Бэрдьигэстээхтэр ититиигэ холбонон эрэллэр

28.01.2018
Бөлөххө киир:

Бэрдьигэстээххэ  С П. Данилов аатынан орто оскуола хочуолунайыттан  магистральнай ситимҥэ холбонуу саҕаланна.


Ленин уулуссатыгар баар 9-с нүөмэрдээх  уопсай дьиэ ититиигэ холбонно. Салгыы Строд уул. 19, Ленин уул. 11-гэр  ититии ситимин холбонуута ыытыллар. Саҥа модульнай хочуолунайы  таҥыы үлэтэ бара турар. РИК хочуолунайыгар 24:00 чааска саҥа хочуолу туруоруу үлэтэ түмүктэнэр.ОДьКХ ГУП  75 үлэһиттэрэ үлэлии сылдьаллар. 21 :15 чаастан «Бэрдьигэс»  телестудия нөҥүө аһаҕас эфир ыытыллар.

Василий АЛЕКСЕЕВ, Горнай, edersaas.ru   сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0