Бэрдьигэстээххэ ийэлэргэ туой оҥоһукка маастар-кылаас буолла

Ааптар: 
26.11.2023
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа Ийэ күнүн чэрчитинэн Горнай улууһугар Бэрдьигэстээх бэтэрээннэрин түмсүүлэрин тэрийиитинэн «Күбэйэ» туойунан охсуу мастарыскыайыгар  70 саастарын  ааспыт аҕам саастаах  дьонҥо маастар-кылаас буолан ааста.

Бу туһунан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Ксения Васильева сырдатта:

Бырайыак ааптардара  мин уонна  Майаана Моруот аҕам саастаах дьоммутун мунньан, туойунан баҕарбыт оҥоһуктарын икки чаас устата оҥортордубут. «Күбэйэ» мастарыскыай сатабыллаах маастардара  Нина Саввина, Дария Никифорова сүбэ-ама буолан көмөлөстүлэр. Ыалдьыттарбыт итии чэй иһэ-иһэ, ирэ-хоро кэпсэттилэр,  санааларын атастастылар. Маннык тэрээһин саастаах дьон дьиэҕэ олорон хаалбакка, үөлээннээхтэрин кытта алтыһаллара олус туһалааҕын бэркэ диэн өйдүүбүт, өйүүбүт. Бу күн «Күбэйэҕэ» 15 далбар хотун кэлэн ыалдьыттаата. «Өссө да  манна кэлэн үөлээннээхтэрдиин алтыһарга бэлэммит. Тэрийээччилэргэ махтал» диэн тарҕастылар аҕам саастаах дьоммут.  Бу тэрээһин — бастакы түһүмэхпит.  Кэлэр ыйга «Уларыйыы», ретро-биэчэр, куоракка испэктээк көрө барыы тэрээһиннэрин ыытыахпыт. 

… Ити курдук, аттыбытыгар баар саастаах дьоммут олохторугар үөрүү, сырдык кыымы саҕар дьоро күннэр элбии туралларыгар баҕарабыт. Горнайдар бу тэрээһиннэрэ атын улуустар нэһилиэктэригэр уопут атастаһыытын курдук буоллун!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0