Саха сиригэр «Формирование комфортной городской среды» федеральнай бырагыраама иитинэн, өссө биир ураты көстүүлээх дьон-сэргэ сынньанар искибиэрэ үлэҕэ киллэрилиннэ. Ол курдук, от ыйын 23 күнүгэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр «Эйэ» искибиэр аһылынна.
edersaas.ru
Искибиэр үөрүүлээх аһыллыытынан улуус олохтоохторун Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.
«Мин куруук этэбин, дьон тыа сириттэн көспөттөрүн туһугар миэстэтигэр табыгастаах усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит диэн. «Формирование комфортной городской среды» федеральнай бырагырааманан тыа сиригэр, ол эбэтэр Бэрдьигэстээххэ «Эйэ» искибиэрэ бастакы тутуллубут эбийиэгинэн буолар«, — диэтэ Ил Дархан.
«Формирование комфортной городской среды» бырагыраама 2017 сылтан үлэлиир. Бастаан утаа тутуу Дьокуускай куоракка эрэ ыытыллара.
Бэрдьигэстээхтээҕи искибиэргэ амфитеатр, оҕо оонньуур былаһаакката, спортивнай зона, скейт-былаһаакка, фудкортар, павильон бааллар.
Санатан эттэххэ, туһааннаах бырагырааманы олоххо киллэриигэ Саха сиригэр 2020 сылга 347 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Мантан 276 мөл. солк. федеральнай, 24 мөл. солк. өрөспүүбүлүкэ уонна 46 мөл. солк. муниципальнай бүддьүөттэртэн.
edersaas.ru