Бэрдьигэстээххэ бэлиэ күн

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэрдьигэстээххэ (Горнай улууһа)  Дария Жирковаҕа анаммыт бюст туруорулунна.

Бочуоттаах гражданнарга анаммыт искибиэргэ дьон-сэргэ тоҕуоруста. СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова  нэһилиэнньэ социальнай-бытовой олоҕун сайдыытыгар Дария Никифоровна Жиркова улахан өҥөлөөҕүн, үлэлээбит сылларыгар социальнай хааччыйыы үлэтэ биллэ кэҥээбитин, сайдыбытын, элбэх боппуруоска дьоһун үлэни ыыппытын, ситиспитин ыйда. Салгыы бу министиэристибэ аатыттан эҕэрдэтин улуустааҕы управлениены салайар Айталина Филиппова тиэртэ.
Дария Жиркова САССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Горнай улууһун Бочуоттаах гражданина, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера, САССР 1985-1989 сс. социальнай хааччыйыы миниистирэ. Бу туһунан СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0