Бэрдьигэстээххэ быйыл оскуола тутуллан киириэҕэ (видеолаах)

Бөлөххө киир:

Быйыл Бэрдьигэстээххэ 550 миэстэлээх саҥа оскуола тутуллан киириэҕэ. Билигин үөрэнээччилэр 350 миэстэлээх эргэ мас дьиэҕэ үөрэнэллэр. Онон икки симиэнэҕэ үөрэнэргэ күһэллэллэр. Саҥа оскуолаҕа биир симиэнэнэн үөрэниэхтэрэ.

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Горнай улууһугар үлэлиир. Оскуола тутуутун билсэн, тутааччылары кытары кэпсэтэн  баран, кини:

Оскуола тутуута кыраапыктан хаалбакка иһэр эбит. Бу Бэрдьигэстээҕи киэргэтэр тутуулартан биирдэстэрэ буолсу. Манна оҕолор бары өттүнэн сайдалларыгар, билии ылалларыгар үчүгэй усулуобуйа баар буолуо диэн эрэнэбин, — диэн эттэ.

Билигин оскуола дьиэтэ 47% тутуллубут. 2022 сыл төрдүс кыбаарталыгар тутуллан бүтүөхтээх. Билигин көҥдөйө бүппүт, тас истиэнэтин оҥоро сылдьаллар. Спортивнай саалаларга, аактабай саалаҕа тимиринэн таҥыы үлэтин саҕалаатылар. Аныгылыы тииптээх, киэҥ-куоҥ, сырдык, тупсаҕай көстүүлээх буолуохтаах.  Оскуола муниципальнай-чааһынай партнерство бырагырааматынан тутуллар.

С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээхтээҕи орто оскуола дириэктэрэ Маргарита Константинова этэринэн, сэлиэнньэҕэ 662 үөрэнээччи баар. Онон оскуола икки симиэнэнэн толору үөрэнэр, эбии үөрэхтээһини уонна куруһуоктары, дьарыктары ыытарга кылаастар тиийбэттэр. Оттон бу саҥа таас оскуола бырайыагар икки улахан спортивнай саала уонна стадион киирэ сылдьар эбит. Онон бэрдьигэстээхтэр үөрэх кыһата тутуллан бүтэрин үөрэ, эрэнэ кэтэһэллэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0