Бэрэсидьиэн Анал этиитигэр эрэгийиэннэр иэстэрин туһунан этэрэ күүтүллэр

Ааптар: 
21.04.2021
Бөлөххө киир:

Кремль иһинээҕи сонуннары билэр дьон этэллэринэн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Анал этиитигэр хас даҕаны улахан көҕүлээһин эрэгийиэннэр иэстэрин реструктуризациятыгар ананара күүтүллэр.

Эрэгийиэннэр иэстэрэ 2021 сыл кулун тутар 1 күнүгэр 2 триллион 437 миллиардка тэҥнэһэр. Олортон 530 миллиарда кэммиэрчэскэй бааннар иннилэригэр иэс. Ону таһынан 365 миллиард солкуобайы муниципальнай тэрилтэлэр иэс ылан олороллор. Маннык сүгэһэрдээх Федерация субъектара национальнай сыаллары толорууну ситиһэллэрэ улахан уустуктардаах курдук көстөр.

Мунньуллубут иэһи реструктуризация көмөтүнэн “ыраастааһын” эрэгийиэн былаастара төһө ситиһиилээхтик үлэлииллэриттэн көрөн ыытыллара көһүтүллэр, иэс сорох өттүн бүддьүөттэн утары көмө быһыытынан сотуохтарын сөп. Ону таһынан «Стратегия-2020» былааны туттуу ньымата уларытыллара күүтүллэр. Өссө биир сүҥкэн суолталаах хайысха, экэниэмикэ секторыгар көмөнөн дьадайыыны утары охсуһуу. Бу хайысха чэрчитинэн, дьоҕус уонна орто биисинэскэ “ковид” чэпчэтиилээх кирэдьииттэрин түҥэтии салҕанара күүтүллэр, ону таһынан нэһилиэнньэ кыаммат араҥаларын өйүүр саҥа анал бырагыраамалар олоххо киирэллэрэ күүтүллэр.
Социальнай инвестициялар кээмэйдэрэ кырата 800 миллиард солкуобай буолаллара күүтүллэр, ол эрээри үбүлээһин сууматын бигэргэтии үлэтэ билигин даҕаны бара турар диэн этиллэр. Центробанк уонна Үп министиэристибэтэ нэһилиэнньэни уонна дьоҕус урбааны улахан үбүлээһининэн өйөөһүн оруннааҕын саарбахтыыллара биллэр.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска РИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0