Бу күннэргэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээх бөһүөлэгин Таралҕан күөлүгэр күүтүүлээх каток арылынна.
Бу туһунан Бэрдьигэстээх нэһилиэгин ыччакка, култуураҕа уонна спортка агенствотын исписэлииһэ Роман Дмитриев бу курдук иһитиннэрэр:
— Бу үтүө үгэс олохтоммута хас да сыл буолла. Оҕо-аймах, ыччат катокка күргүөмүнэн кэлэн, сааскы салгыҥҥа эттэрин-хааннарын чэбдигирдэллэр.
Кытайга кыһыҥҥы олимпиада оонньууларын сабыллыытыгар сөп түбэһиннэрэн, олунньу 20 күнүгэр Бэрдьигэстээх киинигэр Таралҕан күөлгэ өр кэмҥэ дьиэҕэ олорбут дьон сибиэһэй сааскы салгынынан дуоһуйа тыыналлар, хаҥкылыыллар.
Олохтоох ыччаттар хаары ыраастаан, Бэрдьигэстээх дьаһалтатын ыччакка, култуураҕа уонна спортка агенствотын исписэлииһэ Роман Кардашевскай бэйэтин илиитинэн 100-тээх турбанан оҥорбут анал ууну ыһар тэрилинэн күөл үрдүн муус килээҥкигэ кубулуттулар.
Түгэнинэн туһанан, олохтоохтор сыл аайы төһүү күүһүнэн буолар «Горнай-АвтоДорга», «СахаСпецТранс» тэрилтэ салайааччыларыгар истиҥ махталларын тиэрдэллэр.
Ый аҥара кыһыҥҥы олимпиаданы дьиэлэригэр олорон көрбүт, дойдубут спортсменнарыгар долгуйа ыалдьыбыт Бэрдьигэстээх олохтоохторо билигин тэлэбиисэртэн тэйэн, кыралыын-улаханныын Таралҕан күөлүгэр мустар буоллулар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыскалары Ксенья Васильева тиксэриитэ.