Бэрдьигэстээххэ өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтэ ыытыллар

Бөлөххө киир:

Бу субуотаҕа, ол эбэтэр балаҕан ыйын 10 күнүгэр, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтэ ыытыллаары турар.

Ат сүүрдүүтэ Бэрдьигэстээх ипподромугар күнүс 15:00 чаастан саҕаланар. Киириитэ босхо.

Горнай улууһун дьаһалтата иһитиннэрбитинэн, ат сүүрдүүтүгэр  кытталлар:

 1000 миэтэрэҕэ

1.Максимус Тайм (Горнай), тренер Варламов Э.М.
2.Грин Кард (Нам), тренер Васильев А.В.
3.Лансье (Уус Алдан), тренер Петров В.В.

1600 миэтэрэҕэ

1.Борисоглебск (Горнай), тренер Варламов Э.М.
2.Байсар Барс (Сунтаар), тренер Васильев С.С.,
3.Магриб (Мэнэ Ханалас), тренер Тимофеев С.В.,
4.Торреро (Амма),  тренер Громов Н.Н.

2400 миэтэрэҕэ

1.Крит (Мэҥэ Хаҥалас), тренер Тимофеев С.В.,
2.Эйр Бен Барс (Уус Алдан), тренер Петров В.В.
3.Мэйн Кониг (Чурапчы), тренер Осипов Д.С.
4.Брокер Барс (Мэҥэ Хаҥалас), Тренер Тимофеев С.В.
5.Квит (Үөһээ Бүлүү).

3200 миэтэрэҕэ

1.Райзинг Кинг (Горнай), тренер Варламов Э.М.
2.Страйкбол (Хаҥалас), тренер Ушницкай И.И.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0