Бэрэпиэссэр Ульяна Винокурова саҥа үлэтин билиһиннэрдэ

Ааптар: 
10.04.2020
Бөлөххө киир:

Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы институтун (АГИКИ) бэрэпиэссэрэ Ульяна Винокурова саҥа үлэтин билиһиннэрдэ.

Аан дойдуга дьаҥ-дьаһах сатыылаан турдаҕына, тэйиччиттэн олорон үөрэнии боппуруоһа турда. Наука уонна үөрэхтээһин эйгэтигэр саҥа научнай хомуурунньук, хачыстыбалаах үөрэнэр кинигэ тахсыыта мэлдьи үтүө түгэнинэн буолар. Билигин дьон саҥа көлүөнэ үөрэх кинигэлэригэр наадыйыылара күн-түүн улаатан иһэр. Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы институтун бэрэпиэссэрэ, социология дуоктара, “Саха сирин сыл бастыҥ киһитэ” бириэмийэ лауреата Ульяна Алексеевна Винокурова ааптардартан биирдэстэринэн буолбут бырайыагын билиһиннэрдэ. Ол курдук, “Юрайт” кинигэ кыһатыгар “Отраслевая социология” хомуурунньук күн сирин көрдө.
Кинигэни таһаарыыга дойду 25 үрдүк үөрэх кыһатыттан 39 биллэр учуонай кыттыбыт. Хомуурунньук 41 бастан турар уонна гуманитарнай идэлэргэ үөрэнэр устудьуоннарга үөрэнэр-методическай босуобуйа быһыытынан билиниллибит. Ульяна Алексеевна Винокурова кыттыгас ааптар быһыытынан икки баһы суруйбут: “Социология кросс-культурных отношений” уонна “Этническая социология: культурологический и социолингвистический аспекты”.
Бырайыагы көҕүлээччилэринэн А.И.Герцен аатынан РГПУ бэрэпиэссэрэ Валерий Зарубин уонна РАНХ уонна ГС управлениетын Хотугулуу-Арҕааҥҥы институтун бэрэпиэссэрэ Владимир Семенов буолаллар.
Хомуурунньук олус хомоҕой тылынан, бэйэ билиитин хаҥатарга анаан суруллубут.
Кинигэ “Юрайт” үөрэх платформатыгар электроннай таһаарыы быһыытынан киирэ сылдьар уонна биллэр кинигэ саайтарыгар суруллубут. Үрдүк хаачыстыбалаах кумааҕыга бэчээттэммит. Үөрэх босуобуйата тахсыыта наукаҕа бэлиэ түгэнинэн уонна биллэр социолог учуонайдар үлэлэрин түмүгүнэн буолла. Бу кинигэҕэ ааптардартан биирдэстэринэн Саха сирин биллэр учуонайын Ульяна Винокрова аата баарыттан киэн туттабыт.

Бэлэмнээтэ Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат.
Хаартыска: Е.Григорьева тиксэриитэ

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0