэ үөрэтиигэ маастар-кылаастар, «Я — будущее России» төгүрүк остуолга норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан, билиини-көрүүнү биэрэр, аралдьытар квиз, национальнай көстүүмнэргэ дефиле ыытыллыахтара.
СӨ норуоттарын Ассамблеятын Мииринэйдээҕи салаатын бырайыага «Мирнинский район — территория мира и дружбы» пуонда гранын (494 090 солк.) ылла.
Бырайыак тэрээһиннэрэ Мииринэй оройуонугар миграннар адаптацияланалларыгар көмөлөһөр соруктаахтар: иһитиннэрэр-биллэрэр көмөнү оҥоруу, култуурунай тэрээһиннэри тэрийии, сокуоҥҥа сыһыаннаах билии-көрүү сэминээрдэрин тэрийии.
Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар көс олохтоох общиналарын бырайыактара — «Пусть звучит родной язык!» 499 355 солк.граны ылары ситистэ.
Эбэҥки тылыгар уонна култууратыгар сыһыарар, болҕомтону тардар, угуйар, уһуйар туһуттан, Нерюнгри оройуонун Иенгра сэлиэнньэтиттэн 80 км тэйиччи сиргэ оҕолорго тылы үөрэтэр сайыҥҥы лааҕыр тэриллэр. Лааҕыр үлэтин кэнниттэн оҕолор Иенграҕа оскуолаҕа ыытыллар кэмпириэнсийэҕэ презентация оҥороллор.
«Сохранение исторической памяти» хайысхаҕа Өлүөхүмэ оройуонун Ассамблеятын бырайыага «Олекма многонациональная» 227 065 солк.суумалаах граҥҥа тигистэ.
Виртуальнай музей тэрийэр баҕалаахтар. Онно быыстапкалар, куонкурустар ыытыллыахтара. Итинэн Өлүөхүмэ оройуонун норуоттарын олохторун-дьаһахтарын, үлэлэрин-хамнастарын, култуураларын туһунан дьон-сэргэ билиэҕэ.
«Поддержка проектов в области культуры и искусства» хайысхаҕа Нерюнгри куораттан «Саха аймах» уопсастыбаннай хамсааһын бырайыага «Передвижной этнографический культурно-образовательный музей-павильон «Мир саха» 500 000 солк.граны ылары ситистэ.
Музей-павильоҥҥа үлэҕэ-хамнаска, олоххо-дьаһахха туттуллар үгэс буолбут мал-сал, киэргэл, сиэргэ-туомҥа туттуллар мал, саха норуотун литературата баар буолуохтара. Маны сэргэ, тэрийээччилэр саха норуотун фольклорун үөрэтиигэ, саха тылыгар, хомуска оонньуурга маастар-кылаастары тэрийэн ыытыахтара.
«Поддержка проектов в области культуры и искусства» хайысхаҕа Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар көс общиналарын бырайыага («Создание этнокультурного летнего лагеря «Эжан») граҥҥа тигистэ (484 094 тыһ. солк).
Бырайыакка Эдьээнтэн 30 км тэйиччи сыл ахсын үлэлиир сайыҥҥы лааҕыр туһунан этиллэр. Манна оскуола үөрэнээччилэрэ үгэстийбит үлэни-хамнаһы, национальнай куукунаны уонна эбээн норуотун фольклорун кытары билсэллэр. Ол кэнниттэн оскуолаҕа оҕолор лааҕырга оҥорбут үлэлэрин быыстапката, кэмпириэнсийэ тэрийэр былааннаахтар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1