Бэрдьигэстээххэ үлэ-хамнас тигинээн олорор

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ күөх төлөн киириитин үөрүүлээх тэрээһинэ саас Ил Дархан Айсен Николаев кыттыылаах буолбута.

Кулун тутарга уонча ыалга күөх төлөн киирбитэ, билигин 16 дьиэ гааска холбонно, 416 тиэргэҥҥэ ситим киирэн бэлэм турар, өссө 300 ыал тэхиньиичэскэй усулуобуйаны илиитигэр тутан олорор.
«Күөх төлөн 2007 сыллаахха Бэс Күөлгэ кэлиэҕиттэн күүтэбит. Киин ититэр тиһиккэ холбонуохха диэри, оһох оттор этибит. Гааска холбонуу барыстаах, сайыҥҥы ыйдарга төлөөбөккүн. Өссө бэйэҥ баҕаҕынан сылытаҕын. Сөрүүн дии санаатыҥ да, хочуолгун холбуугун. Оттон киин ититэр тиһиккэ оннук суох, саас, күһүн тоҥоҕун. Миэхэ Дьокуускайтан гааһы үллэрэр ситим управлениетын үлэһиттэрэ хочуолу босхо аҕалбыттара, бэйэлэрэ таҥан туруорбуттара», — диир Бэрдьигэстээх олохтооҕо Борис Андреев.
Максимовтар дьиэ кэргэн: «Саҥа дьиэбит тута гааска холбоноро биһиэхэ олус үчүгэй. Бу сайын дьиэбитигэр киирэр былааннаахпыт», — диир эдэр ыал аҕа баһылыга Олег Максимов.
Бэлиэтээн эттэххэ, тустаах управление үлэни барытын толорор. «Туһанааччы сайаапкатынан монтажтан саҕалаан гаас холбонуутугар тиийэ оҥорон биэрэбит. Маныаха абонент наадалаах тэрилин бэйэтэ көрдөөбөт», — диэн СТГО начаалынньыга Александр Чупров быһаарар. Билигин кинилэр Бэрдьигэстээххэ үлэлииллэр.
«Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэниини сэргэ, Бэрдьигэстээххэ күөх төлөнү киллэрии үлэтэ көхтөөхтүк ыытыллар. «Улахан түбүктээх-садьыктаах кэм. Бэрдьигэстээххэ өссө үлэбитинэн управлениебыт спартакиадата ыытыллыахтаах. Кэлэктииппит дьоно бары анал тэхиньиичэскэй үөрэхтээхтэр. Нэһилиэнньэлээх пууннары холбоон барыта 16 киһилээхпит. Үлэ элбииринэн көрөн штаты улаатыннарыахпыт. Үлэлиэн баҕалаах элбэх, 50 резюме киирбитэ», — диир улуустааҕы ЭГУ начаалынньыга.
Бэрдьигэстээххэ үлэ-хамнас оргуйан олорор. Успуорт уонна күөх төлөн өрүү бииргэлэр.  Маныаха «Сахатранснефтегаз» АУо мээнэҕэ спортивнай хампаанньанан ааттаабаттар. Урукку өттүгэр хампаанньа РФ «Нефтегазстройпрофсоюз» Саха сиринээҕи салаатын күрэхтэһиилэригэр кыайыылааҕынан тахсара.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0