Бэрдьигэстээххэ IT-киин аһылынна

Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи  кэмҥэ Саха сиригэр IT-технологияны баһылааһын күүскэ барар. Бу салааны сайыннарарга аналлаах кииннэр улуустарга аһыллан үлэлииллэр.

Ол курдук бэҕэһээ, сэтинньи 12 күнүгэр, Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ  IT-киини үөрүүлээх быһыыга-майгыга астылар. Санатар буоллахха, бу  өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 11-с киин буолар.

«Улууска  сыыппара технологията күүскэ киирэр. Онно аналлаах үлэни тиһигин быспакка ыыталлар. Нэһилиэктэргэ барыларыгар түргэн интэриниэт баар. Дудкин аатынан сибээс кэллиэһин базатыгар олоҕуран,  оскуолаҕа IT-кылаас арыллара ситиһиллибитэ.  Итинтэн сиэттэрэн кэллиэс филиалын аһан үлэлэтэр былаан баар», — диэн  СӨ инновацияҕа миниистирэ Анатолий Семенов быһаарар.

Бэрдьигэстээхтээҕи  кииҥҥэ  IT куурустар,  сэминээрдэр, куонкурустар былаан быһыытынан тэриллиэхтэрэ.

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0